“Үнүгэс” хотоно уокка былдьаммыт
Бөөлүүн Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэр хотон умайбытын туһунан хобдох сонун кэллэ.
— Бөөлүүн быһа холуйан, 2.30-3.00 чаас саҕана Үгүлээккэ “Үнүгэс” кэпэрэтиип 50 миэстэлээх хотонугар баһаар буолла. Хомойуох иһин, 56 төбө, итинтэн 20 төрөөбүт уонна төрөөрү сылдьар сүөһү уокка былдьанна. Бу — саха сүөһүлэрэ. Ааспыт ыйга хотоҥҥо сылдьарбытыгар бастакы ньирэй төрөөбүт этэ. Исписэлиистэр этэллэринэн, дизелинэн барар оһох үлэлээбэккэ турбут, быһата, самыкаанньа буолбут. Ону тэҥэ атыылаһан аҕалбыт отторуттан хотонтон чугас буолан, ытыс сотуннулар. Бу үөскээбит балаһыанньанан “Саха сүөһүтэ” тэрилтэни кытта кэпсэттибит, — диэтэ Бүлүү улууһун тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Павел Иннокентьев.
Бүгүҥҥүттэн улууска отчуот саҕаланна. Онон тустаах боппуруос болҕомтоҕо ылыллан, туох эмэ быһаарыллар ини диэн эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: