Ынаҕы буоһатыыга үлэ күүскэ барыахтаах

Share

Үлэ-хамнас сыыппара хараҕынан кэпсэнэр. Ол курдук, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар ийэ сүөһү уопсай ахсаана былырыыҥҥыттан 3633 төбөнөн аччаабыт.

Ол курдук, бааһынай хаһаайыстыбаларга – 2153, онтон кэтэх ыалларга – 1760 төбөнөн, ол оннугар тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга 290 төбөнөн эбиллибит.

“Сахаагроплем” СБТ  отделын зоотехнига Татьяна Протопопова этэринэн, 75229 ийэ сүөһүттэн 57603 ньирэй ылыллыбыт. Ол эбэтэр 78,58 % тэҥнэһэр. Ол курдук үчүгэй көрдөрүүлэри Амма (4847 ийэ сүөһүттэн — 89,6 % төрүөҕү), Мэҥэ Хаҥалас (7082 сүөһүттэн — 94,9  %), Ньурба (4995-тэн – 89,7 %)  ситиспиттэр. Хоту улуустартан Өймөкөөн (461-тэн 90,5 быр.), Дьааҥы (1071-тэн 87,9  %) үчүгэй көрдөрүүлээхтэр.

— Уопсайа  75229 ийэ сүөһү баар, мантан 45737  ынаҕы оҕуһунан уонна искусственнай сиэмэлээһининэн  хаптылар. Ынаҕы искусственнайдык буоһатыы былаанын толоруу 69,9 % тэҥнэстэ.  Бүлүү (46,3 % ), Горнай (41,0 %), Нам (52,8 %), Уус Алдан (57,4 %), Дьокуускай (54,8 %) мөлтөх көрдөрүүлээхтэр. Онон ийэ сүөһүнү искусственнайдык буоһатыыга үлэни күүскэ ыытыыга бары турунуох тустаахпыт, — диир Татьяна Протопопова.

Хаартысканы: Т.Протопопова тиксэрдэ.

Recent Posts

  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Үөһээ Бүлүү эдэр рэперэ Джиданы кытта улахан сыанаҕа ыллаата

Аҕыйах хонуктааҕыта Үөһээ Бүлүүгэ "Бүтэһик чуораан" бырааһынньыгар Гоша Васильев-Джида "Сүрэхпит тэбэрин тухары" ырыатын толорор уолчаан…

56 секунд ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сирин соҕуруу куората олоҥхоһуттары кэтэһэр!

Нэдиэлэ саҥата өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр СӨ Бырабыыталыстыбатын хамыыһыйата Нерюнгри куоракка үлэлээтэ. “Таастаахха” Күн бастакы…

11 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Болуоссакка оҕо эчэйбитинэн бэрэбиэркэ ыытыллыаҕа

СӨ Баһылыгын дьыалаларын управлениета уонна СӨ Бырабыыталыстыбата Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэ болуоссатыгар оҕо эчэйбит быһылаанынан маннык иһитиннэрэр:…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Турдарбын Владивостокка, Иркутскайга тиийиэм…”

Аллараа Бэстээххэ тимир суол кэлиэҕиттэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо арыый да удамыр сыанаҕа пуойаһынан Владивостокка, Нерюнгрига, Благовещенскайга,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чокуурдаах социальнай үлэһитэ Галина Филина

Бүгүн – Социальнай үлэһит күнэ. Чокуурдаахха күннэтэ бөһүөлэк устун төттөрү-таары биир уһун уҥуохтаах, нууччалыы хааннаах…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Суол саахалларыгар үс киһи суорума суолланна

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 10 буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Ленскэй оройуонугар дьиэттэн…

2 часа ago