Ыллыах, истиҥ тыллары ийэҕэ аныах…
«Айар» кинигэ кыһатыгар Ийэ сылыгар анаан «Ийэҕэ махтал» ырыанньык күн сирин көрдө.Ырыанньыгы Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бочуоттаах бэтэрээнэ, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Уус Алдан улууһун уонна СӨ ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ Макар Романович Крылов хомуйан оҥордо.
«Ийэлэрбит кэрэ сэбэрэлэригэр, үтүө сыһыаннарыгар, элэккэй майгыларыгар, үлэҕэ тапталларыгар, мындыр өйдөрүгэр, олох араас эндирин аахсыбакка үөрэр-көтөр, эрэли саҕар дьоҕурдарыгар сүгүрүйэн, Сахабыт сирин хоһоон суруйааччылара истиҥ-иһирэх тыллаах, кэрэ матыыптаах ырыалары айан таһаарбыттара. Ону билиҥҥи көлүөнэ, кэлэр кэнэҕэски ыччат ийэ үрдүк аатыгар махтанан, ыллыы-туойа сырыттыннар, күн тэҥэ күндү киһилэрин үөрдэ-көтүтэ турдуннар диэн ийэҕэ анаммыт үгүс
ырыаны түмэн, холбуу тиһэн, сахам дьонугар бэлэх уунабын», – диэн хомуйан оҥорооччу аан тылыгар билиһиннэрбит.
Макар Романович саҥа таһаарыытын үлэ, тыыл бэтэрээнэ, 8 оҕо күн күбэй ийэтэ, элбэх сиэн, хос сиэн эйэҕэс эбээтэ Анастасия Макаровна Окоемова сырдык кэриэһигэр анаабыт.
Норуодунай суруйааччы Эллэйтэн саҕалаан, аныгы кэм суруйааччыларын, мелодистарын 43 ырыата киирбит. Ону таһынан, хомуйан оҥорооччу бэйэтин тылларыгар уонна матыыбыгар 3 ырыатын билсиэхххэ сөп.
Ырыанньык биир кэрэхсэбиллээх өрүтүнэн бу ырыаны ким толороро суруллан уонна куйаар-куодунан анал сыһыарыынан истиэххэ сөбө буолар.
Кинигэ мусукаалынай эрэдээктэрэ – К.А.Герасимов, нуотаны көмпүүтэргэ К.А.Герасимов, А.В.Егоров, Г.Г.Сергучев таҥан оҥорбуттар.
Макар Крылов баҕарбыт баҕатын толороругар, ырыанньык күн сирин көрөрүгэр күүс-көмө буолбут дьонугар уонна Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотовка, Мүрү нэһилиэгин баһылыга Василий Аммосовка махталын тириэрдэр.
Ырыанньыгы илиигэр ылан олорон уонна тылларын хатылыы олорон, кулгааххар ырыаһыт куолаһа иһиллэргэ уонна сыанаҕа ыллыы турара көстөн кэлэргэ дылы. Ол курдук, ийэ туһунан хас биирдии ырыа биһиэхэ чугас, эппитигэр-хааммытыгар сүппэттии иҥэн сылдьар эбит.
«Ырыа ылланаары айыллар» эбэтэр «суруллубут – суоруллубат» дииллэринии, ырыа куттаах, муусука доҕордоох Макар Крылов үтүмэн үлэни көрсөн, ол иһигэр ырыалары нуотаҕа түһэртэрэн, бар дьонугар бэлэх ууммутугар саха куттаах дьон махтаныа уонна күннээҕи олоҕор туһанар «остуол кинигэтэ» оҥостуо турдаҕа.
Макар Романович Крылов Уус Алдан улууһун Мүрү нэһилиэгэр элбэх оҕолоох оробуочай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.
Саха судаарыстыбаннай университетыгар саха салаатын бүтэрэн, 1974 сылтан Уус Алдаҥҥа Мындаабатааҕы «Кэнчээри» уһуйааҥҥа мусукаалынай салайааччынан, онтон 1975 сылтан Бээрийэ, Мындааба, Тулуна, Мүрү орто оскуолаларыгар өр сылларга ырыа, муусука, саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ. 2011 сыллаахха «Күөрэй дуу, күөрэгэй чыычааҕым» диэн маҥнайгы ырыа хомуурунньуга күн сирин көрбүтэ.
Баартыйа уобаластааҕы кэмитиэтин махтал суруктарынан, улуус, нэһилиэк сэбиэттэрин, СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин, улуустааҕы үөрэх салалтатын Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: