Үлэттэн сылайыыттан, хал буолууттан тэттик сүбэлэр

Share

Кэлиҥҥи кэмнэ киhи олоҕун тэтимэ олус түргэтээтэ. Хас да дьыаланы тэҥҥэ  тута оҥоруу, хас да үлэнэн сүүрүү-көтүү —  бу киhи доруобуйатыгар охсуулаах.

Киhи бэйэтин ис туругун истэн, ылынан сырыттаҕына эрэ үлэтэ  таhаарыылаах, хаачыстыбалаах буолар. Киhи үлэттэн сылайыытын, хал буолуутун сүрүн төрүөттэринэн буолаллар: күн аайы биири оҥоруу, үлэҥ түмүгэ көстүбэтэ, бириэмэ тиийбэтэ. Маннык турукка киирбит киһи туохха да наадыйбат, туох да кинини үөрдүбэт, умнуган, этэ-сиинэ күүрэ сылдьар, ыарыыта элбиир. Бу турукка киирбэт инниттэн:

— Олоххор кыра туох эрэ уларытыыны киллэр.

— Айылҕаҕа сырыт. Айылҕа киһини уоскутар, санааны сааһылыыр, санааҕа ылларыыттан босхолуур күүстээх. Чэбдик салгынынан элбэхтик тыын.

— Ханна эрэ айаннаа. Хаһан да сылдьыбатах сирдэргин көр. Айаннаатахха билииҥ-көрүүҥ кэҥиир.

— Успуорт хайа эмэ көрүҥүнэн дьарыктан, эккин-хааҥҥын эрчий.

— Маастар-кылааска дьарыктан (үҥкүү, ырыа, уруһуй, иистэнии, о.д.а)

— Психолокка сырыт.

— Атын эйгэҕэ үлэлээн, бэйэҕин боруобаланан көр.

— Арыгыттан, табахтан аккаастан.

— Сөпкө аһаа, сөпкө утуй, күннээҕи эрэсиимҥин тутус.

Киһи сылтан сыл бэйэтигэр саҥаттан саҥа сыалы-соругу туруоран ону ситиһэн истэҕинэ, онтон сырдаан олоҕо тупсар. Ким үлэлээх — ол дьоллоох, ким сүрэхтээх — ол ситиһиилээх. Үлэ киһини киэргэтэр.

Нэһилиэнньэ доруобуйатын уонна ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин матырыйаалынан

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago