Үҥкүү Тыйаатырын оркестрын мусукааннара Бурятияҕа үөрэммит кыһаларыгар сырыттылар

Үҥкүү Тыйаатырын оркестрын мусукааннара Бурятияҕа үөрэммит кыһаларыгар сырыттылар

Ааптар:
17.03.2023, 17:47
Хаартысканы ааптар тиксэрдэ.
Бөлөххө киир:

Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү Тыйаатырын норуот үнүстүрүмүөннэрин оркестра Бурятияҕа айар сырыыта салҕанар.

Оркестр идэтийбит сүрүн састааба
оччолорго Улан-Удэ Илин Сибиирдээҕи Государственнай култуура институтун үөрэнэн бүтэрбитэ. Дойдуга Педагог уонна уһуйааччы сылынан, оркестр мусукааннара бүгүн, үөрэммит кыһаларыгар, Илин Сибиирдээҕи Государственнай култуура институтугар учууталларын, профессордарын кытта долгуйа көрүстүлэр. Оччолорго институт иһинэн оркестр студиятыгар дьарыктаммыт устудьуоннар институт выпускнига, билигин РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ, Н.П. Петров салайыытынан норуот үнүстүрүмүөннэрин оркестрыгар 30 сыл сыл устата айымньылаахтык үлэлээн кэллилэр.

Саха сирин музыкальнай култууратын сайдыытыгар оччотооҕу студия иитиллээччилэрэ киллэрсэр кылааттарын институт ректора В.Г. Столбовскай бэлиэтээтэ. Өр сыл бу үөрэх кыһатын ректорынан үлэлээбит Р.И. Пшеничная саха национальнай оркестра норуот ис кутун илдьэ сылдьар аналын биһирээтэ. Кини норуот духуобунай нэһилиэстибэтин киэҥник тарҕатыы — үйэлэр тухары уҕараабат сорук буоларын ыйда.Төгүрүк остуол тула киэҥ хабааннаах кэпсэтиигэ институт выпускницата, искусствовед В.Г. Колесова бу үөрэх кыһатын бүтэрбит оркестр идэтийбит мусукааннарын билиһиннэрдэ. Ол чэрчитинэн, В.Ноенохов, А.Томскай, Е.Федотов тупсарбыт айымньыларын оркестр тыыннаах доҕуһуолунан оонньоон улахан биһирэбили ылла.

Дойдуга Педагог уонна уһуйааччы сылынан бу тэрээһин иитэр-үөрэтэр суолтатын бэлиэтиир оруннаах.Ол курдук, көрсүһүүгэ тыл эппит
Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ А.И. Алексеев, оркестр уус-уран салайааччыта Н.П.Петров Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр идэтийбит национальнай кэлэктиип төрүттэниитигэр институт уурбут дьоһун тирэҕин бэлиэтээтилэр.Оччотооҕу устудьуоннары, оркестр билиҥҥи сүрүн састаабын үөрэппит профессор, РФ уонна Бурятия искусстволарын үтүөлээх деятелэ О.В. Огнев, Бурятия композитордарын Правлениетын бэрэссэдээтэ Л.Н. Санжиева биһиги интервьюбутугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин  бу идэтийбит оркестрын айымньылаах үлэтигэр дьоһун сыанабылы биэрэр оруннааҕын ыйдылар.
Төгүрүк остуолу салайан ыыппыт Үҥкүү тыйаатырын литературнай чааһын сэбиэдиссэйэ В.Н.Черногрдаская маннык көрсүһүү хардарыта бииргэ үлэлээһиҥҥэ тирэх уурарын ыйда.

Айар кэлэктиип сарсын биир дойдулаахтарбыт сулууспалыыр байыаннай чаастарыгар «Олоҥхо дойдутун муусуката» түһүлгэни тэрийиэҕэ. Бу тэрээһиннэр Бурятия Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн ыытыллаллар.

Альбина Тарабукина.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: