Үмит Шаһин: “Быыбарга уруккутааҕар элбэх киһи кэллэ”

Share

Бүгүн Турция Өрөспүүбүлүкэтигэр бэрэсидьиэн уонна парламент быыбардара буола тураллар. Турция филологиятын наукатын дуоктара Үмит Шаһин: “Урукку өттүгэр бэрэсидьиэн хайалара буолара син сабаҕаланар буоллаҕына, билигин түмүгү таайар күчүмэҕэй”, — диэн санаатын үллэстэр “Саха сирэ” хаһыат сайтыгар.

Мин төрөөбүт куораппар Муглаҕа куоластаатым. Урукку быыбардары ылан тэҥнээн көрдөххө, куоластааччы ахсаана быйыл өссө элбээбит курдук. Холобур, бэрэсидьиэн ааспыт быыбарыгар кыттыбыт дьон хасаана 87 бырыһыан этэ”, — диэн этэр кини.

Үмит Шаһин этэринэн, ити Турция Өрөспүүбүлүкэтэ сүүс сыллаах үбүлүөйүн уонна аан дойдуга буола турар балаһыанньаны кытары ыкса сибээстээх.

Бүгүн эбиэккэ диэри үгүс киһи быыбардаата дииллэр. Эбиэттэн киэһэ өссө элбиирэ буолуо. Быйыл Турция Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ сүүс сылын бэлиэтиибит. Ону таһынан аан дойдуга буола турар балаһыанньа биһиэхэ эмиэ сабыдыаллыыр, — диэн бэлиэтиир.

Бэрэсидьиэн быыбарыгар үс кандидат киирсэр. Сүрүн утарылаһааччыларынан билигин бэрэсидьиэннии олорор Реджеп Тайип Эрдоган уонна Кемаль Кылычдароглу икки ардыгар буолуо дииллэр.

— Урукку өттүгэр бэрэсидьиэн хайалара буолара син сабаҕаланар буоллаҕына, билигин түмүгү таайар күчүмэҕэй. Тус бэйэм, Турция олохтооҕо быһыытынан, быыбар эйэлээхтик ааһыан, дойду салалтатыгар хайалара талылларыттан тутулуга суох, салгыы сайдыы туһугар үлэлиэҕэ диэн кэтэһэбин, — диэн этэр Үмит Шаһин.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сонун сүүрээҥҥэ өйөбүл

Саха сирэ “Дьоҕус уонна орто биисинэс уонна урбаанньыт тус көҕүлээһинин  өйөөһүн” национальнай бырайыакка 2019 сылтан…

27 минут ago
  • Сонуннар

Үтүө холобур буолар дьиэ кэргэн

Сана үйэҕэ эргиэн үлэтигэр саҥа саҕалааһыннар кэрэхсэбиллээхтэр. Урукку кэмҥэ атыы-тутуу, эргиэн эйгэтигэр "Холбос" биир тэрилтэтэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Сайаана Малышева Пионерия күнүнэн эҕэрдэлиир

«Оҕо аймаҕы үрдүккэ, сырдыкка, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга сирдээбит "Мэлдьи бэлэм буол!" диэн тумус тыллаах…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сардаана Дьячковская: “Дьылҕа Хаан уонна… кинигэ биһигини холбообута”

Ыам ыйын 15 күнүгэр Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүн бэлиэтээтибит. Онон бүгүн айанньыт, орнитолог, фотограф,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сааскы халааны этэҥҥэ аһарарга кэлим дьаһаллар ылыллаллар

Нам улууһугар Арбын уонна Түбэ сэлиэнньэлэрин икки ардыларыгар муус дьапталҕатын эстэрии ыытыллыбыта түмүктэри аҕалла. Онно…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биир кэлим эксээмэн. Оҕоҕунуун бииргэ буол

Психолог сүбэтэ   Ксения Ивашковская – Психоневрология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын килиниичэскэй психолога, дьиэ кэргэн психолога, консультант,…

3 часа ago