Салгыы
Ынах арыытын сыаната туохтан тутулуктааҕый?

Ынах арыытын сыаната туохтан тутулуктааҕый?

05.10.2024, 11:30
ХААРТЫСКАЛАРЫ “ХОТУ”, “ЧУРАПЧЫ” ТХПК-ЛАР ТИКСЭРДИЛЭР.
Бөлөххө киир:

Бу ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга биэс күнү быһы СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин (миниистир А.Александров) тэрийиитинэн С.М.Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт үгэс буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥка буолан ааста. Ас-үөл дэлэччи тардыллан, куорат дьоно, ыалдьыттара кыһыҥҥы астарын хаһааннылар.

Быйылгы дьаарбаҥкаттан ынах арыытын туһунан кылгастык кэпсэтиэҕиҥ. Ынах арыыта дэлэйэ сүрдээх. Сап-саһархай арыыны көрөргө да үчүгэй. Дьаарбаҥка түмүгүн таһаарыыга “Ынах арыыта” номинацияҕа “Чурапчы” ТХПК “Любительскай” арыыта 1 истиэпэннээх дьупулуому ылла. 2 ист. – “Амма” СППК, 3 ист. – “Кладовая Олекмы” ХЭУо.

Атыылаһааччылар олохтоох ынах арыытын сыаната  ыараа­бытын бэлиэтииллэр.  Ол да буоллар, дьон үксэ дьааһыгынан ылла быһыылаах.

Бүлүүгэ – сылы эргиччи

Быыстапкаҕа ситиһии­лээхтик кыттыбыт “Сыа Бүлүү” салайааччыта Алексей Кондратьев этэринэн, Бүлүү улууһугар бу “Сыа Бүлүү” арыыны дэлэччи оҥорор уонна атыыга сылы эргиччи баар буолан, урукку курдук дьон дьаа­һыгынан хаһааммат буолбут. Бу туһугар үчүгэй көстүү.

– Арыы дэлэйиитигэр дьон үүт туттарара көмөлөһөр. Туппут үүппүтүн сүөгэйдээн, арыылыыбыт. Сыанабыт, биллэн турар, гаас, уот сыанатыттан, үлэһиттэр хамнастарын үрдэтиигэ көрсөр орос­куоттарбытыттан тутулук­таах. Пиэрмэр хаһаайыстыбалары кытта хардарыта аахсар буоламмыт (взаимозачет), арыыбыт сыаната арыый чэпчэки, – диир Алексей Алексеевич.

“Чурапчы” кэпэрэтиип дьаарбаҥкаҕа 600 киилэ арыыны атыылаата 

Быыстапкаҕа ынах арыытыгар бастаабыт “Чурапчы” ТХПК (сал. Петров Н.И.) 600 киилэ ынах арыытын киллэрэн атыылаата. Сыл устата кэпэрэтиип ынах арыытын кытары оҥорон таһаарар атын бородууксуйаларын Чурапчы сэлиэнньэтигэр баар бэйэтин фирменнэй 4 маҕаһыыныгар, Дьокуускай куоракка маҕаһыын­наах урбаан­ньыттарыгар уонна Чурапчы улууһун нэһилиэктэринэн баар арыы сыахтарыттан нэһилиэнньэҕэ быһаччы атыылыыр, үүт туттарааччыга үүтүн суотугар аахсыһыннаран эмиэ биэрэр.

Ону таһынан чугас улуус­тарга көһө сылдьар дьаарбаҥкалары тэрийэр.

“Чурапчы” кэпэрэтиип  2021 сылтан бэттэх көрдөрүүлэрин ыллахха, сылга быһа холоон 140 туоннаны оҥорон таһаарар. 2021 сылга диэри сыл аайы 200-тэн тахса туонна арыы оҥоһуллубут. Бу көрдөрүү хамсааһыныгар үүт туттарыыта 2021 сылтан ыла лаппа аччааһына сабыдыаллаабытын бэлиэтииллэр.

Сыана туһунан

Арыы сыаната туохтан тутулуктааҕын бу “Чурапчы” кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Иван Петрович Пермяков маннык быһаарда:

  1.  Арыы сүрүн сырьета үүт буолар, быһа холоон эттэххэ, 24 киилэ үүттэн 1 киилэ арыы оҥоһуллан тахсар. Быйыл 2024 сылтан үүт тутуутугар тэрилтэ бэйэтин өттүттэн аахсыыта 1 киилэ үүккэ 15 солк. тэҥ­нэспитэ (эрдэтээҥҥи сылларга 10 солк. этэ), ол аата бу арыыбыт быйыл сүрүн сырьета тэрилтэҕэ ороскуота 1,5 төгүл үрдээтэ.
  2. Ону таһынан үлэһиттэр хамнастарыгар көрүллэр орос­куот.
  3. Бу арыыны, сүрүн сырьетун – үүтү таһарга тиэхиньикэ уматыга, саппаас чаастара, көрүүтэ-истиитэ.
  4. Собуоту үлэлэтэргэ уунан, оттугунан, сылааһынан хааччыйыы.
  5. Үүтү пастеризациялыырга ууттан паар оҥорон таһаарыы.
  6. Арыыны оҥорор оборудованиены көрүү-истии, өрөмүөннээһин, саппаас чаастарын атыылаһыы.
  7. Санитарнай өттүгэр эмиэ араас докумуоннар, көҥүллэр, анаалыстар эмиэ ороскуот чааһыгар киирэллэр.
  8. Төлөнөр нолуоктар.
  9. Уонна да өссө араас бытархай туттар мал, таҥас-сап уо.д.а. курдук араас ороскуоттар бааллар.
  10. Хайа баҕар тэрилтэ кирэдьииттээх, ол кирэдьиит бырыһыанын төлөөһүн эмиэ бородууксуйа сыанатыгар киирэр.

Итини барытын холбуу тутан суоттаан, учуоттаан, сыана оҥоһуллар. Онон үүт сыаната тэрилтэҕэ 15 солкуобайга кэлэр, 24 киилэ үүттэн биир киилэ арыы тахсар буоллаҕына, 1 киилэ  арыы сыаната 360 солк. саҕаланыахтаах диэн өйдөбүл оруна суох.

Бу арыыбыт, биллэрин курдук, “улахан үүт сезона” дэнэр кэмҥэ, бэс ыйын саҕаланыаҕыттан балаҕан ыйа бүтүөр диэри хамаҕатык оҥоһуллар, бу кэмҥэ оҥоһуллар арыы барыта атыыга барбата чахчы. Ол курдук, кэпэрэтииппит 400 кв. м иэннээх булууһугар мунньан, сайылатан баран, кыһыҥҥы кэмҥэ өрөспүүбүлүкэбитин толору хааччыйабыт.

Маннык ороскуоттар баалларын “Хоту” кэпэрэтиип кылаа­бынай буҕаалтыра Анна Баишева эмиэ бэлиэтиир.

Таһыы-көтөҕүү…

Кырдьык, арыыны оҥоруу чэпчэкитэ суох үлэ.  Тыаҕа да олорор эрдэххэ, биир ынах­таах киһи сүөгэй иирдэн арыыны таптайаары  гыннахха, син түбүк курдук буолара. Оттон арыыны оҥорор хаһаайыстыбалар үүтү тутан баран, пастеризациялыахтарын, сэпэрээтэргэ сүүрдүөхтэрин наада. Паровой систиэмэлэрэ эҥин…

– Сүөгэйгин ыйаан баран, 35 бырыһыаҥҥа диэри убатаҕын, онтон оргутаҕын паровой систиэмэнэн. Иһиттэргэ (емкость) кутаҕын, сойутаҕын, сойбутун кэннэ тымныыга киллэрэҕин. Үчүгэйдик сойбутун кэннэ сбойкаҕа кутан эриттэрэҕин, уутун ыктараҕын. Уунан сайҕаан баран, уутун ыктараҕын, эриттэрэҕин. Ити барыта 4 чаас устата барар. Онтон анаалыстыыгын, хостуугун, таптайаҕын. Дьэ, ол быыһыгар төттөрү-таары таһыы, көтөҕүү үлэтэ баар, – диир бу ыарахан үлэни  төрдүттэн билэр, Мэҥэ Хаҥаластан Тиэлиги пиэрмэрэ Наталья Данилова. Кини быйыл эмиэ ситиһиилээхтик кытынна.

Арыыбыт куйааска өссө табыллымыан сөп эбит. Оччоҕо хат-хат кутуу, сүөкээһин үлэтэ күүтэр. Наталья Ивановна үчүгэй арыы үүт сыатыттан, хайдах сойбутуттан тутулук­тааҕынан быһаарар.

Кини этэринэн, арыы сыанатын ыарахана гофра дьаа­һыгы уонна пергаментнай кумаа­ҕыны атыылаһыы орос­куотун кытта эмиэ сибээстээх. Ол курдук, бу кумааҕыны соҕурууттан сакаас­тыыллар.

Сыанабытыгар төннөн кэллэххэ, дьаарбаҥка кэмигэр  ынах арыыта 1200-1400 солкуо­байга атыыланна. Илин эҥээр, Бүлүү умнаһынааҕы улуустар бу сыанаҕа өссө сиринэн, паромунан айаннарын ороскуотун эмиэ киллэрдэхтэрэ.

Өйдүүр инигит, 90-с сыллар бүтүүлэрин. Биир «Рама» арыыттан иккини оҥорон сиир кэм ааспытын. Билигин санаа­тахха, дьикти аһылык эбит. Ол “Рама” арыы эргийиэн ким да баҕарбата чахчы. Билигин олохтоох арыыбыт дэлэй.

+1
11
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: