Үҥкүү күнэ — Найахыга
Муус устар бүтэһик күнэ найахыларга ураты сэргэх буолла. Нэһилиэк сынньалаҥ киинигэр Аан дойдутааҕы үҥкүү бырааһынньыгын көрсө оҕо-аймахтан саҕалаан улахан дьоҥҥо тиийэ үҥкүү түһүлгэтин түстээтилэр.
Ол курдук, «Чэчир» оҕо саадын кырачаан үҥкүүһүттэрэ кэнсиэри олус диэн киэргэтэн көрөөччү дохсун ытыс тыаһын ыллылар.
Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар куонкурустар хас да төгүллээх кыайыылаахтара, лауреаттара «Күбэйэ» уонна «Чэлгийээнэ», «Эрчим» үҥкүү кэлэктииптэрэ саҥа сонун үҥкүүлэринэн көрөөччүнү үөртүлэр.
«Көлүкэчээн», «Долун» оҕо үҥкүү бөлөхтөрө төрүт дорҕоон (музыка) доҕуһуоллаах үҥкүүлэринэн, оскуола алын уонна орто сүһүөҕүн кылаастарын кыргыттара ураты үҥкүүлэринэн төрөппүттэри, көрөөччүлэри астыннардылар.
Үҥкүү күнүн нэһилиэк түөлбэлэрин үҥкүүһүттэрэ сыананы биир гына элбэхтэринэн, сонун хамсаныыларынан бырааһынньыгы киэргэттилэр.
Үгэскэ кубулуйбут кэнсиэр үҥкүүлэрин туруордулар, бэлэмнээтилэр «Чэчир» оҕо саадын иитээччилэрэ Гуляева В.М., Местникова В.П., Стрекаловская А.В., сынньалаҥ киин үҥкүүгэ үөрэтээччилэрэ Гаврильева А.В., Миронова Нь.Н., култуураҕа өр сылларга хореограбынан үлэлээбит Лебедкина М.В. Үҥкүү түһүлгэтин кэнсиэригэр 10 кэлэктиип, 94 үҥкүүһүт кыттыыны ыллылар.
Анисия Гаврильева, Найахытааҕы сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта
Хаартыскаларга Уруйаана Сидорова түһэриитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: