Ынах, таба, биэ төбөтүгэр төлөбүр үрдээтэ

Share

Быйыл тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһаарыыга муниципальнай тэриллиилэргэ уонна куораттар уокуруктарыгар 7,6 миллиард солкуобай көрүлүннэ. Бу былырыыҥҥыны кытары тэҥнээтэххэ, 16%-нан элбэх.

Бу үптэн 3 миллиард 840 мөлүйүөн солкуобайы 64 тыһыынча туонна үүтү ыаһыҥҥа уонна оҥорон таһаарыыга ыытыахтара. Киилэ үүт сыаната 50 солкуобайтан 60 солкуобайга диэри улаатта.

1 миллиард 458,6 мөлүйүөн солкуобай сүөһү иитэр кэтэх хаһаайыстыбалары өйүүргэ ыытыллар. Ынах төбөтүгэр төлөбүр 35 тыһыынча солкуобайтан 37 тыһыынчаҕа диэри улаатта.

587,6 мөлүйүөн солкуобайы Арктикатааҕы, хотугу уонна бырамыысыланнай оройуоннарга үүнээйини олордорго, сылгыны иитиигэ биэриэхтэрэ. Биир биэ төбөтүгэр төлөбүр 3 тыһыынчаттан 5 тыһыынча солкуобайга диэри улаатта.

815,5 туонна сүөһү, 300 туонна сылгы, убаһа этин, 4 736,3 туонна туорах бурдугу, 6 675 туонна хортуоппуйу, 2 870 оҕуруот аһын оҥорон таһаарарга 203,7 мөлүйүөн солкуобай көрүллэр.

1 миллиард 10,4 мөлүйүөн солкуобай табаны иитиигэ көрүллэр – биир таба төбөтүгэр төлөбүр 4 995,5 солкуобайтан 5 335,4 солкуобайга диэри улаатта.

Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин быйыл 2,6 миллиард солкуобайынан улаатан, 2023 сылга уопсайа 14,2 миллиард солкуобайга тэҥнэстэ (бу мантан 0,7 миллиард солкуобай федеральнай бүддьүөттэн кэлэр).

СӨ бырабыыталыстыбатын, Ил Дархан пресс-сулууспата.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

ХАРЫЙАМ БЭЛЭҔЭ (ЫРЫА)

Бүгүн Үөһээ Бүлүүттэн ааҕааччыбыт, элбэх ырыа куонкуруһун кыайыылааҕа, ырыаһыт Ариан Федоров үүнэр 2026 сылы көрсө…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саҥа сылы доруобуйаны айгыраппакка көрсүөххэ

Саҥа дьыл кэнниттэн сорохторго өссө биир уоппуска кэмэ наадатын курдук буолар. Тоҕо диэтэххэ, урукку тэтимнэригэр…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОҔО СААҺЫМ САҤА ДЬЫЛА…

Аҕыйах оҕону бэлэмнээн, хаар түспүтүн кэннэ сыарҕалаах ат булан, пиэримэҕэ кэнсиэрдии барабыт. Миигин бэлэмнээн биллэрээччи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алексей Еремеев: «Үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан!»

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһигини үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан уонна Ороһуоспанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Уот кыһыл ат сылыгар туох күүтэрий?

Илиҥҥи халандаар этэринэн, хас биирдии сыл гороскопка баар 12 кыыл салалтатынан ааһар. Үүнүөхтээх 2026 сыл…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: «Ис сүрэхпиттэн үүнэн иһэр 2026 сылынан эҕэрдэлиибин!»

Ис сүрэхпиттэн үүнэн иһэр 2026 сылынан эҕэрдэлиибин! Биһиги XXI үйэ иккис чиэппэригэр үктэнэбит. Бэлиэ түгэннэринэн, чаҕылхай ситиһиилэринэн…

4 часа ago