1966 сылтан Өрөспүүбүлүкэтээҕи культурнай-сырдатар училищеҕа үҥкүү салаата аһыллар буолан, сэбиэдиссэйинэн уонна педагогунан Аксения Васильевна Посельская анаммыта. Дьэ, мантан саҕаламмыта, кини 17 сыл устата төһөлөөх элбэх үҥкүүһүт оҕолору үөрэтэн-такайан, Саха сирин араас муннуктарыгар көччөх гынан көтүтүүтэ. Аксения Васильевна манна өссө биир талаана арыллыбыта – айылҕаттан ананан кэлбит педагог, уһуйааччы буолара.
Ирдэбиллээх, эппиэтинэстээх, бэйэтин идэтин толору баһылаабыт учуутал, саха үҥкүүтэ салгыы сайдарын туһугар, былыргыттан саҕалаан, аныгылыы классическай хамсаныылары киллэрэн, музыкальнай доҕуһуолун тупсаран ыыппыт айымньылаах үлэтэ үрдүк таһаарыылаах буолбута. Дьэ бу хореографическай отделениены үөрэнэн бүтэрбит бастакы анал үөрэхтээх хореографтар Чурапчыга ананыыларын историятыттан кылгастык быһа тутан кэпсиим.
Зайцева Светлана Кирилловнпа-СӨ култууратын туйгуна, «Гражданскай килбиэн» Бэлиэ, Ийэ 2-с истиэпэннээх мэтээлэ, «Сэрии кэмин оҕото» мэтээлэ, Уус-Маайа култуураҕа уонна духуобунаска сайдыытыгар киллэрсибит кылаатын иһин Бэлиэ, «2001— сыл киһитэ» бэлиэ хаһаайыннара — Чурапчы оройуоннааҕы Култуура дьиэтигэр 1969 с. ананан үлэлии кэлбитэ. Кини 1943 с. олунньу 13 күнүгэр Булуҥ Күһүүрүгэр күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Ольга Прокопьевна социальнай харалта отделын начаалынньыга Намтан төрүттээх, аҕата Кирилл Петрович Васильев Бүлүүттэн төрүттээх учуутал этилэр. Хореографическай отделение бастакы выпуһа — 15 оҕоттон 10 оҕо бүтэрбитэ. 3 сыл үлэлиир дуогабардаах дипломнай үлэтин Чурапчы РДК-гар көмүскээбитэ. Дипломнай үлэтин учуутала А.В.Посельская кэлэн комиссия састаабыгар киирэн дипломнай үлэтин туппута. Светлана Кирилловна туйгуннук көмүскээбитэ. Кини дипломнай үлэтигэр үҥкүүлээбит, кини ыытар куруһуогар дьарыктаммыт 4 кыыс хороеграфическай отделениеҕа туттарсан, үөрэнэ киирбиттэрэ уонна бүтэрбиттэрэ. Светлана Кирилловна ахтар:
“Ыччат наһаа көхтөөх этэ. Хомсомуол сэкирэтээрэ П.И.Уаров ыччаттары хамсатар лиидэр этэ. Оройуону биир гына агитбиригээдэнэн сылдьарбыт.1971 с. телевизионнай фестиваль буолбута.1972 с. уус-уран самодеятельность зонатааҕы көрүүтүгэр Мэҥэ-Хаҥаласка Майаҕа баран кыттыбыппыт. Үҥкүүлэри Иван Барашковтыын иккиэн бэлэмнээбиппит”.
Светлана Кирилловна кэргэн тахсан, Уус-Майаҕа анатан көспүтэ. Кинилэр 7 оҕолоохтор, 13 сиэннээхтэр,1 хос сиэннээх.Сиһилии тахсар кинигэттэн билсиэххит.
Барашков Иван Егорович — Саха Республикатын үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна, Мугудай оскуолатын бочуоттаах үлэһитэ, сцена, үлэ бэтэрээнэ.
(05.12.1945 с.-26.05.2009с.)
И.Е.Барашков 1968 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училищеҕа үҥкүү салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Ол кэмҥэ хоровой салаа уһуйааччытыгар Антон Теҕа дьарыктанан, музыкальнай грамотаҕа, байааҥҥа нотанан оонньуурга «Үлэбэр наада буолуо», — диэн эмиэ үөрэммитэ. А.В.Посельская училищеҕа үөрэппит иккис көлүөнэ оҕолоруттан биирдэстэрэ, тапталлаах үөрэнээччитэ
буолбута. Саха сиригэр иккис выпусктарынан 17 оҕо 1970 сыллаахха «уус-уран самодеятельность үҥкүүтүн салайааччыта» буолаары дипломнай үлэлэригэр өрөспүүбүлүкэ араас оройуоннарыгар тарҕаспыттара, сир-сир аайы үҥкүү кэлэктииптэрэ тэриллибиттэрэ..». Иван Егорович ханнык баҕарар үҥкүүнү ис дууһатыттан турукка киирэн, иэйэн-куойан толороро. Ол курдук гуцульскай, молдавскай, испанскай, закарпатскай үҥкүүлэри эрчимнээхтик, омуктар майгыларын, уратыларын арыйан толороро. 1971 сыллаахха Иван Егорович үөрэҕин бүтэрэн Чурапчыга Култуура дьиэтигэр үлэтин балетмейстерынан саҕалаабыта.. Үгүс көрүүлэргэ, фестивалларга кыттыбыта, оройуонун чиэһин үгүстүк көмүскээбитэ. «Ол кэмтэн Чурапчым иһиттэн ханна да харыс халбарыйбакка, оҕолору, ыччаттары үҥкүү кэрэ эйгэтигэр, ырыа, музыка алыптаах дорҕоонугар биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри үөрэттим, уһуйустум», — диэн суруйан хаалларбыта.
Скрябин Гаврил Егорович.
(26.04.1945- 14.01.1998 с)
Кини оҕо сааһа Мугудайга ааспыта. 1969 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культпросвет училищеҕа хореография салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Үөрэнэ сылдьан 1972 сыллаахха Хабаровскай куоракка буолбут Бүтүн Союзтааҕы бальнай үҥкүү конкурсугар кыттан, лауреат буолбута. 1972с. культурнай- сырдатар училищены бүтэрэн, Мугудайга СДК дириэктэринэн үлэлии кэлбитэ. Манна “Ньургуһун” оҕо үҥкүү ансаамбылын тэрийэн, үгүс оҕону үҥкүү алыбар уһуйбута. Дьэ ити кэмтэн Мугудайдааҕы сынньалаҥ киинигэр үлэ күөстүү оргуйбута.
Аҥардас үҥкүүһүттэри, балетмейстердары иитиитэ, уһуйуута, кини холобурун батыһааччылар элбэхтэрэ — кини исписэлиис быһыытынан үрдүк таһымнааҕын туоһулууллар. Билигин үлэҕэ, үөрэххэ уһуйбут ыччаттара кини саҕалаабыт үлэтин салҕааннар, омук сиригэр тиийэ тахсан ситиһиилэннилэр. 1978-1980 сылларга САССР Култууратын министерствотын методическай киинигэр инструкторынан үлэлээбитэ.
1980 сылга “Чэчир” оҕо фольклорнай үҥкүү ансаамбыла Саха хомсомуолун лауреата Норуоттар икки ардыларынааҕы “Артек-82” оҕо фестивалын лауреата. Г.Е.Скрябин үлэлээбит сылларыгар “Чэчир” ансаамбыл ситиһиилэрэ:
1980с. Германияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы 4-с фестивалыгар, Москваҕа “Олимпиада-80” култуурунай бырагырааматыгар, 1981с. “Орленок” пионерскай лааҕырга, 1982с. “Артек” пионерскай лааҕырга , 1984с. Москваҕа БСНХСБ-га, Беларуссияҕа телефестивальга, БАМ-ҥа, Тиксиигэ, оройуон үбүлүөйүгэр кыттыбыттара, үҥкүүлээбиттэрэ. 1985с. Москваҕа БСНХСБ-га, Бүтүн Аан дойдутааҕы ыччаттар уонна студеннар 12-с фестивалларыгар, АЯМ-ҥа кэнсиэрдээбиттэрэ.
Филиппов Анатолий Алексеевич-СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ (30.12.1946-12.07.2013).
1946 с. ахсынньы 30 күнүгэр Сунтаар Сиэйэтигэр күн сирин көрбүтэ. Орто оскуоланы бүтэрэн баран, Культурнай-сырдатар училищеҕа хореографическай отделение аһыллан, туттарсан үөрэнэ киирбитэ. 1970 с. үҥкүүгэ дьоҕурдаах уолу Ленинградка Н.К.Крупская аатынан Култуура институтугар направление биэрэн, үөрэххэ ыыппыттара. Кини бииргэ үөрэммиттэрэ хореографическай отделение бастакы выпустара этилэр.1976 с. институтун бүтэрэн, педагог-балетмейстер идэтин ылбыта. 1976-1979 сылларга Чурапчы РДК -гар балетмейстерынан
үлэлээбитэ. 1979 с. кини көҕүлээһининэн Чурапчы музыкальнай оскуолатыгар хореографическай отделение аһыллыбыта. Итиннэ 1983 сылга диэри, 4 сыл преподавателинэн үлэлээбитэ.
Толя туруорбут үҥкүүлэрэ туруоруу да, музыкатын талыы да өттүнэн үрдүк таһымнаах буолаллара. Анатолий Алексеевич, чахчы, идэтин күүскэ баһылаабыт уонна онтуттан дуоһуйууну ылар хореограф этэ. Ол кэмҥэ Чурапчы үҥкүүтүн үрдүк таһымҥа таһаарбыта. Үчүгэй күүстээх хореограф бэйэтин үҥкүүгэ тапталын, умсулҕанын хаһан да умнубаттарын курдук үөрэппит оҕолоругар уһуйан, такайан, Чурапчы үҥкүүтүн сайдыытыгар уонна хореографтары уһуйууга сүҥкэн кылаатын киллэрсибитэ. Билиҥҥи курдук дьону наҕараадаҕа түһэрэр үгэс олоххо киирэ илик кэмнэрэ буолан, үлэлээбит суола-ииһэ бэлиэтэммэккэ хаалбыта.
1983 сылтан Мирнэйгэ үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, “Кустук” ансаамбылы тэрийэн, биллэр-көстөр суолу хаалларбыта.Элбэх оҕо хореограф идэтин талан, олохторун үҥкүү эйгэтигэр анаабыттара.
Посельская (Попова) Александра Алексеевна-СӨ култууратын туйгуна
Александра Алексеевна 1969-1972 сылларга Культурнай -сырдатар училище хореографическай отделениетын үөрэнэн бүтэрбитэ.1972-1977 сс Хатылыга уус-уран салайааччы. 1977 с. СГУ месткомугар худрук. 1979-1980 с. Чурапчы РДК инструктор, 1980-1984 с.Хадаар детсадыгар иитээччи, 1984-1986 сс. Дириҥ музыкальнай оскуолатыгар преподаватель, 1986-1987с.”Маарыкчаан” кинотеатрга дириэктэр. 1987-1992сс. Чурапчы райисполкомун Култуураҕа отделын инспектора.
1992-1996 сс. Чурапчы музыкальнай орскуолатын преподавателэ.1996-2017 сс. Дьокуускайдааҕы хореографическай училищеҕа интэринээт сэбиэдиссэйэ, иитээччитэ. 2018-2020 сс. хореограф ПДО “Пушинка” детсакка. 2020-2024 сс. – “Аврора”-клиникаҕа Уһун үйэлэнии киинигэр хореограбынан үлэлиир. Үйэтин тухары олоҕун үҥкүүнү кытта сибээстээн кэлбит биир киэн туттар үҥкүүһүппүт, хореограппыт буолар.
ФЕДОРОВА АННА МИТРОФАНОВНА -СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ,СӨ “Гажданскай килбиэн” Бочуоттаах бэлиэтин хаһаайына,СӨ култууратын туйгуна, “Арктика сайдыытыгар киллэрсибит кылаатын иһин” бэлиэ, СӨ үөрэхтээһин, култуура уонна искусство садыытыгар киллэрсибит кылаатын иһин Бэлиэ хаһаайыннара, Муома оройуонун бочуоттаах гражданина, Муоматааҕы искусство оскуолатын дириэктэрэ. “Радость тундры” Муома оройуонун эвенскэй норуодунай ансаамбылын төрүттээбит уонна айымньылаахтык үлэлэппит биир дойдулаахпыт.
1954 с. ахсынньы 18 күнүгэр Мугудайга төрөөбүтэ.
1973 с. Культпросвет-училище хореографическай салаатын бүтэрбитэ. Кэлин 1993 с. Удан-Удэҕэ Илин Сибиирдээҕи култуура институтун бүтэрбитэ.1974 с. Муома музыкальнай оскуолатыгар ритмикэ преподавателинэн үлэҕэ ылыллыбыта. 1979 с. преподавателинэн, 1990 сылтан дириэктэринэн анаммыта. Кини төрүттээбит “Туундара үөрүүтэ” ансаамбыл Сэбиэскэй Союз элбэх куораттарынан кэнсиэрдээбитэ.1983 с. Киин телевидениенан толору кэнсиэртинэй бырагырааманан көстүбүтэ. Кини уһуйбут оҕолоро Дмитрий Дмитриев уонна Надежда Корякина балекка СӨ норуодунай артыыстара буолбуттара. Билигин Муоматааҕы искусство оскуолатыттан куорсун анньынан, Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар 5 иитиллээччилэрэ ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Оттон Ефимов Айтал, Фирсова Раиса, Калдарбаева Минаш, Максимова Анна, Корякина Катя уонна Алексей Максимов Кыыл Уолун аатынан Государственнай Үҥкүү тыйаатырыгар айымньылаахтык үлэлииллэр.
Соловьева Мария Семеновна — СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ. Кэбээйи улууһун үөрэхтээһинин систиэмэтигэр киллэрсибит кылаатын иһин, Кэбээйи улууһугар социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрсибит кылаатын иһин, Дьокуускай куорат Думатын “Признание заслуг”, МОБУ НПСОШ №2 кыһыл көмүс Знактар хаһаайыннара, “РФ социальнай сулууспатын 100 сыла”, Дьокуускай куора 375 сыла, 380 сыла үбүлүөйүнэй бэлиэлэр хаһаайыннара.
1971-1974 сылларга ЯРКПУ хороеграфическай салаатыгар үөрэммитэ.1974-с. Чурапчыга автоклуб штатыгар үлэҕэ киирбитэ.1974с.балаҕан ыйыттан Саха эстрадатыгар үҥкүүһүтүнэн сылдьыбыта.1975 с.от ыйыттан Чурапчы РДК-гар балетмейстер. 1979 с. балаҕан ыйыттан Сангаарга Пионердар дьиэлэригэр методист учуутал. 1991 с. атырдьах ыйыттан Сангаар музык.оскуолатыгар үҥкүү учуутала.1995 с. тохсунньуттан хореография отделын сэбиэдиссэйэ, учуутала. 1998 с. балаҕан ыйыттан “Золотинка” уһуйааҥҥа уонна начаалынай оскуолаҕа үрдүк квалификациялаах иитээччи, үҥкүүгэ уһуйааччы буолбута. 1999 с. бэс ыйыттан Дьокуускайга 2 № политехническай оскуолаҕа үҥкүү куруһуогун салайааччытынан, 2000 с. балаҕан ыйыттан спортивнай-бальнай үҥкүү тэрийээччитинэн, тириэньэринэн, үрдүк квалификациялаах педагогунан анаммыта. 2014 с алтынньыттан үһүс көлүөнэҕэ педагог-волонтерунан ананан, күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьар.
“Дойдубар үлэлээбит кэмнэрбин наһаа үчүгэйдик, истиҥник саныыбын, үҥкүү сайдыытыгар кылааппын киллэрбитим дии саныыбын. Биһигини көрөн, холобур ылан Чурапчыттан элбэх оҕо үҥкүү үөрэҕэр киирбиттэрэ.
Билигин Чурапчы үҥкүүһүттэрэ биллэр- көстөр дьон, ансаамбыллар да элбэхтэр. Мин бастакы балерина Посельская Аксения Васильевнаҕа үөрэммиппинэн өрүү киэн туттабын. Олоҕум салайыытынан атын промышленнай улууска, Кэбээйи Сангаарыгар тиийэн, эмиэ үҥкүү сайдыытыгар үгүс кылааппын киллэрдим. 1998 с Дьокуускай куорат 2 N-х политехническэй оскуолатыгар үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа
тахсан баран, билигин куорат аҕа саастаах дьонугар — Үһүс көлүөнэ оскуолатыгар үлэлии сылдьабын. Онон, ханна да сырыттарбын, төрөөбүт улууһум аатын түһэн биэрбэккэ, ону тэҥэ учууталым аатын ааттата сылдьарбынан киэн туттабын”, — диир кини.
Уарова Варвара Иннокентьевна- Дыгыйа Дугуй. СӨ үөрэҕириитин туйгуна-
ЯРКПУ хореографическай салаатыгар 1970-1973 с үөрэнэр.1973 с. атырдьах ыйыттан Амма РДК-гар методиһынан , 1974 с.ахсынньыттан Чурапчы РДК-гар 1975 с. алтынньыттан Чурапчы 2№ оскуолатыгар, 1977 с. Нам РДК-гар балетмейстерынан, 1979 с алтынньыттан Дириҥ музыкальнай оскуолатыгар үҥкүү кылааһын учууталынан,1983 с. балаҕан ыйыттан Үөһээ Бүлүү музыкальнай оскуолатыгар үҥкүү кылааһын учууталынан, 1988 сылтан с.Үөһээ Бүлүү 1№ оскуолатыгар үҥкүү куруһуогар, 1996 с. алтынньыттан Д.П.Коркин аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай оскуолаҕа, Чурапчы орто оскуолатыгар уонна Чурапчы начаалынай оскуолатыгар үҥкүү куруһуоктарын салайааччытынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
1998 с.алтынньытыттан Дьокуускай куорат Маҕан оскуолатыгар, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри оҕолору, ыччаттары үҥкүүгэ уһуйбута. Онтон таах олорбот. 2002-2005 сылларга педагог организаторынан үҥкүү ансаамбылыгар үлэлиир. 2006 с. Өймөкөөн Томторугар искусство оскуолатыгар бальнай үҥкүү кылааһыгар, 2007 сылтан Маҕаҥҥа бальнай үҥкүүнү үөрэтиигэ методиһынан, 2009 сылтан кэнсиэри тэрийсээччи бөлөҕөр киирсэн, 2018 с. диэри үлэлэһэр. Варвара Иннокентьевна киһи аайы бэриллибэт ураты күүстээх энергиялаах, олоҕун бүтүннүү үҥкүүгэ анаабыт талааннартан биирдэстэрэ буолар.
Гаврильева (Догордурова) Татьяна Михайловна — СӨ култууратын туйгуна, СӨ үөрэҕиириитин туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах бэтэрээнэ.
14.09.1952 с. Чурапчыга төрөөбүтэ. Суруйааччы Михаил Доҕордуурап маанылаах кыыһа.
“Биһиги оскуола кэнниттэн төрдүө буолан — Варя Кондратьева, Валя Ермолаева, Надя Кузьмина уонна мин, оччолорго ЯРКПУ-ну бүтэрээри сылдьар, дипломнай практикатын бараары Чурапчыга тахсыбыт Зайцева Светлана Кирилловнаҕа үҥкүүгэ дьарыктаммыппыт. Кылгас да кэмҥэ буоллар, кини биһигини наһаа кыһаллан, үчүгэйдик үөрэппит эбит. Кыратык станокка туруорбута уонна нанайскай, тувинскай уонна патриотическай тиэмэҕэ улахан композиция туруорбута. Үҥкүүлэригэр барытыгар бэйэтэ көстүүм тигэттээн, сценаҕа тахсыбыппыт. Светлана Кирилловна дипломнай үлэтин учуутала Аксения Васильевна Посельскайа бэйэтэ тахсан туппута, үөрэнээччитин хайҕаан, үрдүк сыанабылы биэрбитэ, «5» сыананы туруорбута. Онон биһигини төрдүөммүтүн үҥкүүгэ угуйбут киһинэн Светлана Кирилловна Зайцева буолар, кини ЯРКПУ үҥкүүгэ салаатан биир бастакы выпускницата.
Ити сыл бары төрдүөн тутуспутунан ЯРКПУ үҥкүү салаатыгар туттарсан, үөрэнэ киирбиппит. Биһиэхэ оскуола кэнниттэн ЯРКПУ-га үөрэнэр наһаа интэриэһинэй этэ — балет историята, тыйаатыр историята, изоискусство историята, музграмота, о.д.а. – маннык, барыта олус солун, умсугутуулаах биридимиэттэри үөрэппиппит.
Ольга Терентьевна курдук ирдэбиллээх, профессионал учууталга үөрэнэн, үргүлдьү Хабаровскайдааҕы Култуура институтугар үөрэхпин салҕаабытым. 1977 сыллаахха сөбүлүүр үөрэхпин бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы Оҕо дыбарыаһыгар үлэҕэ киирбитим. Үлэбин «Малышок» диэн детсад оҕолоругар аналлаах отделтан саҕалаабытым. 1990 сыллаахха Зоя Гаврильевна Ксенофонтовалыын кыттыһан, «Сир симэҕэ» диэн оҕо үҥкүүтүн ансаамбылын тэрийбиппит. Зоя Гаврильевна «Сир симэҕэр» уус-уран салайааччынан, мин педагог-хореограф быһыытынан тигинэччи үлэлээбиппит. Барыта сонун, умсулҕаннаах үлэ буолар. Киһи өйүн утуппат, саҥаттан саҥаны, сонунтан сонуну ирдиир дьон диэн кинилэр буоллахтара – оҕолор! Ханнык да холтуура сыһыан кинилэргэ дьүөрэлэспэт, аанньал оҕолоро…
Ансаамбылбыт 10 сылын туолуутун элбэх ситиһиилээх көрсүбүппүт. Үс төгүл лауреат буолбуппут — Дьокуускай куорат, өрөспүүбүлүкэ уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы таһымнаах куонкурустарга. Бүтүн Арассыыйатааҕы «Орлята России» куонкурус Туапсеҕа буолбута, онно Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, ГИТИС хореографияҕа кафедратын профессора Фаина Николаевна Хачатурян оҕолорбутун хайҕаан, үтүө тыллары эппитин олус долгуйа истибиппитин умнубаппын”, – диэн ахтар.
Москвитина-Посельская Надежда Федоровна —
СӨ култууратын туйгуна, Учуутал албан аата, Норуот айымньытын сайдыытыгар үтүөлэрин иһин СӨ бэлиэлэрин хаһаайына.
Культурнай-сырдатар училищеҕа 1974-1977с с. үөрэммитэ. Кытаанах Култууратын дьиэтигэр үлэлээн баран Хабаровскайга Култуура институтун үөрэнэн бүтэрбитэ.
“Дипломнай практикабын Чурапчы РДК-гар, музыкальнай оскуолаҕа Анатолий Алексеевич Филиппов салайар кылааһыгар барбытым, онно сылдьан Майаҕа «Саха сирэ үҥкүүлүүр» үҥкүү күрэҕэр кыттан, Матрена Егоровна Васильева салайалааччылаах оҕо хорун оҕолоро Гаврил Слепцов «Дьиэрэҥкэй» ырыатыгар Анатолий Алексеевич үҥкүү туруоран, лауреат үрдүк аатын ылбыппыт. Оптуобуска кэлэн иһэн , ырыа -үҥкүү кэлэктиибин «Дьиэрэҥкэй» диэн ааттыыр эбиппит, диэн ким эрэ этии киллэрбитин тута ылынан, «Дьиэрэҥкэй» диэн оҕо ырыатын-үҥкүүтүн ансаамбыла сүрэхтэммитэ. Анатолий Алексеевич ыҥырыытынан 1983 сыллаахха Оҕо музыкальнай оскуолатын үҥкүү салаатын преподавателинэн үлэбин саҕалаабытым, кини выпускной кылааһын илдьэ хаалбытым, эбии бастакы кылааһы 12 оҕону ылбытым, инньэ гынан үлэ үөһүгэр түбэһэн, Калачев Петр Николаевич быһаччы көҕүлээһининэн, «Дьиэрэҥкэй” Оҕо үҥкүү ансаамбылын аатын көмүскээри, үлэ күөстүү оргуйда, үҥкүү ансаамбылын салайааччытынан миигин анаатылар. Хорун салайааччыта Мотрена Егоровна Васильева, ити сыл Елена Петровна Сивцева декретнай уоппуска кэнниттэн үлэтигэр таҕыста. Петр Кобельянов муусукатыгар, оччолорго “Дьиэрэҥкэй” визитнай карточката буолбут «Чороонноох» үҥкүүнү туруорда, көстүүм эскиистэрин кулууп худуоһунньуга Сардаана Григорьевнаҕа оҥоттордум. 1984 сыллаахха «Оҕо ырыа-үҥкүү ансаамбыла» аат иҥэриллибитэ.
1992 сыллаахха, дьиэ кэргэним балаһыанньатынан, Намҥа кэргэним дойдутугар көспүппүт. З.П.Винокуров аатынан Оҕо музыкальнай оскуолатыгар үҥкүү салаатын учууталынан үлэҕэ киирбитим.
«Ручеек» оҕо үҥкүүтүн кэлэктиибин тэрийэн, салайан үлэлэтэбин, быйыл тэриллибиппит 25 сылын туолуохтаах”, — диир кини.
Борисова (Ноговицына) Марина Алексеевна
-СӨ култууратын туйгуна, “СӨ норуодунай уус-уран айымньытыгар киллэрсибит кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайына, “Күн Өркөн” бириэмийэ лауреата, Мэҥэ -Хаҥалас оройуонугар култуура уонна искусство сайдыытыгар киллэрсибит кылаатын иһин уонна Чурапчы улууһун 90 сылынан үбүлүөйдээх бэлиэлэр хаһаайыннара.
“1962с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр Степанида Ивановна Дьячковская уонна Алексей Семенович Ноговицын дьиэ кэргэнигэр Чурапчы сэлиэнньэтигэр төрөөбүтүм. 1979-1981 сс. Дьокуускайдааҕы Культпросвет училище хореографическай салаатыгар үөрэнэн, хореограф идэтин ылбытым. Онтон 1985-1989 сс. Илин Сибиирдээҕи Култуура институтугар үөрэнэн, үрдүк үөрэхтээх хореограф буолбутум. Билигин кэргэним дойдутугар Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Төҥүлүгэ оҕо искусство оскуолатыгар үҥкүү учууталынан, «Алгыс» норуодунай үҥкүү ансаамбылын уус-уран салайааччытынан үлэлиибин. Бу кэллэктииппэр араас сылларга норуоттар икки ардыларынааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэбит иһинээҕи күөн күрэстэргэ ситиһиилээхтик кыттан, Кылаан бэлиэ, лауреат дипломнарын ылаттааммыт, өрөгөй көтөллөөх кэлбиппит үгүс”, — диэн ахтар.
Дьэ, ити курдук, Чурапчы улууһун хореографтарын туһунан салгыы кэпсиэм. “Үҥкүүгэ уостубат тапталынан” диэн кинигэ саха бастакы балерината, талааннаах педагог, уһуйааччы А.В.Посельская 100 сааһын көрсө күн сирин көрүөҕэ. Үҥкүү курдук кэрэ, абылаҥнаах эйгэ үлэһиттэрин ким интэриэһиргиир, кинигэҕэ сайаапкаҕытын Чурапчы улууһун Култуураҕа салаатыгар эрдэттэн киллэрэн, үлэһиҥ, диэн ыҥырабын!
Мария Герасимова-Сэҥээрэ.
Мииринэй оройуонугар баар "Живые алмазы" айылҕа пааркатыгар төрөөбүт, иниспиэктэр Александр Михайловы кус оҕотун курдук батыһа…
“Тохсунньу-олунньу ыйдарга 50 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Саас тибиилээх, сайын кураан буолуоҕа, хаар кыра. Ол эрээри,…
Өрөспүүбүлүкэ салалтата кэнчээри ыччат киэҥ билиилээх-көрүүлээх буола үүнэн-сайдан тахсарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурар,…
Айсен Николаев урбаан координационнай сэбиэтин бу сыллааҕы бүтэһик мунньаҕар дьоҕус уонна орто биисинэс интэриэһин көмүскүүр…
Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…
Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…