Үҥкүү тыйаатырын оркестра Бурятияҕа айар сырыыта саҕаланна

Share

Бүгүн, кулун тутар 16 күнүгэр, Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү Тыйаатырын оркестра Бурятияҕа айар сырыыта саҕаланна. Улан-Удэ аэропордугар «Байкал» ансаамбыл саха кэлэктиибин доҕордуу бурят норуотун сиэринэн айах тутан көрүстүлэр.

Бөлөх салайааччытыгар, Үҥкүү тыйаатырын дириэктэригэр А.И.Алексеевка уонна Оркестр уус-уран салайааччытыгар, кылаабынай дирижеругар Н.П.Петровка бурят норуотун хадагын кэтэртилэр. Хадак — солкоттон тигиллибит, халлаан күөҕэ өҥнөөх санныга ууруллар уһун таҥас. Кини уйгулаах олоҕу уонна үйэлээх доҕордоһууну мэктиэлиир буддистар ытык бэлиэлэрэ. Хадагы буряттар улаханнык ытыктыыр дьонноругар сырдык санааны иҥэрэн бэлэхтиир үтүө үгэстээхтэр.

Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ.

Улан Удэ Илин Сибиирдээҕи Государственнай Культура институтугар Саха национальнай оркестрын билиҥҥи сүрүн састааба: Н.Петров, А.Томскай, В.Ноенохов, Е.Федотов, А.Никонова, А.Габышева, В.Колесова, М.Фомина, З.Васильева үөрэммиттэрэ. Ол кэмҥэ институт иһинэн кыра бөлөхтөн саҕалаан, оччолорго, ВСГИК устудьуона, билигин РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Н.П.Петров салайар норуот үнүстүрүмүөннэрин оркестыра 30 сыл устата Саха музыкальнай искусствота сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрдэ, бигэ акылаат уурда. Сарсын, бу үөрэммит кыһаларыгар, Илин Сибиирдээҕи Государственнай култуура институтугар бу тула киэҥ хабааннаах төгүрүк остуол үлэлиэҕэ.

Кэпсэтиигэ биллиилээх профессордар, педагогтар, музыка эйгэтин дэгиттэр исписэлиистэрэ кыттыахтара. Төгүрүк остуолу С.Зверев-Кыыл Уола аатынан үҥкүү тыйаатырын литературнай чааһын сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын туйгуна В.Н.Черноградская уонна оркестр мусукаана, музыковед В.Г. Колесова салайан ыытыаҕа. Оркестр бастакы сылларга иккис дирижерунан үлэлээбит Альберт Попов оркестровкатыттан Инга Еремеева «Эҕэрдэ» муусуканы, Егор Федотов оркестровкатыгар Егор Неустроев «Кыталыгы харыстаан» айымньытын, Валерий Ноенохов оркестровкатыгар Виталий Андросов биллэр «Таба» айымньытын Валерий Ноев тупсарыытын оонньоон иһитиннэриэхтэрэ. Виртуоз-баянист Владимир Боярскай Афанасий Томскай оркестровкатыгар «Күрүлэс күргүөм күннэргэ» Иннокентий Романов обработкатын иһитиннэриэҕэ.
Айылҕаттан айдарыылаах Руслан Габышев «Ох саа»кыл үнүстүрүмүөнүгэр сатабыла, А.И. Томская салайар «Кыл Саха» айар бөлөҕө ураты дьүрүскэнэ улахан сэҥээриини ылыахтара. Кинилэр Николай Петров «Өрөгөй» айымньытын оонньуохтара.


Саха муусукатын тула кэскиллээх кэпсэтиигэ Горнайдааҕы норуот үнүстүрүмүөннэрин айар мастырыскыайын салайааччыта П.С.Пахомов норуот ураты үнүстүрүмүөннэрин билиһиннэриэҕэ.

Бурятия көрдөрөр-иһитиннэрэр киэҥ эйгэтэ ыҥырыытынан, сарсыҥҥыттан С.Зверев -Кыыл Уола Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ А.И.Алексеев, оркестр салайааччыта Н.П.Петров, маастар Руслан Габышев, «Кыл Саха» салайааччыта Анна Томская киэҥ эйгэҕэ саха муусукатын билиһиннэриэхтэрэ.

Айар кэлэктиип салгыы биир дойдулаахтарбыт сулууспалыыр байыаннай чаастарыгар кэнсиэртиэҕэ. Олохтоох «Байкал» тыйаатырын артыыстарыгар маастар-кылаас ыытыаҕа. Уһуйааччы сылынан П.И.Чайковскай аатынан Искусство колледжыгар Оркестр улахан кэнсиэр көрдөрүөҕэ.

Манна аан бастакытын «Кыл Саха» уонна бурят биллэр «Аялга» бөлөҕө Николай Петров айымньытын, монгол «Жалам Хар» айымньыны толоруохтара. Сүрүн түгэнинэн СӨ норуот үнүстүрүмүөннэригэр оркестра Бурятия Академическай Опера Тыйаатырын кытары улахан түһүлгэҕэ холбоһуктаах улахан кэнсиэр буолуоҕа. Бу тэрээһиннэр Бурятия Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн ыытыллаллар.

Альбина Тарабукина.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

6 часов ago