Үлэтэ суох киһи элбэх
Ол эрээри, үлэни биэрээччилэр үлэһиккэ наадыйаллар…
Алтынньы 24–25 күннэригэр Дьокуускайга “Рынок труда Дальнего Востока и Арктики. Вызовы и возможности” пуорум ыытылынна.
Пуорумҥа судаарыстыбаннай былаас, РФ Үлэҕэ министиэристибэтин билим чинчийэр институтун, Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорациятын (КРДВ), билим бэрэстэбиитэллэрэ, үлэни биэрээччилэр, уопсастыбаннас уо. д.а. салаалартан кытыннылар. Пуорум Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ уонна Арктикаҕа үлэ ырыынагын уратыларыгар уонна каадырынан хааччыллыы кыһалҕаларыгар ананна.
Икки күн устата биэс былаһааккаҕа РФ Үлэҕэ министиэристибэтин, Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорациятын, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук 11 эрэгийиэнин дэлэгээттэрэ, 500‑чэ эспиэр үлэлээтилэр.
Дойду ис кыаҕа инники сайдыы тирэҕинэн буолуохтаах, ол гынан баран, ол үрдүк таһымнаах исписэлиистэрэ суох кыаллыбат.
Пуорумҥа Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов дойду сайдыыта бэлэмнээх каадырдара суох кыаллыбатын туһунан этэригэр: «Биһиэхэ үлэтэ суох буолуу бэлиэтэнэр, ол гынан баран, үлэни биэрээччилэр тырааныспар, тутуу, логистика, энэргиэтикэ курдук бары кэриэтэ салааларга үлэһиттэргэ улаханнык наадыйаллар. Исписэлиистэр уонна оробуочайдар ирдэниллэллэр. Экэниэмикэ социальнай салааларыгар — доруобуйа харыстабылыгар, үөрэҕириигэ исписэлиистэр тиийбэттэр. Бэл, судаарыстыбаннай салайыыга үрдүк таһымнаах, идэтин толору баһылаабыт каадырдар тиийбэттэр. Онон, эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы пуорум бу ыҥырыыларга уонна этиилэргэ харданы биэриэхтээх”, — диэтэ.
2030 сылга дьарыктаах нэһилиэнньэ ахсаанын 530 тыһыынча киһиэхэ тириэрдии былааннанар.
Пуорумҥа каадыр тиийбэт боппуруоһун быһаарарга үлэ ырыынагын сөпкө барыллааһын, хас биирдии салааҕаүлэни биэрээччилэр наадыйыыларыгар сөп түбэһиннэрэн каадырдары бэлэмнээһин биллэр оруолу ылалларын бэлиэтээтилэр. Билиҥҥитэ үгүс эрэгийиэннэргэ бэлиэтэнэр көстүү, ол эбэтэр үлэттэн үлэҕэ көһүү боппуруоһа сүрүн тиэмэнэн буолар. Тоҕо диэтэххэ, бу көстүү дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын тэтимигэр улахан оруоллаах.
Пуорум кыттыылаахтара бу уонна да атын боппуруостары быһаарарга былаас уорганнарын, билим уопсастыбаларын, тустаах тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннас күүһүн түмэр наадатын ыйдылар.
СЫЫППАРАЛАР
2024 сыл атырдьах ыйынааҕы чахчынан:
3758
үлэтэ суох киһи нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспатын уорганнарыгар учуокка турда;
Кинилэртэн
2937
киһи — үлэтэ суох статустаах;
1631
киһи үлэтэ суоҕунан төлөбүр ылар.
Үлэтэ суох буолуу таһыма:
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 15 уонна онтон үөһээ
саастаахтарга 2024 сыл бэс-атырдьах ыйдарыгар
4,6%
тэҥнэстэ (2023 сыл бэс-атырдьах ыйдарыгар —
5,4%).
Дохуоту аҕалар социальнай хантараак
Аан бастакытын ыытыллар пуорумҥа 5 кэпсэтэр, дьүүллэһэр былаһааккаҕа дэлэгээттэр Уһук Илиҥҥэ уонна Арктикаҕа каадыр кыһалҕаларын, эрэгийиэннэр икки ардыларыгар үлэттэн үлэҕэ көһүү, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын үлэнэн хааччыйыы, социальнай хантараак мэхэньиисимин уратыларын уо. д.а. санааларын үллэһиннилэр, саҥа этиилэри киллэрдилэр, эрэгийиэннэри кытары хардарыта бииргэ үлэлээһини бөҕөргөтүүнү кэпсэттилэр.
Ол да иһин, Саха сиригэр нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Горюшинская хас биирдии эрэгийиэн каадыр тиийбэт боппуруоһун быһаарарга ураты көрүүлээхтэринэн, ньымалаахтарынан кинилэри кытары үөрүйэҕи атастаһар наадатын ыйда.
“Социальнай хантараак үлэ дохуотун үрдэтии үстүрүмүөнүн быһыытынан” сиэссийэҕэ Сахалин уобалаһа, Ханты-Мансийскай автономнай уокурук уо. д.а. уопуттарын билистилэр. Ону сэргэ Хаҥалас, Нам, Горнай улуустарын, Дьокуускай куорат урбаанньыттара социальнай хантараакка олоҕуран үлэ быраактыкатын кэпсээтилэр.
Хаҥалас улууһуттан Сахая уонна Евгений Кондаковтар бэлэм аһы нэһилиэнньэҕэ тириэрдиигэ дьиэ кэргэнинэн биисинэстээхтэр. Кинилэр 2020 с. бэйэ дьыалатын арынарга 204 210 солкуобай суумалаах социальнай хантараакка киирсээт да, Ой сэлиэнньэтигэр куукуна тэрилин атыыласпыттар. Кинилэр быйыл эбии 8 үлэ миэстэтин таһаардылар. Ону таһынан, “Кэтэх хаһаайыстыба” бырагырааманан эмиэ социальнай хантараак түһэрсэн үүнээйи олордоллор.
Маннык хантараакка киирбит дьон үлэ миэстэтин таһаараллара улахан суолталаах. Бу кинилэр биисинэстэрэ бэйэлэригэр эрэ буолбакка, үлэ миэстэтин таһааран, үлэһиттэр усулуобуйаларын тупсарарга көмөлөһөрүн көрдөрөр.
Каадыры үлэҕэ тардарга туох ордук суолталааҕый?
— Каадыры бэлэмнээһин ахсаанын уонна хаачыстыбатын боппуруоһун хос үөрэтии;
— идэ инники кэскилин (престиһин) үрдэтии;
— үлэ усулуобуйатын тупсарыы;
— үлэни биэрээччилэр икки ардыларыгар дьыалабыай социальнай ситими тэрийии уо. д.а.
Үлэһит тиийбэтигэр кэккэ төрүөттэр:
— Оҥорон таһаарыы кээмэйэ кыччааһына оробуочай үлэҕэ наадыйыыны аҕыйатар;
— Ковид содулуттан сылтаан, дьон үлэтин уларытыыта (ол иһигэр оробуочай идэттэн барыы);
— үлэттэн үлэҕэ көһүү;
— нэһилиэнньэ структурата уларыйыыта;
— нэһилиэнньэ сааһырыыта;
— оробуочай идэҕэ сөп түбэспэт дьон ахсаана элбээһинэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: