Быйыл сайын Сахабыт сирин үгүс улуустарыгар улахан куйаас күннэр уһун кэмҥэ туран баран, от ыйын бүтэһигиттэн быыһа суох ардахтарынан солбулунннулар. Маннык куйаас сайыҥҥа дьон-сэргэ хоту-соҕуруу дуоһуйа сынньана айанныыр, кэлэр-барар үгэстээх. Онуоха суол эрэ туруга үчүгэй буоллар массыынаҕа олорбут киһи Арассыыйа ийэ-хотун хайа баҕарар муннугар тиийэр кыахтаах.
Саха сирин арҕаа уһугуттан Сунтаар улууһун «Алгыс» бэтэрээннэр ансаамбылларын кыттыылаахтара — барыта уон биир киһи от ыйын 30 күнүттэн атырдьах ыйын 8 күнүгэр диэри ыраах Байкал күөлгэ массыынанан айаннаан эргийэн этэҥҥэ кэллилэр. Айан кыттыылаахтара үксүлэрэ сэттэ уоннарыттан тахсыбыт, сороҕо аҕыс уоннарын ааспыт аҕам саастаах дьон. Олортон биирдэстэрин кытары сөҕө-махтайа санаан сэһэргэспиппин кэпсиим.
Кинини кытары Сунтаар улууһунааҕы «Ньургуһун» литературнай түмсүүгэ киирэн баран ыкса билсэн турабыт уонна өрүү бэйэ-бэйэбит сонунун үллэстэр идэлээхпит.
Аҕыйах хонуктааҕыта киин куораттан дойдутугар айаннаан кэлбит күнүн сарсыныгар миэхэ эрийэн ыҥырбытыгар дьиэтигэр тиийэ сырыттым. Киирэн кэлбиппэр ханнык да күҥҥэ таһырдьа тыган сандаарар халлаан күнүттэн итэҕэһэ суох өрүү сырдык мичээринэн сыдьаайан көрсөр идэлээх Агафия итии чэй, миин кутан остуолга олордон баран, холкутаан ыраах сылдьыбыт сырыыларын туһунан сыыйа-баайа кэпсээн барар. Сунтаартан Яна Иннокентьевна, Галина Михайловна диэн кинилэри көрөн-истэн, дьаһайан илдьэ сылдьыбыт үтүө санаалаах бас-көс далбар хотуттардаах, Андрей, Дьулус диэн киһиэхэ болҕомтолоох, истиҥ сыһыаннаах суоппардардаах «Хайс» массыынанан атырдьах ыйын 30 күнүгэр Дьокуускай куораттан хоҥнубуттар. Дьокуускайтан Байкал күөлгэ диэри сиринэн айан устата 3246 килэмиэтир.
Суолга айаннаан иһэн киэһээҥҥи хонуктарын аайы гостиница булан, онно утуйан, сылааларын аһаран абыраммыттар. Тиийиэхтээх сирдэрэ: аан дойду бары ыра санаа оҥостубут – улуу Байкал күөлэ. Байкал күөлгэ тиийэн икки хоммуттар. Күөл аата буряттыы тылбаастаатахха, «Байгал далай» диэн хайдах эрэ сахалыы “далай Байҕал” диэҥҥэ маарынныыр эбит. Мин төбөбөр өйдөөн хаалбыт 2018 сыллаахха Дьокуускай куорат кытылыттан сахалар улуу эбэбит Ленаны туораан Аллараа Бэстээххэ тахсарбытыгар, санаабар халлаан бу чугаһаан тобукпар иэдэһин даҕайар курдуга. Оттон Агафия кэпсиир кэмигэр харахпар улуу Байкал сир ийэ халлаанныын силбэһэр оройугар тиийэр, тиийэ да сыһар буоллаҕа. Икки улуу –аҕа- халлаан уонна улуу эбэ. Сиргэ олох айыллыаҕыттан сир ийэни угуттуур, нүөлсүтэр айанньыт былыттары сырдык, ыраас ньууруттан өрө көтүтэн таһаарар, күлүмүрдэс көй салгыны көбүөхтүү тыынар, күүстээх, дохсун тыаллары күөдьүтэр, күөртүүр улуу ийэ-эбэбит барахсан.
Агафиялаах Бурятия сирин Прибайкальскай оройуонугар баар Турка бөһүөлэгэр сылдьыбыттар.
Кинилэр сылдьар кэмнэригэр туохха да бэриммэт, өрүү харса суох дьэбир-хабыр майгылаах улуу күөл долгуннуран, өрүтэ түллэн көрсүбүтэ, ол иһин сөтүөлүөх буолан бары эрдэттэн купальник уктан илдьэ барбыт санаалара хаалбыта. Сэбиэскэй кэм саҕанааҕыттан сулууспалыы сылдьар катерга олорон улуу эбэ устата-туората, улаҕата-хоонньо биллибэт модун ньуурун устун хатааһылыы түспүттэрэ. Эбэ кэрэ көстүүлээх кытылыгар турар маяк үрдүгэр таҕыстахха, Байкал сис хайаларын арҕастара уонна улуу эбэ аан дойдуга улаханнарынан аатырбыт арыыларыттан үһүс миэстэни ылар Ольхон арыы көстөллөр. Бу маяк 2014 сыллаахха тутуллубут, үрдүгэ 26 миэтэрэ. Манна кэлэр туристартан ким баҕалаах, эт-хаан өттүнэн кыанар уонна харса-хабыра суох санаалаах эрэ маяк үрдүгэр кирилиэһинэн ыттан тахсан тулатын ыраахха диэри одуулаан көрүөн сөп эбит. Биһиги дьоммутуттан Галина Михайловна алын кылааска үөрэнэр уол сиэнэ уонна манна атырдьах ыйын түөрт күнүгэр 77-с сылын төрөөбүт күнүн ылар тыыннаах диэн үөрүүтүгэр бэйэтигэр күндү бэлэх оҥостубут Агафия Дмитрьевна сорунан туран маяк үөһэ тахсыбыттар. Ылбычча саастаах киһи бэйэтин чараас уйулҕатын, уйан туругун, эт-хаан үлэтин өттүнэн бэлэмигэр эрэнэн, сорунан туран үөһэ тахсыбат буоллаҕа. Оттон Агафия Дмитрьевна Бурятия халлаанын анныгар улуу Байкал күөлтэн күүс-уох ылан иккиһин төрөөбүт кэриэтэ сананан маяк үрдүгэр тахсыбыта. Кини хараҕар бука, уон икки саастааҕар ийэтэ, аҕата суох хаалбыт түөрт оҕолоох ыал кыра кыыстарын хаарыйбыт тулаайах буолуу тыйыс дьылҕатын эрдэтээҥҥи хаһыҥнара элэҥнээн ааһарга дылылара. Кыыс аҕыйах кылааһы үөрэнэн бүтэрэн баран, кыайан үөрэммэккэ уурайан үлэһит буолбута. Олоххо кимтэн даҕаны өйөбүл, көмө күүппэт тулаайах оҕо киһиэхэ аҥардас бэйэ эрэ күүһүгэр эрэнэн суолу солонуу ыараханын, эриирин-мускуурун билэн улааттаҕа. Аһыыр туһуттан илии-атах көмөлөһөөччү үлэһит курдук сылдьан устунан бэйэтиттэн аҕа киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. Ол киһитинээн ыал буолан өр тапсан олорботохторо, икки аҥы арахсыбыттара. Агафия кыыс оҕолоох соҕотох хаалбыта. Бириэмэ ааспытын кэннэ дьоно сүбэлээн, хаайан кэриэтэ иккиһин кэргэн тахсан икки кыыс оҕоломмута. Билигин тоҕус сиэннээх, уон биэс-алта хос сиэннээх толору дьоллоох, баай киһи.
Агафия түөрт уон сааһыгар арыынан-сыанан аҕаабатах олох таайан, илиитэ-атаҕа, ис нуотарата ыарытыйан инбэлииккэ тахсыбыта. Кэппэндээйи санаторийыгар өр сылларга үлэлээбит убайа Григорий Егорович Чолбодуков сүбэтинэн олус эми иһэн үлүһүйбэккэ, үксүн эти-хааны эрчийэн үтүөрэр санаа суолун ол саҕаттан тутуспута. Ол сылдьан 1995 сыллаахха Сунтаарга норуот эмчитэ Клавдия Ильинична-Сайыына үөрэҕэр сылдьан бастакы кууруһу үөрэнэн бүтэрбитэ. Мантан саҕалаан доруобуйата сыыйа-баайа көнөн, өй-санаа өттүнэн сайдан, ырыа-хоһоон, кута-сүрэ чэпчээн үөрүү аргыстанан барбыта. 2000 сыллаахха сунтаардар биир чаҕылхай киһилэринэн биллэр Сүүрүк Балбаара тэрийбит хаалыктаах хаамыы бөлөҕөр киирэн ситиһиилээхтик дьарыктаммыта. 2018 сыллаахха кирилиэс үктэлиттэн сууллан түһэн өттүгүн уҥуоҕун алдьатан, хамсаабакка сытар турукка киирбитэ. Ол да буоллар олоххо тардыһар күүстээх санаата батарбакка сытан эрэ илиитин-атаҕын, этин-хаанын былчыҥнарын күүскэ дьарыктаан, сотору кэминэн туран хаамар киһи буолбута. Икки сыллааҕыта кыра кыыһа Наталья кэргэнэ Иннокентий дьону көмөлөһүннэрэн ийэлэригэр биир тэлгэһэ иһигэр кыра, дьоҕус дьиэ тутан биэрэн үөрдэн-дьоллоон туралларын өрүү истиҥник, сылаастык ахтан ааһар. Агафия ол дьиэтигэр киириэҕиттэн сарсыардаттан саҕалаан эт-хаан эрчиллиитинэн өссө күүскэ дьарыктанар буолбут. Эрчиллиигэ аналлаах спортивнай тэрилин толору хааччыммыт : 1,5 кг гантеллар, атаҕынан тэбэр билисипиэт, хаалыктаах хаамыы тайахтара. Агафия Дмитрьевна билигин кэлэн баран хайдах итиччэ ыраах айаҥҥа тулуһан, тулуйан сылдьыбытын бэйэтэ даҕаны сөҕө, дьиктиргии саныыр. Кырдьык, үксүгэр киһи атын дьоҥҥо найыланан бэйэтин күүһүн саарбахтаан, саараан туохха да дьулуспакка биир сиргэ олорон, устунан хамнаммакка, уостан, умуллан бардаҕа ол. Агафия кэпсииринэн кини эр киһи курдук кирпииччэ оһоҕу оҥорор, оннооҕор түннүк тааһын быһан, ыҥырыкка сылдьар этим диир. Өстүөкүлэ, оһох кирпииччэтэ бэйэлэрэ туспа, ураты сиэр-туом уран айылгытын таарыйар былыр былыргыттан киһи аймаҕы абыраан кэлбит олоххо туттуллар матырыйааллары кытта биир кут, биир турук буолар бэйэтин чараас ис эйгэтин билинэр, сэрэйэр эрэ киһи кыайа-хото тутан үлэлиирэ буолуо.
Улуу Байкалы – айылҕа биир дьикти кэрэ сирин ыраахтан да буоллар көрбүт курдук кини диэтэр дириҥ далай мындыр күүһүнэн-уоҕунан киэн туттуох модун санаа киирэн кэлэр. Ону кытары тэҥҥэ киһи кыаҕа муҥура суоҕун сөҕө-махтайа саныыгын. Айылҕа уонна киһи бэйэ-бэйэтин ситэрсэн биэрэр биир күүс, биир кут, биир тыын.
Киһи бу сиргэ сылдьарын тухары саныыр санаа кулута. Хайдах санааны төбөҕөр өрүү эргитэҕин олоҕуҥ суола, оҥкула оннук салаллар. Агафия Дмитрьевнаны кытары сэһэргэстэҕим аайы кини олох дьикти кистэлэҥин билэр дии саныырым күүһүрэн иһэр. Ол кистэлэҥ мин таайдахпына үөрүү диэн ааттаах. Туох да буоллун өрүү үөрүү аргыстаах ханна да, хаһан да өһөн-охтон биэрбэт. Дьоннор, өрүү үөрэ сылдьыаххайыҥ!
Быйыл Сунтаар улууһугар 2022 сыл «Дьиэ кэргэн сыла», Агафия Дмитрьевна-Чолбон Кыыһа ханнык даҕаны күҥҥэ өйөбүл-көмө буолар халыҥ дьиэ кэргэнигэр: оҕолоругар, сиэннэригэр, күтүөттэригэр уонна ыраах Байкалга айаҥҥа биир дьиэ кэргэн курдук түмсүүлээхтик сылдьыбыт айан кыттылаахтарыгар ис сүрэҕиттэн махтанар. Оннук иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэнтэн тахсар айымньылаах, ситиһиилээх, кэрэ олох. Туругурдун дьиэ кэргэн!
«Саха сирэ» саайтка анаан Елена АНТОНОВА-Күн Сиккиэрэ
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…