Сэтинньи 17 күнэ – бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын тэрийэр туһунан ыйааҕын таһаарбыта лоп курдук 30 сыла туолар күнэ.
Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын дириэктэрэ Александр Иванович Алексеев Култуура Хабаровскайдааҕы судаарыстыбаннай институтун хореографияҕа отделениетын бүтэрэн баран, 24 сааһыгар Үҥкүү судаарыстыбаннай ансаамбылыгар үҥкүүһүтүнэн киирбитэ.
1983 сыллаахха үлэҕэ киириэҕиттэн ыла ансаамбылы кытары өрөспүүбүлүкэ бары улуустарынан, Сэбиэскэй Сойуус өрөспүүбүлүкэлэринэн, тас омук дойдуларынан төһөлөөх элбэх гостуруолга сылдьан, саха төрүт култууратын көрдөрбүттэрэ, Саха сирин «визитнэй карточкатынан» билиниллибиттэрэ буолуой?
Александр Иванович ансаамбылга хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээринэн, идэлээх сойуус бэрэссэдээтэлинэн үлэлииригэр кэлэктиип ыарахан кэмнэригэр элбэх көмөнү оҥорбута. Ону таһынан, гостуруоллары тэрийэрэ. Ити кэмҥэ билиитэ-көрүүтэ киэҥэ, сырыыта сыыдама уонна дьаһайар-салайар талаана арыллыбыта. Оҥорбут үлэтэ куруук түмүктээх буолара. Кэлэктиип эрэлин, убаастабылын ылбыта.
1990-с сылларга дойдуга барытыгар курдук, Саха сиригэр уларыйыы-тэлэрийии саҕаламмыта. Александр Иванович ансаамбылын харыстыыр, статуһун хаалларар сыаллаах ансаамбыл презентациятын Москубаҕа “Арассыыйа” диэн Судаарыстыбаннай Киин кэнсиэртиир саалаҕа тэрийбитэ, ону таһынан, Саха сирэ Арассыыйаҕа киирбитэ 360 сылын бэлиэтээһин тэрээһинигэр кыттыбыта. Ансаамбыл саха норуотун үҥкүүтүн харыстабылыгар, сайдыытыгар киллэрбит кылаатын учуоттаан, 1992 сыллаахха бэрэсидьиэн Михаил Николаев 292 нүөмэрдээх Ыйааҕынан Үҥкүү национальнай тыйаатыра тэриллибитэ, дириэктэринэн 32 саастаах Александр Алексеев анаммыта. Тыйаатыр статустанан, 120 үлэһит штата көрүллүбүтэ. Дьэ, ити кэннэ тыйаатыр сайдарын туһугар научнай кэнсиэпсийэ суруллубута, саҥа испэктээктэр айыллан тахсыбыттара, иистэнэр сыах, аркыастыр тэриллибитэ, үҥкүү артыыстара, ырыаһыттар, тиэхиньиичэскэй үлэһиттэр, худуоһунньуктар, туруорар чаас, салайар аппараат исписэлиистэрэ баар буолбуттара.
2005 сыллаахха Үҥкүү Национальнай тыйаатырыгар аар-саарга аатырбыт Сергей Зверев-Кыыл Уола аата иҥэриллибитин бүтүн өрөспүүбүлүкэ дьоно уруйдуу-айхаллыы көрсүбүтэ. 25 үлэһиттээх национальнай аркыастыр тэриллэн, «Уруу» испэктээктэн саҕалаан, бииртэн биир испэктээктэр уонна үҥкүү бырагыраамалаах кэнсиэртэр туруоруллан барбыттара. Күн бүгүҥҥэ диэри 40-ча испэктээк көрөөччүгэ тиийэн, биһирэбили ылан кэллэ. Тыйаатырга билигин балет – 32, оркестр 25 артыыһа, 4 вокалист, иистэнэр сыах 5 маастара уонна национальнай мусукаалынай үнүстүрүмүөнү оҥорор 6 маастар айаллар-туталлар. Тыйаатыр уопсайа 96 үлэһиттээх.
«Ускуустуба жанрдарыттан саамай кырдьаҕастара, саамай эрдэтээҥҥилэрэ ҮҤКҮҮ жанра буолар. Киһи үөскүөҕүттэн тыл иннинэ хамнаныынан көрдөрөн өйдөһөллөрө, ол иһин, үҥкүү хамсаныыларынан холобур, булчут хайдах бултаабытын, Байанай биэрбитин, үөрүүтүн-көтүүтүн дүҥүр доҕуһуолунан хамсанан көрдөрөллөр. Сергей Зверев аатын сүгэммит, тыйаатыр ис туруга сахалыы тыыннаммыта. Саха үҥкүүтүн, ырыатын-тойугун, оһуокайын мэлдьи илдьэ сылдьыахтаахпыт. Ханна да буолларбыт оһуокайбытын өрүү өрө тутабыт. Ону таһынан, тойукпутун, чабырҕахпытын, үҥкүүлэрбитин испэктээктэрбитигэр хайаан да киллэрэбит», – диэн дириэктэр Александр Иванович тыйаатыр үлэтин, аналын туһунан сэһэргээтэ.
Бу күннэргэ саха оһуокайа «Арассыыйа култуурунай нэһилиэстибэтин 100 чулуу айымньытыгар» киллэриллибитин туһунан үөрүүлээх сонун өрөспүүбүлүкэни, дойдуну тилийэ көттө. Ол саҕаланыыта хайдах этэй? Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэтин сылын тэрийэр кэмитиэтин бастакы мунньаҕар бэйэлэрин норуоттарын култууратын илдьэ сылдьар кэлэктииптэри ыҥырбыттара. Онон, 2022 с. муус устар 27 күнүгэр Москваҕа ыҥырыллан тиийбит үс кэлэктиип (Пятницкай аатынан академическай хор, Л.Зыкина аатынан нуучча аркыастыра, Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатыра) баара.
Манна бэрэпиэссэр Тамара Пуртова РФ бэрэсидьиэнин Ыйааҕар олоҕуран ыытылла турар Сылга туох үлэ барбытын (ол иһигэр, саха норуотун оһуокайын) туһунан дакылаатын кэнниттэн тута биһиги артыыстарбыт оһуокай түһүлгэтин көрдөрбүттэрэ.
РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин социальнай бэлиитикэ боппуруостарыгар солбуйааччы Татьяна Голикова биһиги артыыстарбыт талааннарын ураты бэлиэтээн туран, кэлэктиипкэ улахан махталын биллэрбитэ уонна быйылгы сыл түмүгүнэн «Арассыыйа култуурунай нэһилиэстибэтин 100 чулуу айымньытынан» биллэриэхтэрин туһунан эппитэ. Ол туһунан сибидиэтэлистибэни Санкт-Петербурга В.Д.Поленов аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр туттарбыттара.
Татьяна Голикова Арассыыйа теле-ханаалыгар этиитигэр: «Билигин үгүстэр култуура үгэстэрин уларыталлар, оттон биһиги Арассыыйа норуоттарын үйэлээх баайын сылын ыытабыт. Маннык сылы ыытан, биир санааланыы, түмсүү, култуураны, үгэстэри харыстааһын уонна биһиги дойдубут устуоруйатын илдьэ сылдьыы хайдах курдук суолталааҕын көрдөрөбүт», – диэн махталын биллэрбитэ.
Ураты суолталанар эбийиэк уонна култуурабыт баайа
«СӨ норуоттарын национальнай култуурунай эбийиэктэрин туһунан» култуура тэрилтэлэрин ураты суолталанар эбийиэктэргэ киллэрэр туһунан сокуон тахсыбыта. Онуоха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ Үҥкүү Национальнай тыйаатыра тустаах докумуоннарын бэлэмнээн киллэрэригэр эппитэ. Тыйаатыр ирдэнэр докумуоннары толору хомуйан, Култуура министиэристибэтигэр хамыыһыйаҕа былырыын ахсынньыга туттарбыта. Тыйаатыр ураты суолталанар эбийиэккэ киирэригэр хомуллубут докумуоннар ортолоругар үҥкүү испэктээктэрин, декорациятын, муусукатын, нотатын видео-матырыйааллара, ыстатыйалар, хаартыскалар, айар үлэлэрин үрдүк сыанабыл наҕараадалара, дипломнара, бириистэрэ уо.д.а. киллэриллибитэ. Быйыл РФ норуоттарын култууратын үйэлээх баайын сылыгар оһуокайбыт үрдүкү чыпчаалга тахсан, Арассыыйа билиниитин ылбыта улахан суолталаах.
Алтынньы 20 күнүгэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин илии баттаабыт «РФ материальнайа суох этнокултуурунай дастайаанньатын туһунан» сокуона таҕыста. Ити сокуон Үҥкүү тыйаатырын, Саха сирин култууратын баайа (достояние) буолаллар.
Быйыл «РОСКОНЦЕРТ» чэрчитинэн Москва-Санкт-Петербург уонна чугастааҕы куораттарынан гостуруоллар тэрилиннилэр. “Күн айыы оҕолоро” испэктээк уонна “Олоҥхо дойдутун алгыһынан” киэҥ бырагыраамалаах гала-кэнсиэр көрдөрүлүннэ. Ити гостуруол чэрчитинэн Арассыыйа биллэр учуонайдара, искусствоведтара, этнографтара, хореографтара кыттыылаах “төгүрүк остуоллар”, көрсүһүүлэр ыытыллыбыттара.
Ахсынньыга «Саха норуотун биһигэ оһуокай» испэктээк тахсара бэлэмнэнэр. Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар ананар испэктээккэ Саха сирин устуоруйаҕа киирбит түгэннэрэ көрдөрүллүөхтэрэ. Оһуокай үҥкүүтэ сайдан, сүппэккэ, күн бүгүҥҥэ диэри саха норуота илдьэ кэлбитэ көрдөрүллэр.
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…