2025 сыл үп-харчы өттүнэн тугу тосхойор, маанылыыр уонна сэрэтэр эбитий?
Хой
Хой бэлиэлээхтэр үбү-харчыны аҕалар сыалтан хорсун хамсаныылары оҥоруоххутун наада. Итини ситэһэргэ күүс-сэниэ толору баар эрээри, барытын эрдэттэн толкуйдаан оҥороргут ирдэнэр. Харчы хаһан баҕарар ааҕыыны, суоту-учуоту эрэйэр. Онон эбии үөрэнэргит наада.
Оҕус
Оҕустарга үбү-харчыны эргитиигэ бары өттүнэн тоҕоостоох сыл кэлбит. Онон эһиги куттаммакка, үп-харчы дьыалатыгар төһө баҕарар ылсыаххытын сөбүн туһунан сулустар сүбэлииллэр. Саҕалаабыккыт барыта олоххо киирэн иһиэ. Онон үгүөрү үптээх буоллаххытына, бааннарга угуҥ, үбү эргитэр урбаанньыттарга бырыһыаҥҥа биэриэххитин сөп.
Игирэлэр
Үп-харчы өттүгэр элбэх уларыйыы күүтэр. Ол баҕар үпкэ сыһыаннаах үлэни буларгытын кытта сибээстээх буолуон эмиэ сөп. Ол эрээри, барытыгар сэрэнэн эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһа сатааҥ. Саҥа идиэйэлэр киирдэхтэринэ, төһө кыалларынан, ылсан, тута олоххо киллэрэ сатааҥ. Маны ситиһэр инниттэн тустаах куурустарга сылдьан, билиигин хаҥатын.
Араак
Үп-харчы өттүнэн кыһарыйтарбат сыалтан үчүгэй былаанна оҥосторгор сулуустар сүбэлииллэр-амалыыллар. Ол эрээри, оннук-маннык усках сонуннарга, харчыны түргэнник оҥорорго ыҥырар ол-бу рекламаларга, ыҥырыыларга киирэн биэримэ. Онон эрдэттэн бүддьүөккүн көрүнэн былааннаан барыырга, туһанарга кыһалын. Барытын ханна бараабыккын сурунан ис, оччоҕуна тута барыта дьэҥкэтик көстөн кэлиэ.
Хахай
Хахайдары барыстаах сыл күүтэр. Бэйэҕэтигэр толору эрэллээххит, ол эһиги күүскүтүнэн, инникини өтө көрөргөтүгэр сүрүн тосхолонон буолар. Ханнык баҕарар саҕалааһыннаргыт барыта олоххо эрэллээхтик киириэҕэ. Онуоха бастаан утаа үчүгэй бырайыактары толкуйдаа уонна онно үпкэ үлэлии сылдьар эспиэрдэри кыттыһыннар. Уонна дьоҥҥо көмөнү оҥорорго дьулус.
Кыыс
Элбэх үлэни көрсүөҥ, көлөһүҥҥүн тоҕон туран үлэлээбитиҥ, кыһаллыбытыҥ, сыл түмүгэр уон оччонон эргиллиэ. Онон үлэлииртэн адьас толлон турума. Ылыммыт сыалгын-соруккун тиһэҕэр тиэрдэ сатаа. Ону тэҥэ, эбии дохуоту киллэрэриҥ хаһааҥҥытааҕар да үрдүк буолууһу. Туораттан дьон ону-маны сүбэлии-амалыы сатыаҕа, ону үксүн тута ылынан иһимэ.
Ыйааһын
Үп-харчы киириитэ этэҥҥэ буолууһу. Барытыгар ис сүрэхтэн чиэһинэйдик сыһыаннас. Барыстанар эрэ туһугар кыһаллыма. Бииргэ үлэлиир дьоҥҥун кытта тэҥҥэ үллэстэ сатаа. Дьоҥҥо сыһыаҥҥын адьас тупсарарга дьулус. Маны кыайдаххына, үп-харчы киириитэ этэҥҥэ буолуо. Кэмигэр сынньанаргын умнума.
Скорпион
Ыраахтан олорон билэр-көрөр дьоҕуруҥ саамай муҥутуур кэрдиискэ тахсыыһы. Бу, биллэн турар, харчыны эргитэргэр туһалыа эрэ. Барытыгар хорсуннук сыһыаннас, туохтан эмит кэтэмэҕэйдээҥҥин, кэлээри турар үбү-харчыны куоттарыаххын сөп. Онон барытыгар адьас болҕомтолоох буоларыҥ ордук. Эмискэ буолар уларыйыылартан адьас куттаныма, үксэ барыта үчүгэйи эрэ түстүүллэр.
Охчут
Харчы киириитэ этэҥҥэ буолууһу. Эн олоххо кэрэни эрэ өйдөөн көрөрүҥ уонна сытыы, түргэн толкуйуҥ үп киириитин өссө күүһүрдэн эрэ биэриэ. Эн барытыгар түргэнник үөрэнэн иһэҕин. Онон элбэх куурустарга, сэминээрдэргэ сылдьан, билиигин-көрүүгүн өссө хаҥатынан иһиэҥ. Бу, биллэн турар, үп-харчы киириитигэр үчүгэйинэн эрэ биллиэҕэ. Ол эрээри, баар үпкүн ыһа-тоҕо туттубатыҥ ордук. Эрдэттэн үчүгэйдик былааннан.
Чубуку
Эһиги инникигэ дьулуургут барытын быһааран иһиэ. Үбү-харчыны өр сыллаах бырайыактарга уга сатаа, ол кэлин үгүөрү соҕустук бэрсиэҕэ. Ону тэҥэ, ханнык да үлэттэн чаҕыйан турума, барытын аҥаар кырыы оҥорон ис.
Күрүлгэн
Үпкэ-харчыга сыһыаннаах уларыйыылар буолуохтара. Барытын аһара чугастык ылынан иһимэ. Сорохторга улаханнык кыһалларыҥ да наада суох буолуо. Үбү-харчыны эргитиигэ атын дьонтон этиилэр киириэхтэрэ. Ону үчүгэйдик ырытан-сыныйан көрөн баран, биирдэ ылсаар. Сорох этиилэр үктэтии да буолуохтарын сөп. Туохха эмит мунаахсыйдыҥ да билэр дьоҥҥуттан ыйыталаһан тугун-ханныгын үчүгэйдик билэ-көрө сатаа.
Балыктар
Үп-харчы өттүгэр балаһыанньаҥ үчүгэй буолуо. Саҥа эбии дохуоттаныыһыгын. Бу саҥа бырайыактары кытары сибээстээх. Урбаанньыттары кытары биир тылы була сатаа. Кинилэри кытары бииргэ сөпкө тайанан үлэлээтэххинэ, үп-харчы киириитэ этэҥҥэ буолууһу. Ким эмит ону-маны ыйытылаһар түгэнигэр, хайаан да көмөлөһө сатаа, сөптөөх эппиэти биэрэргэ дьулус.
2024 сылга саха киинэтэ рекорд олохтоон, кассовай хомуур 157 мөл. солк. тэҥнэстэ. Бу манна улахан…
Киһи үксэ түүн тугу түһээбитин уһуктаат быһаара, тойоннуу, билэ көрө сатыыр. Оттон сорохтор түүлү мээнэ…
Киһи этэ-сиинэ бэйэтэ ыраастанар ньымалардаах, айылҕа оннук айбыт. Хаана, этин сүмэһинэ (лимфата) сүүрүгүрэн, мунньуллубут кири-хоҕу…
Хас биирдии хаһаайка бырааһынньык остуолугар саҥаттан-саҥа бүлүүдэни бэлэмнээн, дьиэлээхтэрин, чугас дьонун үөрдүөн баҕарар. БЫАРТАН РУЛЕТ…
Айыына Суордаах, эмчит: – Саха сиригэр сиртэн хостонор баай-дуол саҥа сирэ көстүөҕэ. Дуоллар таһымыттан сылтаан,…
Судаарыстыбаннай өҥөҕө 2025 сылтан босхо юридическай көмө баар буолла. Бу өҥөнөн Арассыыйа эрэгийиэннэрэ бары туһаныахтара…