Үлэтэ — халлаан  куйаарынан көтүү…

Үлэтэ — халлаан  куйаарынан көтүү…

28.10.2023, 12:00
Бөлөххө киир:

Урукку сылларга үгүспүт саха ыччата лүөччүк идэтин баһылаан, сөмөлүөттэргэ өссө хамандыыр буоллаҕына, дьиҥ үөһэттэн айдарыылаах, дьонтон олох ураты өйдөөх киһи курдук ылынар этибит.

Хаартыскаҕа -- лүөччүк Иван Бурнашёв

Туох кистэлэ кэлиэй, билигин да оннук өйдөбүл иҥэн хаалбыта баар суол. Ол эрээри кэлиҥҥи сылларга үгүс ыччат лүөччүк, авиатиэхиньик курдук идэлэри хото баһылаан, төрөөбүт дойдутугар төннөн кэлэн үлэлиир. Соторутааҕыта Маҕан аэропордугар тиийэн матырыйаал оҥоро сылдьан, ону илэ көрөн итэҕэйэн турабын. Өссө аһара элбээннэр, куонкуруһунан үлэҕэ ылыллар буолбуттар этэ.

Ыччаттарбытынан киэн туттуу санаатынан кынаттанан, көтөр аал хамандыырын быһыытынан өрөспүүбүлүкэ устун эрэ буолбакка, Уһук Илин эрэгийиэннэринэн көтө сылдьар эдэр киһи туһунан билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Бүгүҥҥү “Итии чэйгэ” ыалдьыттыыр “Якутия” авиахампаанньа Bombardier DHC‑8 Q300 сөмөлүөт хамандыыра Иван БУРНАШЁВ.

Төрөппүт иитиитэ

 Иван Иванович, эн Уус Алдан Өспөҕүттэн төрүттээххин билэбин. Улуус биир кытыы кыра нэһилиэгиттэн Уһук Илин эрэгийиэннэригэр тиийэ көтө сылдьар Bombardier DHC‑8 Q300 курдук көтөр аал хамандыырыгар тиийэ үүммүккүттэн кэпсэтиибитин саҕалыах. 32 саастаах эдэр киһи бу маннык дуоһунаска тиийэ сайдыытыгар ким олугу уурбутай?

— Биллэн турар, төрөппүттэрим буоллаҕа. Аҕам Иван Алексеевич физика уонна математика учуутала, ийэм Маргарита Николаевна бэтэринээр идэлээхтэр. Кыра эрдэхпиттэн туочунай наукаларга сыстаҕас буоларга ииппиттэрэ туһалаатаҕа. Ол да иһин буолуо, оскуолаҕа саамай сөбүлүүр биридимиэттэрим математика уонна физика этэ.

Дьиэ кэргэнин кытта 

Оскуолабын бүтэрэрбэр биир кэлим эксээмэннэрбин үчүгэйдик туттарбыт буолан, баалым үрдүк этэ. Саамай үчүгэйэ диэн, биһиги оскуоланы бүтэрэрбит саҕана ханна баҕарбыт үөрэххэр докумуону биэрэр көҥүл этэ. Ол кэннэ талаҕын, ханна киирэргин. Мин биэс-алта үөрэххэ туттаран, барытыгар киирбитим эрээри, Санкт-Петербурдааҕы гражданскай авиация университетын талбытым. Ол эрээри сотору кэминэн миигин ыҥыран ылан, “миэстэ туолан хаалла, эн Оренбург уобалаһыгар баар Бугуруслааннааҕы летнай училищеҕа киир” диэн эппиттэрэ. Мин ол орто үөрэх кыһатыгар “Аэродинамика”, “Авиационная метеорология”, “Система воздушного судна” диэн биридимиэттэр баалларын көрөн баран, сөбүлэспитим.

Сөптөөх быһаарыныы
Хамандыыр көтүүгэ бэлэм

2009 сыллаахха үөрэххэ киирбитим, сотору буолан баран, аармыйаҕа сулууспаҕа ыҥырыллыбытым. Онно Т‑80 тааҥка 3‑с кылаастаах мэхээнньик-водителэ идэни баһылаабытым. Биир сыл сулууспалаан баран, Саҥа дьыл саҕана аармыйаттан босхолоноот, дойдубар төрөппүттэрбин көрсө барбытым. Ол сылдьан үөрэхпин быраҕыах санаа кэлбитэ. Хайдах эрэ үөрэххэ киириибэр үөрэнэр кыһабар сөмөлүөттэр аҕыйахтара, үөрэххэ ирдэбиллэрэ соччо суоҕа сэрэхэдиппитэ. Ол мунаара сырыттахпына, сурук тигинээн кэлбитэ. “Эйигин үөрэххэр күүтэбит. Училищебыт Санкт-Петербурдааҕы авиационнай университет филиалыгар уларыйда, саҥа дириэктэр кэллэ” диэн бииргэ үөрэммит уолаттарым суруйбуттар этэ. Мин “Полярные авиалинии” авиахампаанньаттан тус сыаллаах дуогабардаах этим. Онон кэлэр-барар бырайыаспын кинилэр уйунар буолан, үөрэхпин салгыырга санаммытым. Тиийбитим, кырдьык, атын хартыына буолбут. Сүрүннээн лүөччүктэри бэлэмнээн таһаарыыга кытаанах ирдэбил турбут. Училище дириэктэринэн Арассыыйа үтүөлээх пилота, Санкт-Петербурдааҕы гражданскай авиация университетыгар тэрийэр үлэҕэ уонна көтүүнү хааччыйар үөрэххэ улахан уопуттаах салайааччы Сергей Степанов анаммыт этэ. Биһиги үөрэнэр сылларбытыгар аэродроммутугар Cessna‑172S, Diamond DA 40NG (Tundra Star), Diamond DA 42NG сөмөлүөттэри аҕалбыттара. Онон мин баҕа санаам туолбута — көтүүгэ олохтоохтук бэлэмнээһин саҕаламмыта. Быраактыката элбэх буолан, улам үөрэхпэр ылларан, сөбүлээн барбытым. Дьиҥэр, 1‑кы куурустан көтүөхтээх эбиппит. Онон сүрүннээн түөрүйэни үөрэтэн баран, 3‑с куурустан көтөн саҕалаабыппыт. 140 чааһы көтүөхтээх этибит.

Саха сиригэр хайалаах улуустарга көтүү ураты болҕомтону эрэйэр. Холобура, Өймөкөөн улууһун киинэ Уус Ньара үрдүк хайалардаах сир. Хайа хапчааныгар турар буолан, көмпүүтэр ыйынньыга суох, тус хараххынан көрөн көтөр балаһаны булларан түһэҕин. Онон күн-дьыл туруга онно улахан оруоллаах. Депутатскайга хайалардаах буолан, сөмөлүөтү түһэриигэ эмиэ ураты ирдэбили тутуһаҕын.

Ан‑2 — эрэллээх сөмөлүөт
— Бастакы көтүүгүн өйдүүгүн дуо?

— Өр күүппүт түгэним буолан буолуо, олох умнубаппын. Ан‑2 сөмөлүөт инструктора Геннадий Матузогу кытта көппүтүм. Олох долгуйбатаҕым. Арааһа, үөрэтиилэрин хаачыстыбата дьайдаҕа. Уопсайынан, Ан‑2 — куттала суох көтүүгэ бастыҥ сөмөлүөтүнэн аатырар. Үгүс сөмөлүөт кынаттарын диэки ыйааһыннарын түһэрэн саахалланаллар. Оттон Ан‑2 сөмөлүөт түһэр да буоллаҕына, парашют курдук көнөтүк түһэр. Онон дьон эмсэҕэлээбэт. Бастакы көтөөччүлэр үөрэхпитин Ан‑2 сөмөлүөттэн саҕалыыбыт. Биһиги Як‑18 сөмөлүөккэ үгүстүк дьарыктаммыппыт. Ити сөмөлүөт алҕаһы бырастыы гыммат… Diamond DA 40NG (Tundra Star) австрийскай сөмөлүөтү ыытарга эмиэ үөрэммиппит. Онон Бугуруслааннааҕы летнай училищеҕа үөрэнэн, бэрт элбэҕи ылбытым. Лүөччүк буоларга куорсун анньыммыт сирбин күндүтүк саныыбын. Үөрэхпин бүтэрэн кэлэн баран, Сангаар, Бүлүү, Өлүөхүмэ авиабаазаларыгар үлэлээбитим. Онно Ан‑2 сөмөлүөтүнэн нэһилиэктэргэ көтөр этим.

Быйыл сэтинньи саҥатыгар лүөччүк быһыытынан халлаан куйаарыгар көтө сылдьар үлэм 10‑с сыла буолар. Туһугар, үбүлүөй.

Түбүктээх үлэттэн сынньаныы
Лүөччүккэ ураты ирдэбил

—  Лүөччүк көтүү иннинэ туох ирдэбиллэри тутуһарый?

— Көтүү буолуон икки чаас иннинэ үлэбитигэр баар буолуохтаахпыт. Биллэн турар, биһиги илиибитигэр — дьон олоҕо. Онон көтүөх иннинэ сөмөлүөппүтүн бэйэбит хайаан да көрөбүт-истэбит. Анал тиэхиньиичэскэй лииһи толоробут. Тугу бэлиэтии көрбүппүтүн, тиэхиньиктэр тута көннөрө охсоллор. Көтүү иннинэ экипажпын кытта брифинг оҥоробун. Ол эбэтэр күнү-дьылы ырытабыт, туох курууһу тиэйэрбитин иһитиннэрэбин. Ардыгар ураты куруус баар буолар. Онно инструкция биэрэбин. Атын эрэгийиэннэргэ куораттар чугас-чугас буолан, саппаас аэродромнар бааллар. Биһиэхэ оннук усулуобуйа суох. Онон эппиэтинэс икки бүк.

Саха сиригэр хайалаах улуустарга көтүү ураты болҕомтону эрэйэр. Холобура, Өймөкөөн улууһун киинэ Уус Ньара үрдүк хайалардаах сир. Хайа хапчааныгар турар буолан, көмпүүтэр ыйынньыга суох, тус хараххынан көрөн көтөр балаһаны булларан түһэҕин. Онон күн-дьыл туруга онно улахан оруоллаах. Депутатскайга хайалардаах буолан, сөмөлүөтү түһэриигэ эмиэ ураты ирдэбили тутуһаҕын.

Мин Л‑410 сөмөлүөтүнэн Өймөкөөҥҥө, Сангаарга үгүстүк көппүтүм. Сааскылаахха, Тиксиигэ, Сунтаарга, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ санитарнай сорудахха элбэхтик ыыталаабыттара.

Bombardier DHC‑8 Q300 — бастыҥ көтөр аал

— Билигин Bombardier DHC‑8 Q300 сөмөлүөт хамандыырын быһыытынан “сири-сибиири” бараатыҥ. Ханна анал үөрэҕи барбыккыный?

— Үрдүккэ түргэнник көтөрүнэн саамай сөбүлүүр сөмөлүөтүм — Канаада оҥоһуга Bombardier DHC‑8 Q300 көтөр аал. Хабаровскайга, Иркутскайга, Сахалиҥҥа, Владивостокка көтөбүн. Сороҕор атын экипаж көтөр кэмигэр ол куораппар сынньанан ылыахпын сөп. Холобура, “Иркутскай — Өлүөхүмэ — Иркутскай” туһаайыынан көтүүгэ мин Дьокуускайтан Иркутскайга пассажирдарбыттан босхоломмутум кэннэ, ити сөмөлүөтүнэн атын экипаж Өлөхүмэҕэ көтөн кэлэр. Онтон төннөн кэллэхтэринэ, ити сөмөлүөппүнэн Иркутскайтан Дьокуускайга барар пассажирдарбын кытта дойдубар көтөбүн.

Быйыл сэтинньи саҥатыгар лүөччүк быһыытынан халлаан куйаарыгар көтө сылдьар үлэм 10‑с сыла буолар. Туһугар, үбүлүөй. Бу сыллар тухары Bombardier DHC‑8 Q300 көтөр аалга көтүүгэ идэм таһымын Осло, Мадрид курдук куораттарга үрдэтинэ сылдьыбытым. Үлэбин олус сөбүлүүбүн. Саха ыччаттарыттан лүөччүктэр элбэхпит. Аҥаардас Уус Алдантан төрүттээх көтөр аал хамандыырдара элбэхпит диэхпин сөп.

Күүрбүт өйү-санааны сынньатыы

Сноубордист бэрдэ Иван Бурнашёв

— Биллэн турар, лүөччүк идэтэ олус эппиэтинэстээх үлэ. Сынньалаҥҥын хайдах атаараҕын?

— Көтө сылдьар кэмҥэр сылайбыккын, күүрэ сылдьаргын олох билбэккин. Онтон дьиэҥ боруогар үктэнээт, сылааҥ барыта тахсар. Бастатан туран, уу-чуумпуга сытыахпын, өйдүүн-санаалыын (морально) сынньаныахпын наада. Онон, тугу барытын умнан туран, нус-хас утуйабын. Ону дьиэлээхтэрим өйдүүллэр.

Салалтабыт уоппускабытын толору ыларбытын ирдиир. Онно хайаан да сынньанан кэлиэхтээххин. Бастакы уон хонукка син биир “автопилокка” киирбит курдук сылдьаҕын. Санааҥ барыта — үлэҕэр. Онтон сыыйа тэйэн, олохтоохтук сынньанабын.

Кэлиҥҥи кэмҥэ матасыыкылынан үлүһүйдүм. Иллэҥ кэммэр куорат таһыгар тахсан анаан хатааһылыыбын. Сноубордунан сөбүлээн дьарыктанабын. Күүрбүт өйү-санааны сынньатар көрүҥнэр.

…Ити курдук, эдэр кыахтаах лүөччүгү кытта кэпсэтэн баран, саха ыччата Иван Бурнашёв уустук идэни баһылаан, төрөөбүт Сахатын сирэ сайдыытыгар бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрэ сылдьарынан олуһун киэн тутуннум. Өрүү бу курдук кинилиин ситиһии аргыстаһа сылдьарыгар баҕардым.

Хаартыскалар Иван Бурнашев тус архыыбыттан.

+1
6
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: