Салгыы
«Ыллыыр-туойар Уус Алдан” — төрөөбүт дойду ураты тыына

«Ыллыыр-туойар Уус Алдан” — төрөөбүт дойду ураты тыына

14.01.2023, 19:46
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, тохсунньу 13 күнүгэр, Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар  «Ыллыыр-туойар Уус Алдан” диэн тэрээһин тобус-толору саала дьону муста.

2022 сыл улууска Патриотизм биллэриллэн, сыл устата үгүс тэрээһин, дириҥ ис хоһоонноох үлэ барда. Саха сирин норуоттарын 8-с спортивнай оонньууларын уус-алданнар үрдүк тэрээһиннээхтик ыыттылар. Ааспыт сыл түмүгүнэн Уус Алдан өрөспүүбүлүкэ бастыҥ спортивнай  улууһунан ааттанна. Оонньуулар бэрт таһымнаахтык тэриллэллэригэр улуус хас биирдии олохтооҕо, төрөөбүт улуустарын туһугар өйдүүн-санаалыын кыһаллан, дойдуларыгар  бэриниилээх дьиҥ патриоттар санааларын ууран, түмсүүлээхтэрин туоһулаатылар.

Куорат саамай элбэх миэстэлээх киин тыйаатыра аатырбыт артыыстар эрэ кэнсиэрдэригэр маннык элбэх киһини түмэр. Олоҥхо биһигинэн аатырар Уус Алдан улууһа,  сылгы-сүөһү иитэр, бурдук, оҕуруот аһын үүннэрэр үтүөкэннээх үлэһиттэрдээх, бастыҥ кус быһый, бүдүрүйбэт бөҕө күүстээх аатырар дьоннордоох, үөрэх, билии, талаан  аргыстаах кэнчээри ыччаттаах, аҕыс Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна Үлэ Дьоруойдардаах саха саарыннарынан аатырар тумус туттар  дьонноох-сэргэлээх, Дьөһөгөй дьаралыктаах Саха сирин биир бөдөҥ улууһа киин куоракка сыл аайы түмүк таһаарар үгэстээх эбит. Икки сыл сыстыганнаах дьаҥынан сибээстээн бобуу буола сылдыбытыгар тохтоон баран, быйыл бу Уус Алдан улууһуттан төрүттээх дьону түмэр үгэс сөргүтүлүннэ.

“Тойон Мүрү” улуустааҕы мелодистар түмсүүлэрин 1978 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ дьоно ытыктыыр, киэн туттар киһибит, РФ, СӨ үөрэҕириитин, култууратын үтүөлээх үлэһитэ,  РФ  «Кэнчээри» образцовай  үтүөлээх кэлэктиибин оҕо ырыа-үҥкүү ансаамбылын  салайааччыта Василий  Парников тэрийэн, түмсүү 45 сыл устата үгүс үлэни ыытан, элбэх ырыа айыллан, 100-нэн ырыа айааччылар ырыалара түмүллэн 7 ырыанньык бэчээттэнэн күн сирин көрдө.  Онон Суорун Омоллоон тыйаатырыгар “Тойон Мүрү” улуус ырыа айааччыларын түмсүүтэ тэриллибитэ быйыл 45 сылын көрсө “Ыллыыр-туойар Уус Алдан” оройуон мелодистарын уонна ырыаһыттарын бырааһынньыктааҕы кэнсиэрин сэргии көрдүбүт.

Култуура эйгэтигэр үлэлээбитэ 25 сыл буолбут, 2015 сыллаахтан култуура управленниетыгар култуурунай-маассабай салаа салайааччытынан  үлэлээбит, билигин “Тойон Мүрү” улуустааҕы Култуура дыбарыаһын дириэктэрин солбуйааччы Александр Бурцев  бу улахан кэнсиэргэ уопсайа 160 киһи кыттыбытын бэлиэтээтэ.

Улууһу доҕоонноохтук ааттата сылдьар ааттаах-суоллаах ырыаһыттары кытта улуус бары нэһилиэктэриттэн   120 киһи кыттыыны ылла. Ол да иһин буолуо, тыйаатыр аттыгар уонунан оптуобус, массыына турара, киһини соһутар көстүү этэ.

— “Ыллыыр-туойар Уус Алдан” тэрээһиммитигэр биһиги сыл түмүгүн таһааран, Уус Алдантан төрүттээх дьоммутун кытта көрсүһэр үгэспитин быйыл эмиэ сөргүттүбүт. Бу үөрүүлээх төрөөбүт дойдуну кытта көрсүһүү түгэнин дьоммут-сэргэбит өрүү күүтэр. Биир дойдулаахтарбыт  билэр дьоннорун кытта көрсөөрү, сылаас ытыс тыаһын бэлэхтии кэлэллэр. Бу маннык иһирэх көрсүһүү биһиэхэ саҥа саҕахтарга кынат үүннэрэр, инники үлэбитигэр кэскили түстүүр, — диэн бэлиэтээтэ.

Дьааҥы улууһуттан төрүттээх, билигин Уус Алдан улууһун Бэйдиҥэтигэр култуура дьиэтин дириэктэрэ Игнат Слепцов бу оройуоҥҥа үлэлээбитэ 4-с сыла эбит. “Саала иһэ тобус-толору. Эдэриттэн эмэнигэр диэри кыттыыны ыллылар. Бу маннык тэрээһин атын улуустарга холобур буолуон сөп”, — диэн санаатын үллэһиннэ култуура үлэһитэ.

Уус Алдан улууһугар култуура эйгэтигэр 12 сыл салайааччынан үлэлээбит Борис Заровняев уоппускатыгар Муоматтан кэлэ сылдьар эбит.

Төрдө – Суотту. Кини биир дойдулаахтарын көрөн дойдутун ахтылҕанын таһаарбытын туһунан санаатын үллэһиннэ.

Бороҕонтон сылдьар Сергей Васильев-Борогонскай аатынан  киин бибилэтиэкэ иһитиннэрэр-методическай киинин сэбиэдиссэйэ Февронья Федорова дойдутун туһунан олус элбэх ырыа айыллыбытыттан үөрбүтүн бэлиэтээтэ.

Уус Алдан улууһуттан олус элбэх эдэр ыччат ааттаах-суоллаах ырыаһыттарбытын кытта тэҥҥэ улууспут туһунан ыллаабыттарын-туойбуттарын долгуйа көрөн, олус дуоһуйдум, үөрдүм, — диэн эттэ сэһэргэһээччим.

Кырдьык да, бииртэн биир талааннаах ырыаһыт тахсан, төрөөбүт дойдутун кэрэтин бэртээхэй ырыатынан тиэртэ.  Олус элбэх ырыаһыт дьиэ кэргэттэр бааллар эбит.

Юлия уонна Иннокентий Портнягиннары киһи эрэ истэ олоруох ырыаһыттара.

Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ырыаһыттар Мария уонна Василий Петуховтар таптал, дьиэ кэргэн туһунан ыллам ырыалары дьиэ кэргэннэрин олоҕун хаартыскаларынан доҕуһуоллатан ыллаабыттара —  дьоллоох дьиэ кэргэн бэлиэтэ.

Саха дьонун кутун туппут, айылҕаттан ураты киһиэхэ патриотическай тыыны уһугуннарар  куоластаах Анатолий Бурнашев улахан сыанаҕа бэйэтин оҕолорун таһаарда.  Кыыһа Сандаара, уола Сахат аҕаларын баппыттар эбит. Куоластара — мааны.  

Анатолий Бурнашев  Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирковка анаабыт ырыатын ыллаабытын саала ытыс тыаһынан көрүстэ.

— Мин элбэх ырыаны суруйбат киһибин. Бүгүн бу ыллаабыт ырыабын Александр Николаевич 50 сааһын туоларыгар анаан айбытым. Бу истиҥ иэйииттэн, өрө көтөҕүллүүттэн сүрэх төлөнүттэн, дууһа өрө күүрүүтүттэн айыллан тахсыбыт ырыа. Бу ырыа — биһиги түмсүүлээх буолуубут, сөптөөх суолу тутуһан иһэрбит бэлиэтэ. Улуус дьоно-сэргэтэ иннибит диэки хорутан барыахтаахпыт, тумус туттар дьоммут тылларын былаах оҥостон өрө тутан иһиэхтээхпит, — диэн Анатолий Бурнашев биир дойдулаахтарын аатыттан бэрт иһирэх махтал тыллары анаабытын,  төрөөбүт улууһун сайдыытыгар болҕомтотун ууран, үгүс үлэни ыыта сылдьар, ытыктынар А.Н. Жирковка уус-алданар дохсун ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр. Саалаҕа олорор Александр Николаевич  дойдутун дьонуттан маннык дириҥ сыанабылы ылан төһөлөөх долгуйбута, үөрбүтэ буолуой?  Уус Алдан улууһунан киэн туттуу, өрөспүүбүлүкэ биир бөдөҥ оройуонун дьонун биир күүстээх сомоҕолоһуута, быһата, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу тыына саала иһин соҕотохто кууһан кэбистэ.

Бу кэмҥэ иннибэр улуус нэһилиэктэрин баһылыктара бары биир ньыгыл кэккэнэн олорор түгэннэрин бэлиэтии көрөн, хаартыскаҕа үйэтиттим.

Дьэ, ити курдук, биир улуус кэнсиэригэр сылдьан, дууһалыын сэргэхсийэн, санаалыын көнньүөрэн таҕыстыбыт. Мантан инньэ атын да улуустар бу маннык тоҕо анньан кэлэн, бу тыйаатырга кэнсиэрдээн, дойду ахтылҕанын таһааран, бастыҥ дьоннорун чиэстээн ааһар түгэннэрэ элбии турдар ханнык.

Бу буоллаҕа дии, сомоҕолоһуу күүһэ, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу санаатын хас биирдии киһи дууһатыгар иҥэрии.

Ыллыыр Анатолий Бурнашев. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: