Аартыка кытылыгар олорор Булуҥ улууһун олохтоохторо биир дойдулаах буойуттарыгар өйөбүлү, көмөнү оҥорон, ыраах олоробут диэбэккэ, улуустан гуманитарнай көмөлөрүн ыыта, илдьэн тиксэрэ олороллор. “Биһиги бука бары уолаттарбыт байыаннай дьайыыттан кыайыы аргыстаах этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабыт!”, — диэн кэпсиир Булуҥ оройуонун бэрэстэбиитэллээх уорганын дьокутаата Туйаара Баясгалангийн.
— Байыаннай эпэрээссийэ уонна ол кэнниттэн ыытыллыбыт быстах хомуур биһиги улууспутун тумнубатахтара, ол иһигэр мин дьиэ кэргэммин эмиэ: күтүөтүм — кыра кыыһым кэргэнэ уонна бииргэ төрөөбүттэрим оҕолоро – икки быраатым. Кэргэннэрин, уолаттарын, бырааттарын байыаннай дьайыыга атаарбыт, кинилэр тустарыгар долгуйар ыал ийэлэрэ, дьахталлар, эбээлэр үүнэр көлүөнэ ыччаттарын бэйэлэрэ эрэ иитиини уонна олох-дьаһах араас кыһалҕаларын быһаарыыны чараас санныларыгар сүгэн сылдьаллар.
Итинник ыарахан быһыыга-майгыга олорор дьоҥҥо өй-санаа, уопсай турук өттүнэн өрүттүүгэ 2022 сыл күһүнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай көмөнү оҥорор киинтэн икки киһилээх биригээдэ кэлиитэ олус тоҕоостоох уонна кэмигэр этэ. Тиксии бөһүөлэгэр биригээдэ исписэлиистэрэ буойуттарбыт дьиэ кэргэннэрин, чугас дьоннорун кытта туох кыһалҕалаахтарын туһунан биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн кэпсэтэн-ипсэтэн, сөптөөх сүбэлэри-амалары биэрбиттэрэ. Дьон уйулҕатын туругун чөлүгэр түһэриигэ маннык көмө улахан туһалааҕын, көдьүүстээҕин тус бэйэбитинэн билбиппит. Онон психологтар үлэлэрэ наадалаах уонна улахан көмөлөөх. Арассыыйа Федерацията ыыппыт быстах ыҥырыытын чэрчитинэн байыаннай сулууспаҕа кыттар дьоммут дьиэ кэргэттэригэр психологическай уонна социальнай көмөнү оҥорор ыстаап улууспут дьаһалтатын иһинэн тэриллэн, үлэлии турар.
«Булуҥ улууһа» муниципальнай тэриллии дьаһалтата буойуттар дьиэ кэргэттэригэр барыларыгар биир кэмнээх матырыйаалынай көмөнү итиэннэ бородууктанан, сибиэһэй оҕуруот аһынан, өйөбүлү оҥорбута. Буойуттарбыт 8 оҕолоругар сайыҥҥы лааҕырга сынньаналларыгар босхо путевкалар көрүллэн, өрөспүүбүлүкэ таһыгар сынньана сылдьаллар. 7 оҕо төрөппүтэ дьыссаат иһин төлөбүртэн босхоломмута, 14 оҕо оскуола остолобуойугар босхо итии аһылыгынан хааччыллыбыта. Маны сэргэ буойуттар дьиэ кэргэттэрэ улуус култууратын тэрилтэлэригэр төлөбүрэ суох сылдьар чэпчэтиинэн туһаналлар. Бырааһынньыктарга оҕолорго бэлэхтэри туттарыылаах араас тэрээһиннэр, аахсыйалар ыытыллаллар. Нэһилиэктэргэ буойуттар дьиэ кэргэттэригэр күннээҕи олох-дьаһах кыһалҕаларыгар, мас, муус бэлэмнээһинигэр, онтон атын үлэлэргэ көмө куруук оҥоһуллар. Баһылыктар маны барытын болҕомтолорун киинигэр туталлар.
Ону таһынан Булуҥ улууһуттан байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыт буойуттарга байыаннай усулуобуйаҕа таҥнар таҥаһы-сабы, тактическай атах таҥаһын, тобукка кэтэри уо.д.а. атыылаһалларыгар диэн үбүнэн көмөнү ыыта олоробут. Утуйар мөһөөччүктэринэн, аптечкаларынан, байыаннай дьайыыга наадалаах тэриллэринэн, барыта 1535000 солк. суумалаах өйөбүл оҥоһуллубута. «Анаабыр алмаастара» АУо, улуус дьаһалтатын, олохтоохторун уонна Ослопова Ольга аатынан Аһымал пуонда көмөлөрүнэн 855282 солк. хомуллан, социальнай төлөбүрдэр төлөммүттэрэ. 624 000 солк. үс тепловизионнай прицеллэр ылыллан ыытыллыбыттара. Онон барыта 3 мөл. солк. тахса суумалаах көмө оҥоһулунна. Итини таһынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр докумуоннары хомуйууга, толорууга, посуобуйалары ылыыга көмө оҥоһуллар, муниципалитет өттүттэн эбии чэпчэтиилэр олохтоммуттара.
Улуус баһылыга Афанасий Андросов байыаннай дьайыы сиригэр тиийэн, биир дойдулаах буойуттары көрсөн, моральнай уонна матырыйаалынай өйөбүлү оҥорон, улуус гуманитарнай көмөтүн тиэрдэн кэлбитэ. Биһиги бука бары уолаттарбыт байыаннай дьайыыттан кыайыы аргыстаах этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабыт!
Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…
Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…