Айар-тутар эйгэ хайа баҕарар хайысхатыгар айымньыны оҥоруу, айыы, суруйуу, тигии, уһаныы оҕо төрөтөр кэриэтэ дьикти, кэрэ, умсугутуулаах, иэйиилээх, минньигэс, күндү. Ол эрээри, бу түгэн, бу үөрүү хайдах кэлэрэ, үөскүүрэ-төрүүрэ киһи аайы тус туһунан суоллаах-иистээх, устуоруйалаах.
Сороҕор «от атах тэппэтэҕинэ», хас эмэ хонугу, хонугу эрэ буолуо дуо, ыйы да, сылы да быһа тирэччи тэбинэн туран халлаан диэки көрөн ыла-ыла (онно баары баһан ылыахтыы…) эрэйдэнэбит. Онтон табыллыы, таба тайаныы кэллэҕинэ, тохтоло суох тохтуо, сынньалаҥа суох кутуо. Айар-тутар киһиэхэ саамай күндү, күүтүүлээх кэмэ – айыы кэмэ буолар. Бу — саха киһитин олоҕун оҥкулун туох барыта кэмнээх-кээмэйдээх, күннээх-дьыллаах диэн биир сүрүн өйдөбүлүн өркөн түгэнэ. Онон Айыы кэмин мүлчү туппакка, сиргэ-буорга бырахпакка күөдьүйбүтү, үөскээбити күөттээн, күүһүрдэн, ситэрэн-хоторон биэрдэххэ, Ийэ куппут иэнигийэн, салгын куппут сайыннаран, буор куппут бөҕөргөтөн биэрэр. Ол түмүгэр маастардар, сатабыллаах, талааннаах-дьоҕурдаах дьоммут үйэлээҕи, кэрэни, дьиктини айаллар, ол да иһин олоҥхобут айылыннаҕа, улуу айымньылар сурулуннахтара…
Дьэ, кырдьыга да тулуйан, дьулуһан, дьирээлэһэн туран үлэлэстэххэ, тириттэххэ-хорутахха, хорутуулаах үлэ түмүгэр үөрүү, ситиһии, кыайыы-хотуу баар буоларын чаҕылхай туоһутун СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа Худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ Попова Татьяна Дмитриевна тус быыстапката бу дьыл бэс ыйын ортотуттан от ыйыгар диэри «Үргэл» арт галереяҕа турда.
2017 сыл күһүнүттэн үлэлиир «Бары уруһуйдуубут» бырайыакпыт чэрчитинэн үлэбит биир чаҕылхай, таһаарыылаах киһитэ Попова Татьяна Дмитриевнаҕа 2021 сылга Дьокуускай куорат төрөөбүт күнүгэр Арассыыйа худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ буоларын туоһулуур дастабырыанньатын туппута, онтон 2021 сыл ахсынньы 12 күнүгэр СӨ Култууратын туйгуна буолбута. Бу чиэс-бочуот, аат-суол Татьяна Дмитриевна култуура эйгэтигэр өр сыллаах үлэтин үрдүктүк сыаналааһынтан тиксибитэ. Кини Хатаспыт нэһилиэгэ Саха сирин үрдүнэн ааттанар суолун тэлэйсэн үтүө үлэһит дьоммутун үйэтитии боппуруоһугар кимиилээхтик киирсэн, икки документальнай киинэни уһултарбыта Саха сирин киинэтин пуондатыгар баар. Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт «Салют Победе» бүтүн Арассыйатааҕы көрүүгэ лауреат үрдүк аатын ылан, «Тыыл үлэһиттэрэ» үлэтэ Третьяковскай галереяҕа турар чиэскэ тиксибитэ. Бу үлэҕэ Хатаспыт олохтоохторо суруллубуттара эмиэ кэрэхсэбиллээх. Онон Татьяна Дмитриевна үйэтитии боппуруоһугар сыаллаах-соруктаах, үтүө түмүктээх үлэтигэр махталбыт улахан. Хартыына буолбут хаартыска бүгүҥҥү күҥҥэ, билиҥҥи кэмҥэ саҥалыы тыыннанна. Ол курдук, балаҕан ыйыгар үөрүүлээх сурах нэһилиэкпитин тилийэ сүүрбүтэ — Попова Татьяна Дмитриевна Сахабыт сирин талба талааннаахтарын кытта »Подвигу народа посвящается» диэн ааттаах Бүтүн Арассыыйатааҕы быыстапкаҕа Гран-при хаһаайыттара буолбуттара. Дьэ, доҕоттор санаан көрүҥ, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн 600 үлэ киирбититтэн 100 үлэни талаллар, ол 100 үлэттэн 14 — биһиэттэрэ. 57 эрэгийиэн кыттыбыт, онон 86 үлэ ол 56 эрэгийиэн гиэнэ, нэһиилэ биирдии-иккилии үлэ буолар! Бу быыстапка түмүгүнэн бүтүн Арассыыйа үрдүнэн любитель-худуоһунньуктар каталогтара тахсар. Онно кини Тыыл үлэһиттэрэ» диэн үлэтэ биир саамай көстүүлээх сиригэр бэчээттэммит. Сөҕүмэр ситиһии! Бу үлэлэр дойдубут тэбэр сүрэҕэр Третьяковскай галереяҕа сүүрбэччэ хонукка турбуттара. Бу түгэҥҥэ биһиги хайаан да махтал тылларын Слепцова Полина Николаевнанан сирэйдээн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин кэлэктиибигэр тиэрдиэхпитин наада. Полина Николаевна быһаччы салалтатынан, сүбэтинэн-аматынан, ыйыытынан-кэрдиитинэн күүстээх үлэ баран, ити курдук күөрэс гынан тахсан кэлии буолбута. Ситиһии ситимин, кыайыы кынатын төрдө-төбөтө билии-көрүү, үөрүйэх сатабылга кубулуйан талааны, дьоҕуру уһугуннаран ситэри-хотору, толору буолуу таһымыгар тиийиигэ сытар. Татьяна Дмитриевна хайа баҕарар көлүөнэҕэ холобур буолар хаачыстыбалаах – ылсыбытын ыһыктыбат, туппутун туора бырахпат, саҕалаабытын хайаан даҕаны тиһэҕэр тириэрдэр. Онон, этэргэ дылы, кини ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба дириҥ далай эйгэтигэр умсугуйан туран киирдэр киирэн, саҥаттан саҥаны арыйан, сонунтан сонуну көрөн-истэн сыал-сорук туруорунан, быйыл 2023 сыл бэс ыйыгар Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр кэллиэһи бүтэрэн, судаарыстыбаннай докумуону тутта. Манна кини дипломнай үлэ суруйда. Салайааччыта Сахабыт сиригэр ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба сайдыытыгар-үүнүүтүгэр сыаналаммат улахан кылааттаах, дьоһун киһибит Николай Николаевич Иннокентьев буолар. Киниттэн үөрэнээччитин туһунан санаатын атастаһыыбыт маннык буолла.
— Татьяна Дмитриевна тус быыстапката киһини элбэх санааҕа тириэрдэр. Бастатан туран тус быыстапка сүрдээх улахан үлэттэн, тулууртан-дьулууртан тахсарын өссө төгүл тоһоҕолоон этиэм этэ. Мин кинини үөрэнээччим, уһуйуллааччым быһыытынан билэр эбит буоллахпына, бу быыстапкаҕа кини үлэлэрин хомуурун көрдүм. Ордук дьон-норуот олоҕун үйэтиппит үлэлэрин бэлиэтиэм.
Айылҕаны, кыылы-сүөлү суруйар дьон үтүөтүн ханан да мөлтөппөккө тураммын, норуот олоҕун-дьаһаҕын суруйуу, үйэтитии бу дойдумсах буолуу, дойдуга бэриниилээх буолуу чаҕылхай туоһута, чахчыта диэн өйдөбүллээхпин. Татьяна өҥү-дьүһүнү дьүөрэлээһиҥҥэ улахан болҕомтотун уурара хайҕаллаах суол. Онтон норуот олоҕун-дьаһаҕын диэҥҥэ кини бэйэтин нөҥүө аһарбыт үтүөкэн түгэннэр буолаллара эмиэ кырата суох оруолу оонньуур.
Ол кэннэ алтыһыыга куруутун аһаҕас, көмөлөһөргө мэлдьи бэлэм, РФ, СӨ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнин, СӨ норуодунай худуһуонньугун, РФ үтүөлээх худуоһунньугун, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлин, САССР хомсомуолун бириэмийэтин лауреатын, «Үргэл» АРТ-галерея дириэктэрин Спиридонов Юрий Васильевич санаатын истиэҕиҥ:
— Татьяна Дмитриевна курдук дьоннор баар буоланнар, ускуустубаҕа, айар-тутар суолга эн саастааҕыҥ дуу, эдэриҥ дуу быһаарар оруолу оонньообот диэни дьиҥ чахчы көрө-истэ, сөҕө-махтайа, махтана итэҕэйэбит. Манна сүрүн күүс эн баҕа санааҥ, бэйэҕэр эрэлиҥ буолар. Хатастар, чуолаан «Тускул» Култуура киинин иһинэн үлэлиир «Бары уруһуйдуубут» түмсүү, бу кэлин сылларга үтүөкэн хамсааһыны таһаардылар уонна кэккэ ситиһиилэрдэннилэр. Татьяна үлэлэригэр олоххо дьулуһуу, тулуһуу, сырдыкка тардыһыы баар буолан бу быыстапка ис иһиттэн сылаас, ыраас, истиҥ тыыннаах. Хара маҥнайгы тэриллиэхтэриттэн алтыһар буоламмын, сайдыы-үүнүү барыытын астына көрөбүн.
Татьяна Дмитриевна быыстапкатын биир уратыта, киэн туттуута бу быыстапкаҕа кини көлүөнэ ситимин тута сылдьар сиэнэ Аня Афанасьева үлэлэрэ баара буолар. Онтон биир сиэнэ Анастасия Кардашевская “Тускул” КК ыыппыт хаартыскаҕа түһэрээччилэр куонкурустарыгар бэлиэтэммитэ. Онно кини бу кэрэни-үтүөнү, дьиктини бэлиэтии көрөрбөр эбэм оруола улахан диэн сэһэргээбитэ.
Татьяна Дмитриевна 2023 сылга ситиһиилэрэ элбэх үлэттэн, үгүс түбүктэн кэллилэр, диплом тутта, тус быыстапкатын тэрийдэ, ол барыта бэс ыйыгар түмүлүннэ. Биллэн турар, биир ыйга итинник элбэх тэрээһин буолара манан аҕай буолбатах, элбэх түбүк, сүүрүү-көтүү буоллаҕа дии. Ону барытын өйүнэн-санаатынан, этинэн-хаанынан, уйулҕатынан уйан, бу курдук кэрэхсэбили-сэргээһини ылбыт далбарбытыгар баҕа санаа баалыгар, ыра санаа аалыгар олорсон куруутун инники буоларыгар баҕарыахха.
Наталья РУФОВА
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…