Үҥкүү тыйаатырын аркыастыра — Красноярскайга

Share

Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэтин сылын иитинэн,  бэҕэһээ  Красноярскайга  норуот инструменнарыгар идэтийбит национальнай аркыастырдар  бэстибээллэрэ  үөрүүлээхтик аһылынна.

Бэстибээлгэ  Тыва, Башкортостан,  Бурятия, Хакасия идэлээх кэлэктииптэрин сэргэ,  Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын норуот инструменнарын  аркыастыра  кыттар. Үөрүүлээх тэрээһин аһыллыытыгар, бэҕэһээ оркестыр уус-уран салайааччыта, кылаабынай дирижер, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, бу күннэргэ Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ буолбут Николай Петров, Анна Томская салайар «Кыл Саха» уонна Красноярскай кыраайдааҕы Анатолий Бардин аатынан филармоническай нуучча аркыастырын доҕуһуолунан, СӨ үтүөлээх артыыһа Прокопий Неустроев толоруутугар «Һай!» саха ырыатын төрүт матыыбын салайан оонньотто.

Маны сэргэ, Николай Петров, композитор быһыытынан ‘»Бэрт Хара» олоҥхоҕо дьүһүйүүтүн, бэстибээл  ыалдьыттара дохсун ытыс тыаһынан астына биһирээтилэр. «Арассыыйаҕа биллэр Красноярскайдааҕы бөдөҥ кэлэктиип биһиги сахабыт матыыбын доҕуһуоллаабыта — ураты ситиһии»— диэн, Үҥкүү национальнай тыйаатырын дириэктэрэ Александр Алексеев бэлиэтиир.
Бүгүн национальнай  аркыастыр саха төрүт дорҕоонун алыптаах матыыбын Красноярскай, сарсын Минусинскай куорат олохтоохторун дьүүлүгэр таһаарыаҕа.  Бэстибээл быыстапкатыгар Горнайтан Петр Пахомов туруорбут саха норуотун муусукаҕа инструменнара улахан сэҥээриини ыллылар.

«Маннык тэрээһин Арассыыйа норуоттарын искусствотын сайыннарыыга, духуобунай нэһилиэстибэни үйэтитиигэ бигэ акылаат», — диэн бэстибээл  тэрийээччитэ, Красноярскай кыраай филармониятын генеральнай дириэктэрэ Евгений Стодушнай бэлиэтиир.

Альбина Тарабукина, Красноярскай

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

9 минут ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

39 минут ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

1 час ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Кэлэр сыллааҕы эксээмэннэр ыытыллар күннэрин бигэргэттилэр

РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…

2 часа ago
  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

2 часа ago