Үҥкүү түһүлгэтин кэрэхсээтилэр

Share

Дьокуускайга А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр СӨ Үтүөлээх үлэһитэ Михаил Сивцев «В танце кружится весна» бырайыага өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла.

Саалаҕа мустубут дьон-сэргэ астына-дуоһуйа «Мозаика», Юрий уонна Лейла Алексеевтар салайар «Санрайз» спортивнай-бальнай үҥкүү кэлэктиибин, Дмитрий Никитин салайар «Квик-Степ», Виталина Брылякова салайар «Восторг», Вячеслав Ефимов салайар «По Парам» кэлэктииптэрин үҥкүүлэрин көрдүлэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, былырыын Уус Алдан улууһун Мүрү оскуолатын 150 сылынан «Школьный вальс» диэн Михаил Сивцев саҥа бырайыак-бэстибээлэ норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта. Бу тэрээһин Саха сирин биир кырдьаҕас оскуолатын элбэх выпускнигын олоҕор улахан суолталаах буолбута. Манна 1960 сыллартан саҕалаан араас сылларга оскуоланы бүтэрбиттэр, барыта 45 паара кыттыыны ылбыта. Саха сиригэр үҥкүү эйгэтигэр биллэр-көстөр ааттаах-суоллаах Августина Клакинова туруорбут «Якутяночка» үҥкүүтүн дьон-сэргэ ытыс тыаһынан арыаллаабыта.Бу үҥкүүнү 1978 сыллаахха муус устарга Михаил Сивцев Александра Платонованы кытта Магадаҥҥа Бүтүн Арассыыйатааҕы бальнай үҥкүү куонкуруһугар үҥкүүлээн турардаахтар. Оччолорго «Тыа сирин бастыҥ паарата» анал бирииһи туппуттара. Дьэ ол кэнниттэн, аны, 46 сыл ааспытын кэнниттэн, бу үҥкүү толоруллан, көрөөччүлэри үөртэ.

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, тэрээһин хас да көлүөнэ бальнай үҥкүүһүттэри сценаҕа муста. Бу күн бииртэн-биир кэрэ үҥкүүнү кэргэннии Галина уонна Тимур Копыриннар, Марина уонна Андрей Тимофеевтар, Валерия уонна Георгий Винокуровтар, Федора уонна Павел Ивановтар, Саргылаана уонна Иннокентий Борисовтар, Лена уонна Борис Ивановтар, Агафья уонна Денис Ефимовтар, уонна Томтосовтар икки көлүөнэнэн толордулар. Маны сэргэ, биллэн турар, үҥкүү кэлэктиибин салайааччылара бэйэлэрэ сценаҕа тахсыылара кэрэхсэннэ. Куорат спортивнай-бальнай үҥкүүлэрин тириэньэрдэрэ «Латинский квартал» диэн шоу-бөлөх тэрийбиттэрэ болҕомтону тарта. Кинилэр «Праздничный вальс» көрөөччүлэргэ бэлэхтээтилэр. Ити курдук, «Снежный вальс», «Новогоднее ча-ча-ча», «Полька», «Сказочный бал», «Сон в летнюю ночь», «Сударушка», «Весеннее знакомство», «Рио-Рита», «Латинские страсти» уо.д.а. үҥкүүлэри дьон-сэргэ көрөн астынна, үөрдэ.

«В танце кружится весна» бэртээхэй, чаҕылхай уонна умнуллубат бырааһынньыгынан буолла. Дьокуускай олохтоохторо, ыалдьыттара хас биирдии үҥкүүнү ытыстарын тыаһынан арыаллаатылар.

А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата

Хаартыска: норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспатыттан

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

5 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

6 часов ago