Ыраах Арменияттан махтал тылларын тиэртилэр (видео)
«Норуот үгэһин харыстааһын ийэ эрэллээх илиитигэр” национальнай-култуурунай түмсүүлэр норуоттар икки ардыларынааҕы пуорумнарыгар армян норуотун бэрэстэбиитэллэрэ олус көхтөөтүк кытыннылар.
Мин болҕомтобун төлөпүөнүн туппутунан сылдьан, кимиэхэ эрэ араас омуктар астарын көрдөрө-көрдөрө кэпсиир эдэркээн кыыс тарта.
Кэпсэтэн билсибитим, маннык ис хоһоонноох ураты түгэн буолла — Арменияттан эҕэрдэтэ тутуҥ, Саха сирин дьоно!
Армяннар виноград сэбирдэҕэр эриллибит эти эрийэн, духуопкаҕа буһаран сииллэр. Бу — кинилэр национальнай бүлүүдэлэрэ.
Бэйэлэрин омуктарын бастыҥ бүлүүдэлэрин туһунан эдэр ийэлэр маннык билиһиннэрдилэр:
Хас биирдии кинилэр остуолларыгар чугаһаабыт киһи бу минньигэс аһы амсайар дьоллоннор.
Ити курдук, армян норуотун эдэр ийэлэрэ пуорумҥа көхтөөхтүк кыттан, бэрт элбэх национальнай куукунаны билэн, үөрэтэн бардылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: