Салгыы
Ынах-сүөһү сүтүүтүн иһин 40 мөлүйүөнү биэриэхтэрэ

Ынах-сүөһү сүтүүтүн иһин 40 мөлүйүөнү биэриэхтэрэ

18.09.2024, 10:34
Хаартыска: М.Васильева (СИА)
Бөлөххө киир:

Быйылгы сааскы халаан кэмигэр ынах-сүөһүлэрин уонна сылгыларын сүтэрбит аграрийдары өйүүргэ Саха сиригэр 40 мөлүйүөнү ыытыахтара. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Нам улууһугар чөлүгэр түһэрэр үлэлэргэ көһө сылдьар мунньах кэмигэр иһитиннэрдэ.

«Халаан кэмигэр  тахсыбыт хоромньуну  толуйарга бырабыыталыстыба быһаарыыта бу нэдиэлэ бүтүөр диэри ылыллыахтаах. Уопсайа 40-ча мөлүйүөн  суумалаах үп тыа  хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорооччуларга бэриллиэҕэ”, — диэн Айсен Николаев хотоннору, арыы сыахтарын уо.д.а. эбийиэктэри чөлүгэр түһэрэргэ үп-харчы бу нэдиэлэҕэ бэриллиэхтээҕин туһунан эттэ.

Айсен Николаев көһө сылдьар мунньахха ону сэргэ олорор дьиэлэри чөлүгэр түһэрии боппуруоһун быһаарарга миниистирдэр кэбиниэттэригэр сорудахтаата. Нам улууһугар бүтүннүү ууга барбыт дьиэнэн – 78, Өлүөхүмэ улууһугар 23 дьиэ быһаарылынна.  Маныаха дойду бүддьүөтүттэн бэриллиэхтээх үп өссө түһэ илик. Ол гынан баран, нэһилиэнньэлээх пууннарга үлэ ыытыллар. Чуолаан, Нам улууһугар бэдэрээччиттэр саҥа дьиэлэри билиҥҥитэ бэйэлэрин үптэринэн туталлар, ол барыта бүддьүөттэн төннөрүллүөҕэ.

“Сүрүнэ – халааҥҥа эмсэҕэлээбит дьиэлээх дьон кылгас кэм иһигэр көһүөхтээхтэр, ким да көмө ылбакка хаалыа суохтаах. Уопсайынан, сайыҥҥы кэмҥэ  үтүмэн үлэ оҥоһулунна. Саахалы туоратар, чөлүгэр түһэрэр үлэлэр өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын болҕомтотугар бааллар. Тиһиктээх үлэ барар. Биһиги сэтинньи саҥатыгар ыытыахтаах мунньахпытыгар түмүктэри таһаарыахпыт”, — диэтэ Айсен Николаев.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: