Үҥкүү тыйаатырын аан дойду таhымыгар таhаарсыбыт өҥөлөөх

Share

Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ, РФ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ Тыйаатырдарын диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ, Горнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо Александр Иванович Алексеевы күн сирин көрбүт күнүнэн эҕэрдэлээн туран, кини тыйаатыр сайдыытыгар бэриниилээх үлэтин-хамнаһын билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Александр Иванович өр сылларга Үҥкүү тыйаатырын салайааччытынан тахсыылаахтык, дьулуурдаахтык үлэлээн, Үҥкүү тыйаатырын үрдүк таhымҥа таhаарда. Үҥкүү саха омугун биир дирин ис хоhоонноох, айыылартан тардыылаах, итэҕэлтэн тирэхтээх, норуот олоҕун-дьаhаҕын кытта быстыспат ситимнээх, норуот дьоло, сайдыыта, бигэ туруга, үтүө санаата инмит айымньытын биир хатыламмат көрүҥэ буолар. Саха норуотун биир көһөҥө, дэгиттэр талаана Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатын сүгэр Үҥкүү тыйаатырын өр сылларга чиэстээхтик, дьоhуннаахтык сайыннаран, бары күүһүн, тэрийэр дьоҕурун уурарын сэргиибит, өйүүбүт. Үҥкүү тыйаатырын төрүттээччи, уус-уран салайааччы, РФ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ норуодунай артыыhа Геннадий Семенович Баишевтыын эйэ дэмнээхик өр сылларга үлэлээн, тыйаатыр олугун ууруста.

Александр Алексеев Үҥкүү тыйаатырын аан дойду таhымыгар таhаарсыбыт өҥөлөөх. Тыйаатыр араас сылларга үҥкүү ускуустубатын аатырбыт маастардарыттан, аан дойду араас норуоттарыттан истин биhирэбили ылбытын, ыла да турарын билэбит.

Саха үҥкүүтэ — норуот духуобунай баайын быстыспат сорҕото. Саха үҥкүүтэ норуот дууhата, кэрэҕэ тардыhыы идеала. Итэҕэлбит үҥкүүлэрин сүрүн өйдөбүллэрэ олонхо ситимигэр киирэ сылдьаллар. Айыы боотурдара, айыы намыhын удаҕаттар, кыталыктар, кынаттаах ат, боотурдар, ыhыах үҥкүүлэрэ тыыннаах көстүү буолан олоҥхоҕо тиhиллэ сылдьаллар. Саха ойууна Аан Айылгыга үҥэр, үс дойдунан тэлэhийэ көтөр, кыыл-сүөл, көтөр буолар, киэн куйаары анааарар, Сир дойду иччилэриниин алтыhар. Ойуун үҥкүүтэ олох, үс дойду быстыспат ситимин туоhутунан буолар. Өрөгөйдөөх, көтүтүүлээх оhуокайбыт, олоҕу уруйдуур үҥкүүбүт саха киhитин сүрэҕин чопчута, санаатын чыпчаала. Оhуокай дьолу, уйгуну-быйаны, баайы-дуолу, сайдыыны тардар алгыстаах үҥкүү.

Сиртэн-буортан тэйбит айыы оҕолоро, битииhиттэр, үтүө санаалаах, мааны майгылаах, өй-санаа өрүкүйүүлээх, кэрэ, ыраас санаалаах тоҕус туруйа уолаттарбыт, аҕыс кыталык кыргыттарбыт алгыстаах битии үҥкүүтүнэн орто дойду дьонун айыылары кытта санаа уораҕайынан ситимнииллэр, үрүҥ ойуун, алгысчыт алгыhын айыыларга тиэрдэр аналлаахтар. Өрөгөйдөөх да, ыарахан да кэмнэргэ үҥкүү, норуот муусуката, ырыата-тойуга санааны бөҕөргөтөр, олоххо угуйар дьикти күүстээхтэр.

Саха үҥкүүтүн тыйаатыра норуот айымньыларын көрүҥүн барытын күннэтэ саната, кэрэ уобарас буолан алгыы сылдьарын, сыанаҕа, олоххо өрүү баар буоларын сыал-сорук оностон ситиhэр. Билигин Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уолун аатынан тыйаатыр биллэрдик сайынна, бөҕөргөөтө. Айымньыларын ис- хоhооно, идеялара диринээтилэр. Хамсаныы тиэхиньикэтэ сайынна, мындыр, уустук уобарастар, саҥалыы көрүүлэр баар буоллулар.

Тыйаатырга тэриллибит Николай Николаевич Петров салайар саха национальнай үнүстүрүмүөннэрин оркестра күүскэ сайынна, репертуарыгар саха композитордарын уустук мусукаалынай айымньылара киирдилэр. Үҥкүү тыйаатырын кэлэктиибэ, оркестр артыыстара сиппит-хоппут, элбэх үрдэли ылбыт, дойдубут, тас да дойдулар билинэр, сэргиир айар кэлэктииптэринэн буоллулар. Ити барыта сыралаах үлэттэн тахсар.

Александр Иванович сатабыллаах салалтатынан, айар кэлэктиипкэ болҕомтолоох, үрдүк култууралаах сыhыаннынан үбү-харчыны булан тыйаатыры элбэх киин куораттарга, тас дойдуларга гостуруоллатан, кэлэктиип сайдар суолун тобулар. Айар үлэҕэ элбэх сана сүүрээннэри тиһигин быспакка киллэрэн, сана испэктээктэр премьералара быыстала суох баралларын ситистэ. Салайааччы быhыытынан кэлэктиип көҕүлээһинин, айар дьоҕурун сайыннарарга кыhаллара кэрэхсэбиллээх.

Кэнники сылларга үрдүк таhымнаах айымньылар репертуары байыттылар. Олор истэригэр Р. Калимуллин муусукатыгар, аан дойдуга биллэр балетмейстер Георгий Ковтун «Дети белого солнца» испэктээгэ; Николай Михеев муусукатыгар, хореограф Светлана Бессонова, режиссер Костас Марсан Сергей Зверев-Кыыл Уолун матырыйаалларыгар олоҕуран «Хара саhыл»  притча-испэктээктэрэ; Ян Круль муусукатыгар, Эйфман балетын премьера, балетмейстер Олег Марков олонхоҕо олоҕуран туруорбут «Ситим» испэктээгэ, Саха театральнай ускуустубатын устуоруйатыгар туруорулла илик, аан бастаан анаан-минээн оhуокайга анаммыт И. Петров муусукатыгар, режиссер Д.Григорьева туруоруутугар, хореографтар Д.Федотова, Л.Антипина, Ю.Федоров хореографияларыгар турбут «Айыы аймаҕын биhигэ» испэктээктэрэ ураты көстүүлээх, саҥалыы көрүүлээх саха үҥкүүтүн инники сайдыытыгар дьоhун хардыы буоллулар.

Олонхого этиллэринэн, аан дойду алгыhынан тутуллан турар. Александр Ивановичка дьолу, чөл туругу, күүстээх санааны, айар үлэтигэр ситиhиилэри баҕарабын. Алгыстаах саха үҥкүүтүн ситимэ быстыбатын!

Оhуор үктээн киирэммит
Төхтүр сиртэн тирэнэн
Тэйэн-ойон биэриэҕиҥ!
Тахсар күнү уруйдаан
Айыы арчыта буолан
Аламай күммүт курдук
Көлүөһэлии эргийиэҕиҥ!
Тоҕус үйэ тухары
Үҥкүүлээбит сирбититтэн
Ача күөх от
Анаарыйан таҕыстын!
Битийбит сирбититтэн
Сотобутунан охсуллар
Лоhуора күөх от
Чэлгийэ таҕыстын!

Ангелина ЛУКИНА, искусствоведение доктора,

Арктикатааҕы Култуура уонна ускуустуба институтун бэрэпиэссэрэ,

РФ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

15 часов ago