Салгыы
Ымыылаах кыыстанан өлөр өлүүттэн быыһаммыттара

Ымыылаах кыыстанан өлөр өлүүттэн быыһаммыттара

10.11.2024, 17:00
ХААРТЫСКА: HTTPS://PXHERE.COM/RU.
Бөлөххө киир:

Күһүн чугаһаан, от-мас саһаран эрэр. Ылдьааналаах Бөтүрүүс аҕыйах сүөһүлэрин бөрөөн, тиэргэҥҥэ хаайан туруораллар. Бөтүрүүс бүгүн нэһилиэккэ киирээри оҥосто сылдьар, таарыччы сүөһүлэрин үүрэн илдьэн эдьиийигэр туттарыахтаах. Ол кэннэ эбии ат булан дьонун көһөрөрдүү ыла кэлиэхтээх.  Ылдьаананы кытта оһоҕос түгэҕэ оҕолоро, биэстээх Маайа кыыс баар.

 Тойон дьаһала

Бөтүрүүс сүөһүлэрин иннигэр уктан, хаамтаран истэ. Бултуу аҕыйах хонукка бардаҕына, Ылдьаана сүөһүтүн-дьиэтин лоп курдук тутан олорор буолааччы, онон бу биэс хас хонукка туох да буол­баттарыгар эрэнэр. Улахан кыыстара Даайа хороччу улаатан, сайынын холкуос үлэтигэр тутан ылаллар. Арба да күһүн кэллэ, эмиэ оскуола айдаана саҕаланар буоллаҕа.

Киэһэлик бороҥуй түһүүтэ, холкуос сайылыыр алааһыгар кэллэ, Бөтүрүүс манна хонон ааһыахтаах. Бүтэһик тоҕой кэнниттэн имик-самык уоттаах балаҕаннар барыһан тураллара көһүннэ.

– Айан абааһыта муна-тэнэ сылдьар дуу диэбиппит, Түгэх алаас Бөтүрүүһэ эбит дии, – диэн сүөһү көрөөччүлэр күлсэ-салса түстүлэр. – Хайа Ылдьаанаттан үүрүллэн иһэҕин дуу, бачча түүн ханналаатыҥ?

Бөтүрүүс Дьаакып оҕонньордуун балачча өр сэлэһэ олордулар. Дьаакып үйэтин тухары бу алаас иччитэ буолан олорор. Холкуос манна сайылыыр буолуоҕуттан, тэҥҥэ көсүһэр, тэҥҥэ киирсэр, сороҕор бултуу да хаалар. Орто кыыһа Агааччыйа хол­­куоска ыанньыксыттыыр. Хас да сыллааҕыта эрэ өрүскэ балыктыы сылдьан ууга түһүөҕүттэн, ыал буолбакка аҕатын, чороччу улаап­пыт уолун кытта бииргэ олороллор.

Сарсыарда тыҥ хатыыта Бөтүрүүс туран, айанын салҕаа­та. Аара туох да моһуоктаабатаҕына, сөпкө тиийиэхтээх. Сүөһүлэр да  дойдуларыгар баран иһэллэрин билбит курдук, тохтоло суох бараллар.

Нэһилиэккэ, былааннаабытын курдук, сырдыкка тиийдэ. Эдьиийэ Оппуруоһа сурдьун үөрэ-көтө көрүстэ, уруккуттан дьукаахтаһар ыал кыстык күннээҕи кыһалҕаларын кэпсэтэ олордулар.

Сарсыарда Бөтүрүүһү хол­куос бырабылыанньатыгар кэлэ оҕустун диэн суһал илдьит кэлэн, ууга-уокка түһэрдэ. Холкуос бэрэссэдээтэлэ Мэхээс Уйбаныап ачыкытын үрдүнэн көрө-көрө, Бөтүрүүс күн сарсын өрүскэ таһаҕас таһыытыгар барыахтааҕын мас-таас курдук этэн кэбистэ. “Дьоммун аҕалан баран барыам”, – диэн Бөтүрүүс элэ-была тылын этэн көрдө да, туһа суох буолла. “Сайылыктары дьаһайыам, эн дьоҥҥун илдьэ киириэхтэрэ”, – бэрэссэдээтэл кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, ойон турда.

Кэтэһии

Түгэх алааска кыракый туруорбах балаҕан буруота сыккырыыр. Маайа кыыс сарсыарда аайы ойон тахсан, аҕата кэлэрин кэтэһэн аартык ааныттан хараҕа арахпат. Халлаан улам-улам тымны­йан, күһүн обургу эпсэри ылан иһэр. Ылдьаана киһим туохха түбэс­тэҕэй диэн уолутар санаалары киэр кыйдыы, айманарын оҕотугар биллэрбэт буола сатыыр. Бостуой да бары бииргэ барбаккабыт, мал буоллар хаалан эриэ, оҕобутун акка олордон барыахпыт хаалбыт дии санаа­таҕына, хараҕын уута сүүрбүтүнэн барар. Аны астара бүттэ, аҕалара умуһахха уган хаалларбыт бүтэһик кустарын сиэтилэр. Сарсыныгар Ылдьаана дэйбиир кылыттан туһах оҥордо, куобах эрэ элбэх дойдута. Айыы Тойон Таҥарам, абыраа,  бу үрэх баһыгар биһигини хаалларар ыйааҕыҥ суох буоллаҕына, биир эмит кулгаах­таах иҥиннин, диэн уоһун иһигэр көрдөһө-көрдөһө балаҕанын кэннигэр тахсан туһаҕын иитэн кэбистэ.

Таһырдьаттан Маайа тилигирээн киирэн, ийэтин иннигэр хорус гына түстэ: “Ийээ, тахсан көр, дьиэ кэннигэр куобах олорор”. “Саҥата суох олор, билигин киириэм”, – диэн баран Ылдьаана сэрэнэн балаҕанын кэннин өҥөйөн көрдө. Хайа, доҕор, биир куобах ха­­йыы-үйэ кэлэн иҥнэн олорор эбит. Ылдьаана уһун соҕус маһы ылан, харса суох хааман тиийдэ. Куобах ньыкыс гынаа­тын кытта, маһынан сүүскэ лос гына оҕуста. Ийэтэ куобах тутуурдаах киирбитин көрөн Маайа соһуйа түстэ, кэлэн түүтүн имэрийэн көрдө. Булт оонньуур буолбатаҕын кини бэркэ билэр.

Халлаан лаппа тымныйда, арҕааттан хаҕыс тыал үрэр. Маайа аны таһырдьа тахсара бобулунна, тымныйан ыалдьан хааллаҕына, арбаҕас­таах да быыһаабат. Ийэтэ туох баар таҥаһы барытын бөрөнөн, сүгэнэн мас кэрдэр. Онон Маайа күнү быһа көмүлүөк уотун маныыр, маһы эбэн биэрэр үлэлээх. Хата ойуурдарын куобаҕа быстыбат, сороҕор күҥҥэ үскэ тиийэ иҥнэр. Оччоҕо Ылдьаана айыыр­ҕаан туһаҕын араарар. Биир түүн хара улар иҥиннэ. Ол да буоллар, “хайдах буолабыт?” диэн идэмэрдээх санаа ханна да барбаттыы олохсуйда.

Дьаакып оҕонньор Түгэх алааһы көрбүтүнэн, нүһэр санаа­ҕа баттатан турда. Үнү­рүүн бэрэссэдээтэлтэн илдьит кэлбитэ, Бөтүрүүс өрүскэ таһаҕас тиэйиитигэр барбыт, өтөрүнэн кэлбэт, онон дьонун ылан кэллиннэр диэн. Үчүгэй көрүҥнээх, түргэн-тарҕан, турбут-олорбут уолу Дьаакып уруккуттан хайгыы көрөрө, күтүөт уол оҥостор кистэлэҥ санаалаах этэ. Ол эрээри кыыһа  Агааппыйа атыны талбыта, Бөтүрүүс да Ылдьааналыын ыал буолбуттара. Күтүөтэ ууга түһэн өлүөҕүттэн, оҕонньор кыыһын, сиэнин санаатаҕына ытырык­татан кэлэр. Өллөхпүнэ, ким- туох илиитигэр хаалаахтыыллар диэн. Дьаакып турбахтыы түһэн баран, атын эргилиннэри баттаата: “Чэ, кыһын да кэлэрэ чугаһаата, айылҕа бэйэтэ дьаһайыа”.

Таһаҕасчыттар

Бөтүрүүстээх өр да өр айаннаан, өрүстэригэр тиийэн кэлбиттэрэ. Баарса хаалларбыт таһаҕаһын нэһилиэктэригэр илдьиэхтээхтэр, аны ардах тохтоло суох түһэр. Онон бырыы да бадараан суолу көрбүтүнэн олороллор. Ыксаан илиилэринэн таһан көрөөхтүүллэр да, төһө сири үөтэлиэхтэрэй. Бу тухары Бөтүрүүс өйө-санаата дьонугар. Санаатыгар бэрэссэдээтэлин эрэнэр, хайаан да сайылык дьонугар этэн, бары бииргэ нэһилиэккэ киирбит буолуох­таахтар. Даайам оскуолатыгар үөрэнэн эрдэҕэ, Маайам төһө эрэ миигин кэтэһэр диэн бэйэтин бэйэтэ уоскутунар.

Итинник ыйтан ордук сору-муҥу көрөн, нэһилиэктэригэр кэллилэр. Дьонум бааллар ини диэн кэлбитэ, олох да суохтар. Бэрэссэдээтэл куораттаабыт, суол турдаҕына биирдэ кэлэрэ буолуо дэһэллэр. Эдьиийэ эмээх­син дьонун барытын сүтэрэн, ыксаан хаҕа эрэ хаалан олорор, улахан кыыс ытаан сыҥсыйар. Холкуос дьонугар тиийэн, быһаарса сатаата. Дьоно, биһиги тугу да билбэппит, ким да киллэр диэбэтэҕэ дэһэллэр. Бөтүрүүс хайдах курдук ыар балаһыанньаҕа түбэс­питин дьэ өйдөөтө, биэс-хас хонугунан кэлиэм диэн барбыт дьоно сайыҥҥы таҥаһынан хаалбыттара. Оттон билигин хаар түһэ турар. Бөтүрүүс халыйан кэлбит хараҕын уутун киэр садьыйаат ойон турда, саатар аҕалан киһилии хара­йыахха.

Сыарҕалаах атын көрүнэ турдаҕына, дьон ээр-сэмээр муһуннулар. Куһаҕаҥҥа кыттыгастаах курдук сананан, киһи сирэйин-хараҕын таба көрбөттөр. “Таах сибиэ баран эрэҕин ээ, быһыыта”, – диэн Дьаакып төлө биэрдэ. Бөтүрүүс атын үрдүгэр лап гына олоро биэрдэ да, сиэллэрэ турда.

Кытаанах быһаарыныы

Алааһыгар киирэн иһэн, санаатыгар киһи атаҕын суолун көрдүү сатаата. Ып-ыраас хаарга арай кыыл-сүөл, көтөр атаҕын суола эрэ дыргыйар. Бөтүрүүһү ыар санаа баттаатар баттаан истэ. Оттон арай… көрбүтүн итэҕэйбэтэ, балаҕаныттан буруо тыккырыыр. Алҕас көрдүм дуу диэн, сотто-сотто одууласта. Кырдьык, дьиҥнээх буруо, ол аата бааллар, тыыннаахтар.

Кыыстаах ийэ күнүскү астарын аһаары остуолга олорон эрдэхтэринэ, арай таһыр­дьа туох эрэ тыаһаата. Саҥата суох көрөн олордулар, арай балаҕаннарын аана аһылла түстэ да аҕалара киирэн кэллэ. Үөрүү-көтүү, ытаһыы кэнниттэн олоро түһэн, хайдах төннөллөрүн ырытыы буолла. Бөтүрүүс дьонун кыһыҥҥы таҥастарын аҕалбатаҕа арыллан, “олох да биһигини өлөрөн баран сылдьар эбиккин диэн”, ойоҕуттан кырбана сыста. Хайыаҕай, сарсыарда туран Ылдьаанаҕа эттэ: “Сайыҥҥы таҥастаах дьону хайдах илдьиэх­пиний, бачча тыыннаах хаалбыккыт кэннэ аны бэйэм тоҥорон өлөртүөм дуо? Онон хаалан эриҥ, мин маскытын бэлэмниэм. Баран кыһыҥҥы таҥаскытын аҕалыам”. Ылдьааналаах Маайа ону истээт, хаалбаппыт диэн сарылаһа түстүлэр.

Сыарҕаны толору оту тиэннилэр, дьахтар сонун сыыһын кыыһыгар кэтэртэ, быакаччы курдаата. Ол кэннэ от иһигэр киирэн сытынан кэбистилэр. Дьэ уонна Түгэх алаастан араҕыстылар. Бөтүрүүс эмиэ да үөрэр, эмиэ да айманар. Сөп буола-буола, Ылдьаанатын ыҥырар. Оччоҕо тиэйиилээх от иһиттэн хоһооно суох саҥа иһилиннэҕинэ, эгдэс гына түһэр. Биир түгэҥҥэ ким да хардарбата, Бөтүрүүс атын тохтотон киһитин иккистээн ыҥырда. Уу чуумпу. Этэ атыйа түһээт, батыччахтаан кэлэн, “Бааргыт дуо?” диэн үөгүлээтэ.

Ылдьаана эмиэ да киһитигэр абаланар, эмиэ да сонньуйар. Сонун кыыһыгар биэрбит буолан, дьагдьайда. Ол да буоллар биир күдьүс айаҥҥа бигэнэн утуйан хаалла. Эмискэ үлүгэр “Бааргыт дуо?” диэн хаһыыттан уһукта биэрдэ. “Баарбыт, баарбыт”, – диэхтээтэ. “Тоҕо саҥарбаккыт?” –  Бөтүрүүс бобуллаҥныыр саҥата иһилиннэ. Итинник ыһыытаһан-хаһыытаһан, киэһэлик сайылыкка тиийэн кэллилэр. Ийэлээх аҕа мас мастыы охсон, оһоҕу уматтылар, кыыс­тарын көтөҕөн киллэрэн уот иннигэр олордон кэбистилэр. Бөтүрүүстээх кыыс утуйдулар, Ылдьаана түүнү быһа уоту манаата. Сарсыарда эмиэ айаннара салҕанна.

“Бөтүрүүс иһэр” диэн оҕолор тыллаабыттарын истэн, чугастааҕы дьиэ дьоно бары тоҕо сууллан таҕыстылар. Бөтүрүүстэн атын ким да баара көстүбэт, Оппуруоһа сүрэҕин харбана түстэ. Өр буолбата, эр киһи атын сиэппитинэн тиийэн кэллэ уонна эрчимнээхтик “Биһиги кэллибит!” диэтэ. Дьэ уонна от быыһыттан Ылдьаананы, онтон Маайаны ороон таһаартаата. Мустубут дьон бары үөрэн, саҥа аллайа түстүлэр. Оттон ыла Маайаны көрсүбүт киһи барыта “ымыылаах кыыс” диэн ымманыйа ааттыыр буолбута.

+1
17
+1
1
+1
1
+1
0
+1
2
+1
3
+1
5
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: