Үлэттэн сылайыыттан, хал буолууттан тэттик сүбэлэр
Кэлиҥҥи кэмнэ киhи олоҕун тэтимэ олус түргэтээтэ. Хас да дьыаланы тэҥҥэ тута оҥоруу, хас да үлэнэн сүүрүү-көтүү — бу киhи доруобуйатыгар охсуулаах.
Киhи бэйэтин ис туругун истэн, ылынан сырыттаҕына эрэ үлэтэ таhаарыылаах, хаачыстыбалаах буолар. Киhи үлэттэн сылайыытын, хал буолуутун сүрүн төрүөттэринэн буолаллар: күн аайы биири оҥоруу, үлэҥ түмүгэ көстүбэтэ, бириэмэ тиийбэтэ. Маннык турукка киирбит киһи туохха да наадыйбат, туох да кинини үөрдүбэт, умнуган, этэ-сиинэ күүрэ сылдьар, ыарыыта элбиир. Бу турукка киирбэт инниттэн:
— Олоххор кыра туох эрэ уларытыыны киллэр.
— Айылҕаҕа сырыт. Айылҕа киһини уоскутар, санааны сааһылыыр, санааҕа ылларыыттан босхолуур күүстээх. Чэбдик салгынынан элбэхтик тыын.
— Ханна эрэ айаннаа. Хаһан да сылдьыбатах сирдэргин көр. Айаннаатахха билииҥ-көрүүҥ кэҥиир.
— Успуорт хайа эмэ көрүҥүнэн дьарыктан, эккин-хааҥҥын эрчий.
— Маастар-кылааска дьарыктан (үҥкүү, ырыа, уруһуй, иистэнии, о.д.а)
— Психолокка сырыт.
— Атын эйгэҕэ үлэлээн, бэйэҕин боруобаланан көр.
— Арыгыттан, табахтан аккаастан.
— Сөпкө аһаа, сөпкө утуй, күннээҕи эрэсиимҥин тутус.
Киһи сылтан сыл бэйэтигэр саҥаттан саҥа сыалы-соругу туруоран ону ситиһэн истэҕинэ, онтон сырдаан олоҕо тупсар. Ким үлэлээх — ол дьоллоох, ким сүрэхтээх — ол ситиһиилээх. Үлэ киһини киэргэтэр.
Нэһилиэнньэ доруобуйатын уонна ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин матырыйаалынан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: