Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатыра бэс ыйын 6 күнүгэр Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар үҥкүүнэн туруоруллубут, икки оонньуулаах «Ситим» номох-испэктээк сүрэхтэниитигэр ыҥырар.
«Ситим» номох-испэктээк сүрэхтэниитин уонна үлэ хайдах баран иһэрин туһунан «Сахамедиа» өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ буолбут пресс-кэмпириэнсийэҕэ кэпсээтилэр.
«Ситим» испэктээк үҥкүү аныгы тылынан айыллыбыт, олоҥхоҕо, саха норуотун номохторугар уонна сэһэннэригэр олоҕурар. Манна саха норуотун үгэс буолбут култуурата, аныгы үҥкүү-битии, киһи айылҕатын көстүүтэ уо.д.а. силбэһэллэр.
Испэктээк Өлүөнэ эбэ хочотугар, «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка таһыгар ыччат бииргэ түмсүбүт үөрүүтүттэн-көтүүтүттэн саҕаланар. Билиҥҥи олох уонна мистика, өбүгэ үгэстэрэ уонна аныгы көстүүлэр силбэһэн, көрөөччүнү кэрэхсэтэллэр.
СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Марина Силина Саха сирин тыйаатырдара, чуолаан Үҥкүү национальнай тыйаатыра, Арассыыйа туруорааччыларын кытары холбоһуктаах үлэлэрин туһунан билиһиннэрдэ. Быйылгы туруоруу Үҥкүү тыйаатыра атын тыйаатырдары кытары маҥнайгы үлэтэ буолбатаҕын бэлиэтээн туран, 2017 сыллаахха «Үрүҥ күн оҕолоро» этно-испэктээк (Санкт-Петербург, Одесса, Москва, Казань айар хамаандалара үлэлэспиттэрэ) ситиһиилээхтик турбутун санатта. Онон, «Ситим» номох-испэктээк Арассыыйа туруорааччыларын кытары иккис үлэлэрэ буолар.
Марина Силина Борис Эйфман тыйаатырын кытары бииргэ үлэлэһэллэригэр уонна айар сибээһи туталларыгар «Ситим» номох-испэктээк туруорааччы-хореограба, «Көмүс Софит» бириэмийэ лауреата, Борис Эйфман балетын тыйаатырын артыыһа Олег Марковка махтанна.
Миниистири солбуйааччы иһитиннэрбитинэн, 2020 сылтан Борис Эйфман академиятын уонна Саха сиринээҕи балет оскуолатын кытары хардарыта бииргэ үлэлиир туһунан дуогабар түһэрсиллибитэ.
Үҥкүү тыйаатырын уус-уран салайааччыта Светлана Бессонова:
«Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Үҥкүү соҕотох тыйаатыра буоларбытынан, репертуарбытыгар хореография бары хайысхаларын хаба сатыыбыт. Ордук Эйфман тыйаатырын артыыһа Олег Марковы кытары билсэн баран, былырыҥҥыттан ыла аныгы хореография туһунан толкуйдаан барбыппыт», -– диэн кэпсээтэ.
«Үҥкүү тыйаатырын кытары аан бастаан хас да сыллааҕыта бииргэ үлэлээбиппит. Тыйаатыр артыыстарын уонна үҥкүү үгэс буолбут тиэхиньикэтин эрэ буолбакка, модерны уонна цииркэ трюктарын баһылаабыттарын сөхпүппүт. Онон бу араас хайысханы барытын уонна артыыстар кыахтарын муҥутаан туһаныахпытын баҕарбыппыт. Бу испэктээккэ үлэлэһэргэ этии киллэрбиттэригэр биһиги толкуйдуу да барбакка сөбүлэспиппит. Дьоһуннаахтык бэлэмнэммиппит, матырыйаалы сиһилии үөрэппиппит, араас литератураны эбии аахпыппыт. Уопсайынан, сылы быһа үлэлээтибит, Дьокуускайга кэлбиппит ый буолла, билигин хаалбыт күннэргэ өссө күүстээх үлэ күүтэр», -– диэн саха култууратын үөрэтэргэ элбэх бириэмэ наада буолбутун туһунан либретто ааптара, хореограф, балет кириитигэ Вероника Кулагина санаатын үллэһиннэ.
Манна даҕатан эттэххэ, Вероника Кулагинаны 2015 сыллаахха Үҥкүү тыйаатыра «Куллустай Бэргэн» этно-балеты Эрмитаж тыйаатырын сыанатыгар туруоралларыгар ыҥырбыта.
Олег Марков:
«Сыанаҕа таптал бастакы кыымыгар бас бэринии уонна айыылартан бэриллибити сыаналааһын туһунан киһини долгутар устуоруйаны кэпсиир испэктээк туруоруллар. Биһиги бу умсугутуулаах устуоруйаны саҥа муусука доҕуһуолунан, үҥкүү тылынан кэпсиэхпит. Олох саҥа испэктээк буолуоҕа – маннык муусука, декорациялар, көстүүмнэр хаһан да көрдөрүллэ иликтэр. Ол иһин, «Ситим» номох-испэктээк -– аан дойдутааҕы премьера» — диэн суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдаата.
Олег Марков артыыстар матырыйаалы түргэнник ылыммыттарын уонна уобарастарын толору арыйалларын бэлиэтээтэ.
Искусствоведение доктора, Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы институтун бэрэпиэссэрэ, РФ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Ангелина Лукина:
«Үҥкүү тыйаатыра олус элбэх, 70-тан тахса хореографическай испэктээги туруоран кэллэ. Бу -– улахан академическай үлэ.
«Ситим» эмиэ фольклор үгэстэрин сыанаҕа толкуйдаан көрдөрөр (интерпретация), бу испэктээккэ ситим быстыбат. Бэйэтэ үҥкүүһүт, хореография ускуустубатын уратытын ис-иһиттэн билэр, Борис Эльфан аатынан балет тыйаатырын артыыһа Олег Марков туруорара олус улахан сыанабылы ылар. Эдэрдии эрчимнээх Вероника Кулагина уонна Олег Марков туруоруулара олоҥхону үҥкүү тылынан арыйар биир саамай романтикалаах испэктээгинэн буолуоҕа», -– диэн кэпсээтэ.
Оттон Вероника Кулагина киниэхэ улахан өйөбүлүгэр, үлэ хаамыытын хонтуруолга тута сылдьыбытыгар, интэриэһинэй үлэҕэ көҕүлээбитигэр махтанан туран, Ангелина Григорьевнаны Аптаах феянан ааттаата.
Үҥкүү национальнай тыйаатырын дириэктэрэ уонна «Ситим» испэктээк сыанаҕа турарын сүрүн көҕүлээччи Александр Алексеев Санкт- Петербургтан кэлэн үлэлээбит артыыстарга улаханнык махтанна.
Түмүккэ Верониника Кулагина: «Эһиги тыйаатыргыт саҥа көрүүлээх дьону атын сиртэн ыҥыран, географияҕытын кэҥэтэн сөптөөх суолунан баран иһэр. Тоҕо диэтэххэ, артыыс үйэтэ кылгас, баара-суоҕа 20-чэ сыл үҥкүүлүүр. Онон, артыыстар бэйэлэригэр буһан сылдьыбакка, араас хайысхаҕа үҥкүүлүөхтээхтэр, атын дойдуларга баран бэйэлэрин көрдөрүөхтээхтэр. Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук. Баһаалыста «Ситим» номох-испэктээк сүрэхтэниитин кэлэн көрүҥ», -– диэн көрөөччүлэри ыҥырда.
ххх
Бастатан туран, аан дойдутааҕы премьераҕа Санкт-Петербург уонна Иркутскай биллиилээх артыыстара үлэлээтилэр.
Испэктээги СӨ Национальнай үнүстүрүмүөннэрин аркыастыра доҕуһуоллуур, Иркутскай уобаластааҕы филармониятын вокалистарын оонньууларын устуулара туһаныллар. Ону сэргэ Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна аан дойдутааҕы куонкурустар лауреаттара, импровизатор-хомусчут Василена Шарина доҕуһуола эмиэ сонуннук иһиллэр.
Сүрүн оруолларга оонньууллар: Көмүс -– аан дойдутааҕы куонкурус лауреата Саина Винокурова, Өксөкү -– Николай Павлов, атын оруолларга Василий Эверстов, Эдуард Жирков, Валерий Прокопьев, Капитон Ильин, Петр Портнягин, Саскылана Аржакова, Саяна Егорова, Светлана Чирикова уо.д.а. Үрүҥ Айыы Тойон -– СӨ норуодунай артыыһа, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Дмитрий Артемьев, Ойуун -– СӨ норуодунай артыыһа, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Афанасий Афанасьев.
Композитор — Ян Круль (Иркутскай);
Туруорааччы-хореограф -– «Көмүс Софит» бириэмийэ лауреата, Борис Эйфман балетын тыйаатырын артыыһа Олег Марков (Санкт-Петербург);
Либретто ааптара — хореограф, балет кириитигэ Вероника Кулагина (Санкт-Петербург);
Туруорааччы-худуоһунньук -– СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Екатерина Шапошникова;
Туруорааччы-дирижер -– СӨ култууратын туйгуна Анюта Иванова;
Наука өттүнэн сүбэһит — искусствоведение доктора, Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы институтун бэрэпиэссэрэ, РФ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Ангелина Лукина.
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…