«Ыллыыр биһилэхтэр» күлүүс тыллара

Share

Александр Манжурьев быйыл «Улуу Хоро кыыһа Кубалдьыйа Куо» уонна «Бөрө саҕа соргулаах Бөтүҥ Боотур» диэн бэрт дьикти ааттаах-суоллаах оҥоһуктарын Хомус түмэлигэр туттарда. Быыстапкаҕа туруоруллубут үс оҥоһук көннөрү оҥоһуктар буолбатахтар. Кинилэр — кыра кээмэйдээх скульптураҕа киирсэр уус-уран оҥоһуктар. Иккис өттүнэн, бу – хомустар. Тимир тылын тардыалаан, дьикти-кэрэ дорҕооннору таһаарыахха эмиэ сөп. Ол даҕаны иһин кэллиэксийэ «Ыллыыр биһилэхтэр» диэн ааттаннаҕа.

Худуоһунньук үрүҥ көмүстэн кутан оҥорбут, өҥнөөх таастарынан киэргэппит оҥоһуктарын бэрт элбэх  киһи сэҥээрэн көрдө, уус тылын-өһүн истээри тоҕуоруста.

Александр Владимирович — көмүсчүт, худуоһунньук, Арассыыйа, Саха сирин худуоһунньуктарын Сойууһун Бырабылыанньатын чилиэнэ. Мындыр уус тыккырыыр тымырыгар өбүгэтин хаана, өйө-санаата, сиэрэ-туома сатабыла (генетическая память, генетический код) иҥэн сылдьаллар. Ити өйдөбүллэр хас биирдиилэрэ күлүүс тыл (код слова) нөҥүө туох эрэ сонуну (информация) тиэрдэр аналлаахтар.

Хомустаах биһилэхтэри сыныйан көрдөххө, кими баҕарар түгэх толкуйга тиэрдэр айылгылаахтар, дьикти-кэрэ эйгэҕэ угуйар аналлаахтар.  Быһыыта, улуу айымньыларга маннык айылгы иҥэриллэн эрдэҕэ…

Бүгүн биһиги оҥоһуктар ис кыахтарын көрдөрөр дириҥ суолталаах күлүүс тылларга тохтуохпут. Тыллар быһаарыыларын Э. К. Пекарскай «Саха тылын», Н. С. Григорьев «Саха тылын сомоҕо домоҕун тылдьыта» уонна Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыттарыттан ылан ырытан холонон көрүөхпүт.

«Antigua alauda» (Древний жаворонок)

 Александр Манжурьев айар-тутар үлэтигэр күөрэгэй чыычаах уонна хомус уобарастара куруук алтыһа сылдьаллар. Улан Удэҕэ үөрэнэ да сырыттаҕына уонна бу билигин, айар үлэтин чыпчаалыгар да сырыттаҕына, оҥоһуктарыгар ити символ уобарастар эргийэн кэлэ туралларыттан бэйэтэ да сөҕөр. «Олоххо туох барыта эргийэн кэлэ турар эбит. Ону кэмигэр бэлиэтии көрүөххэ эрэ наада эбит. Олох сокуона буоллаҕа», — диэн ааптар бэрт мындырдык быһааран кэбиһэр.

Илин Сибиирдээҕи култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай акадьыамыйатыгар үөрэнэ сылдьан, хас да хомуһу охсубут. Үөрэҕин бүтэрэр сылыгар (2000) дьупулуомунай үлэтигэр «Мотив хомуса в современном женском гарнитуре «Жаворонок» диэн дьахтар түөскэ кэтэр толору симэҕин оҥорон, «туйгун» сыанаҕа көмүскээбит. Бэйэтэ кэпсииринэн, дьырылас ырыалаах күөрэгэй чыычаах тыҥырахтарыгар хомус иилиллэ сылдьар гына толкуйданан оҥорбут. Ытарҕатын хатыырын уратытык оҥорон, хамыыһыйаттан хайҕаммыт.

Бу үлэтин оҥоруон иннинэ Александр куйаар ситимиттэн 2018 сыллаахха Абый улууһун ирбэт тоҥуттан 46 000 сыл анараа өттүгэр үөскүү сылдьыбыт билиҥҥи Сибиир күөрэгэйин өбүгэтэ чыычааҕы булбуттарын туһунан Сергей Коленов ыстатыйатыгар кэтиллэ түспүт. Бу чыычаах муостаах чыычаахтар этэрээттэригэр (рогатый жаворонок) киирсэр эбит. Сэттэ миэтэрэ дириҥнээх ирбэт тоҥҥо тыһыынчанан сылларга сыппыт диэтэххэ, түүтэ-өҥө сараламматах, туга барыта баар, олох үчүгэй туруктаах чыычаах буолан биэрбит. Дьиҥинэн, маннык булумньу наукаҕа олус сыаналанар.

Онтон Мондьорой уус сыдьаана иэйиитэ уһуктан, «Antigua alauda» (Древний жаворонок) диэн көмүс оҥоһугун 2021 сыллаахха оҥорбут. Былыргы чыычаах Саха сирин күндү металларыттан кутуллубут, кынаттара өҥнөөх  таастарынан киэргэтиллибиттэр. Чахчы былыргы чыычаах түүлүүн-өҥнүүн тупсан-киэркэйэн, уһун кутуругун сараппытынан бу олорор курдук чочуллубут. Ити курдук талааннаах көмүс ууһа Сахабыт сиригэр былыр үйэҕэ үөскүү сылдьыбыт дьикти чыычааҕы күндү металлга чочуйан, «ыллыыр биһилэххэ» кубулутан үйэтитэн кэбиспит.

Улуу Хоро кыыһа Кубалдьыйа Куо

 Александр бэйэтэ этэринэн, бу оҥоһук аата ханнык да олоҥхоттон ылыллыбатах. Айымньы аатын бэйэтэ чочуйан-толкуйдаан таһаарбыт. Кубалдьыйа Куо Улуу хоро төрөппүт кыыһа буоларынан, оҕуһу миинэн иһэрэ ойууламмыт. Кыыс сирэйэ амнаҕынан (андах, аннах, анньах) сабыылаах. Э. К. Пекарскай «Саха тылын» тылдьытыгар «амнах» диэн тыл суох. Арай тылдьыт I томун 107 сирэйигэр «андах» наличник, покрывало, коим невестки в старину закрывали лицо диэн ыйыллыбыт.

«Саха тылын быһаарыылаах тылдьытын» I томун 450 сирэйигэр амнах – эргэрбит аат. Кийиит кыыс сирэйин сабыыта диэн быһаарыллыбыт.

Историческай наука хандьыдаата С. И. Петрова «Обычай избегания у якутов: традиции и этнокультурные параллели» диэн бэрт интэриэһинэй ыстатыйатыгар XVII-XVIII үйэҕэ былыргы сахаларга «кийииттиир» диэн сиэр-туом баарын ыйар. Кини  саха норуотун былыргы култууратыгар кийиит кыыс аҕа кынныгар уонна аҕа саастаах эр дьоҥҥо, оттон күтүөт уол ийэ кынныгар «кийииттиир» сиэрин-туомун булгуччулаахтык тутуһалларын ыйар. Кийиит кыыс барахсан сэбэрэтин үс, сэттэ эбэтэр хара өлүөр диэри эр дьоҥҥо көрдөрүө суохтаах диэн бэлиэтиир. Ааптар аннаҕы А. А. Саввин «сирэй таҥалайа», оттон С. И. Боло «таҥалай» диэн ааттыылларын эмиэ ыйар.

Сирэй сабыытын баайыттан-дьадаҥытыттан тутулуга суох бары иилинэллэрэ. Баай кыыс аннаҕа – киис, орто баай кыыһа – бэдэр, дьадаҥы кыыс аннаҕа буобура буолара үһү диэн буолар. Онон, Александр Манжурьев Бөрө Бөтүҥ уолугар сүктэн иһэр кыыһын аннаҕа киис тириититтэн тигиллибит буолуон сөптөөх. Тоҕо диэтэххэ, кыыс төрүт-уус баай ыал мааны кыыһа буоларын туттан-хаптан иһэр майгыта-сигилитэ, таҥаһа-саба, өҥө-дьүһүнэ, ордук күндү таастарынан киэргэтиллибитэ туоһулуур дии саныыбын.

Иккис күлүүс тыл ЧУРУМЧУ диэн аат тылынан тылдьыкка бэриллибит. Оҕус муннугар кэтэрдиллэр сиэтэргэ аналлаах талах тиэрбэс диэн суолталаах тылы кийиит кыыска дьүөрэлии көрүөххэ сөп. Кубалдьыйа Куо — Улуу Хоро төрөппүт кыыһа. Аарыма оҕус муннугар дуона суох чурумчу иилиллибит. Кийиит кыыс, чурумчулаах оҕус курдук, тойон эрэ хайа диэки  сиэтэринэн-салайарынан сылдьыахтаах дьылҕата ойууламмыт курдук көстөр. Онон, былыргы кыыс кэнэн соҕус да диэххэ сөп. Кыыс булугас-талыгас, булчут-сонордьут, ыал олоҕун сүрүннээччи, туллаҥнаабат тулааһын буолар эр бэрдэ эрдэннэҕинэ, баҕар, кини даҕаны далбар хотун мааныта-толуута буолан тыыллан-хабыллан туруон сөп. Ким билиэй, дьиҥ олоххо кинини туох дьылҕа күүтэрин, арай, итинник сабаҕалаан эрэ көрүөххэ сөп буолуо… Онуоха итинник түгэх өйдөбүллэргэ күлүүс тыллар сирдииллэр.

Үһүс күлүүс тыл САМАХ диэн. Бу аат тылынан бэриллибит, аныгы үйэҕэ умнулла быһыытыйбыт, соччо-бачча туттуллубат буолан эрэр тыл. Киһи уонна сүөһү кыыл бууттарын ыккардынан тааһын уҥуоҕа туорайдыы сылдьар сирэ. Самах уҥуоҕун уол кирдэҕинэ, тустарыгар иҥиирэ тардар, кыыс кирдэҕинэ  –  оҕолоноругар иҥиирэ тардар  диэн «Чолбонтон» ылыллыбыт холобурдаах тыл быһаарыыта Саха тылын быһаарыылаах тылдьытын VIII томун 204 сирэйигэр бэриллибит. Уус Кубалдьыйа Куота нарын-намчы дьүһүннээх-бодолоох, намыын майгылаах, аата да этэрин курдук, куба курдук нуоҕалдьыйа устан ааһар кыыс-дьахтар буолуохтаах. Онуоха кини иннин диэки нөрүччү туттан олорор майгыта-сигилитэ, тойон эрин иннигэр быһа түспэккэ, сиэр быһыытынан, эр киһини бас-көс туттан, эрин көхсүн хараҕын сытыы өргөстөн харыстыыр аналлаах, кини кэнниттэн хаамтаран иһэрэ эмиэ дириҥ суолталаах.

Кийиит кыыс төрүөҕү-ууһу биэриэх, элбэх кэнчээри ыччаттардаах буолуох чинчитин бөҕөтүк-таҕатык тирэнэн турара  туоһулуур дии саныыбын. Онуоха АМАНАҔЫН сыата (Киһи, кыыл-сүөл өрөҕөтүгэр, быттыктарын диэкинэн үөскүүр сыа) (СТБТ, I том, 448 стр.) сандааран көстөргө дылыта суолтатын күүһүрдэн биэрэр. Онон кийиит кыыс хайдах туттан-хаптан айаннатан иһэриттэн кини инники дьылҕатыгар дьол-соргу тосхойоро дуу, баайдык-тоттук, нус-бааччытык олороро дуу, «кыта-кыйма ыччаттардаах Бөрө Бөтүҥ сис ыала дуо?» дэтэрэ дуу ити күлүүс тыллар суолаталарынан бэриллибит диэн сабаҕалыахха сөп.

Бөрө саҕа соргулаах Бөтүҥ Боотур

 Бөтүҥ Боотур төрүттэрэ бөрөттөн сыдьааннаах буолан, бөрөнү миинэр миҥэ оҥостубута уус-уран оҥоһукка ойууламмыт. Өйдөөн көрдөххө, уобарас быһыыта-таһаата, бөкчөччү туттан, арҕаһын түүтүн туруоран иһэрэ бөрө чөмчөкөтүн уҥуоҕун майгыннатар. Ойоҕоһугар сыҥаах уҥуохтара ытаһалыы хараламмыттарын Александр маннык быһаарар, «тыллаах-сыҥаахтаах буолан» диэн.

Бөтүҥ Боотур обургу кэһэҕин, ох саатын икки өттүнэн иилинэн айаннатан дьигиһитэн иһэр. КЭҺЭХ – бу эргэрбит аат тыл. Суолтата ох хаата диэн. Бөтүҥ Боотур – дьонун-сэргэтин көмүскээччи, булааччы-талааччы, сорсуннаах булчут буоларын  кэһэхтэрэ этэллэр. Бултуур сэптээх-сэбиргэллээх киһи хаһан баҕарар өлөн-охтон биэрбэт дьылҕалаах. Кийиит кыыс боотур бэрдигэр сүктэн иһэрин дьолго тиксибит курдук сананыахтаах.

Бөтүҥ Боотур, кийиит кыыс курдук, сирэйэ эмиэ сабыылаах. Сирэйин сабыыта кэрдиис-кэрдиис туоралыы сурааһыннарынан ойууламмыт. Ити кини элбэх сырыыны сылдьыбытын, үтүмэн кыргыһыыга кыттыбытын туоһута буолуон сөп.

ТИРЭХ – аат тыл. Киһи атаҕар бигэтик үктэниитэ. Бөтүҥ Боотур бу орто дойду олоҕор бигэтик тирэнэн турар. Онуоха оҥоһук тас бараана үс муннуктуу быһыылааҕа бөҕө тирэхтээх буоларын туоһулуурга дылы. Саха киһитин өйдөбүлүгэр үс муннук муннуктартан эрэ барыларыттан саамай бөҕөлөрө, тирэхтээхтэрэ буолар. Оттон киһи-аймах өйдөбүлүгэр Аан дойду айыллыытын бэлиэтэ (символ) буолар.

Тойон киһи иттэннэри түстэҕинэ, кэтэҕиттэн өйүүр, умса түстэҕинэ, сүүһүттэн өрө анньар элбэх хаан-уруу аймахтаах боотур хоойго сытар холоонноох доҕорун Кубалдьыйа Куону бүгүн сүгүннэрэн иһэр. Кини таптыыр доҕорун үтүө олоххо олордоору, дьоллоох олоҕу бэлэхтээри сүгүннэрэн истэҕэ. Онуоха кини бу сиргэ эрэллээхтик, бигэтик, бөҕөтүк-таҕатык тирэнэн турарыттан билгэлээн, кийиит кыыс сүрэҕэ сөбүлээн, кинини талан ыллаҕа.

Бу айымньылар ис дьиктилэрин, түгэх санааларын этэр хас биирдии сурааһын, ойуу-бичик, уобарас быһыыта-таһаата барыта мээнэҕэ бэриллибэтэх буолуохтаах. Хас биирдии бэлиэ (дэтээл) туох дириҥ өйдөбүлүнэн чочуллан тахсыбытын көрөөччү хайдах ылынара, тустаах киһи хайдах-туох санаалаах бүгүҥҥү күн үтүөтүн көрсүбүтүттэн, аан модьоҕотун хайа атаҕынан атыллаабытыттан эмиэ тутулуктаах буолуо.

Улуу Хоро кыыһа Кубалдьыйа Куо, Бөрө саҕа соргулаах Бөтүҥ Боотур дьылҕалара бу күлүүс тылларга, код курдук,  кистэнэ сылдьаллар бадахтаах.

Ол тыл куодун дууһаларыгар иҥэринэр туһуттан уруу тэринэр эдэркээн уоллаах кыыс ырыа тыллаах күндү биһилэхтэри аата суох тарбахтарыгар кэтэн көрөр дьоллоро тосхойуо турдаҕа.

Дьэ онон, Мондьорой уус сыдьаана Александр Манжурьев бу дьикти оҥоһуктарын ис дьиҥин, айымньы быһыытынан этэр түгэх  санааларын бу курдук дьүһүйэн көрүөххэ эмиэ сөп буолуо… Айымньыны ким хайдах ылынара, ол тустаах киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах буоллаҕа…

Тыл иччитэ, тыл күүһэ итиннэ сытар.

Слепцова Е. П., Хомус түмэлин научнай пуондатын исписэлииһэ  11.11.2022 с.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

4 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

5 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

6 часов ago