Ыраах Дьааҥыттан Дьохсоҕон интэринээтин иитээччилэрэ Махтал суругу туттулар

Share

Соторутааҕыта Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр үгэс буолбут көҥүл тустууга ССРС спордун маастардара бырааттыы Дмитрий, Семен Ючюгяевтар бириистэригэр обургу уолаттарга өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии 19-с төгүлүн ыытыллыбыта.

Быйылгы күрэхтэһиигэ Дьааҥыттан, Хаҥаластан, Томпоттон, Чурапчыттан, Тааттаттан: Ытык Күөлтэн, Дэбдиргэттэн, Баайаҕаттан, Чөркөөхтөн, Дьохсоҕонтон барыта 100-кэ оҕо тоҕуоруһа мустубута. Биллэн турар, бачча элбэх оҕону хонноруохха, аһатыахха, сынньатыахха наада.  Бу түбүктээх соругу дьохсоҕоннор кыайа туппуттара. Бу туһунан Дьохсоҕонтон Татьяна Попова маннык кэпсээтэ:

— Оҕо саас сылыгар интэринээт үлэһиттэрэ ыраахтан сылдьар оҕолорго болҕомтолорун ууран, сынньалаҥнарын тэрийбиттэрэ, туһугар, бэртээхэй бэлэх.   Бу күннэргэ Дьааҥы улууһуттан төрөппүттэртэн Дьохсоҕон интэринээтин үлэһиттэрэ бэрт истиҥ хоһоонноох суругу туттулар: “Ытык мааны талба Таатта сирин олохтоохторугар, оскуола, интэринээт бары үлэһиттэригэр ыраах Дьааҥы сириттэн сылдьар оҕолорбутун үрдүк таһымнаахтык көрсүбүккүтүгэр төрөппүттэр ааттарыттан муҥура суох улахан махталбытын тиэрдэбит. Ол курдук, хас биирдии оҕобутугар ийэлии сыһыаннаах, өрүү сылаас астаах, оҕолорбут үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэстэн, көрөн-харайан, сүбэ-ама биэрэн, чугас дьоннорун суохтаппатаххытыгар, үтүө санаалаах интэринээт үлэһиттэрэ, эһиэхэ барыгытыгар барҕа махтал! Сатабылы сайыннарар эйэҕэс учууталлар, эт-хаан сайдыытын өттүнэн дьарыктаабыт, тустуу албастарыгар үөрэппит, тулууру-дьулууру иҥэрбит тириэньэрдэргэ оҕолорбутугар кылгас, ол гынан чаҕылхай күннэри бэлэхтээбиккит.  Эһиги тэрийбит араас умсугутуулаах тэрээһиннэргит оҕолорбут сүрэхтэригэр өрүү баар буолуоҕа. Олус үөрэн, астынан кэлбит оҕолорбут эһиэхэ махтал тылын истиҥин этэрбитигэр көҕүлээтилэр. Эһиги өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кэлбит оҕолору кытта доҕордуу сыһыаны үөскэтэн,  хамаанданан үлэ, эрчиллии үөрүйэхтэрин, сомоҕолоһуу күүһүн иҥэрэн үтүмэн элбэх доҕору үксэппиккит.

Бу улаатан эрэр обургу оҕолорго – бастыҥ холобур. Дьиэлэригэр олох атын көрүүлээх-истилээх, элбэҕи билбит-көрбүт дьон кэллилэр. Өрүү бу курдук иитэр-үөрэтэр оҕолоргут эһиэхэ өрүү махталлаах буоллуннар. Дойдуларын, үөрэнэр-сайдар оскуолаларын, интэринээттэрин аар-саарга ааттата турдуннар. Өссө төгүл махтал буоллун үтүө санаалаах Таатта сирин үлэһит, үтүө-мааны дьоһун дьонугар! Үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, тус олоххутугар дьолу-соргуну баҕарабыт. Махталы кытта, Дьааҥы оҕолорун төрөппүттэрэ”.

Тустуук оҕолор олорор 15 миэстэлээх интэринээттэрин сэбиэдиссэйэ Любовь Тарбахова Дьааҥыттан төрөппүттэр махталларын тутан, үлэһиттэр бары олус үөрбүттэрин кэпсээтэ:   «Кырдьык, ыраахтан кэлэн интэринээккэ олорбут оҕолорго сынньалан кэмнэригэр үлэһиттэр бэйэбит тугунан дьарыктанарбытыгар сыһыаран — кылгас кэм иһигэр куйуурдатан сынньаттыбыт

араас куонкурстарга кытыннаран, ол быыһыгар уочаратынан дьуһуурунайдатан, тустуук оҕолорбут күннэрин билбэккэ да хааллылар.

Биһиги сэмэй күннээҕи үлэбитин сыаналаан, махталларын ыыппыт төрөппүттэргэ махталбытын тиэрдэбит”, диэн санаатын үллэһиннэ сэбиэдиссэй.

…Туох кистэлэ кэлиэй, хас биирдии тэрээһин үтүмэн үлэттэн, эппиэтинэстээх сыһыантан тутулуктааҕын өйдөөн туран, тустаах дьоҥҥо махтанарбыт ахсааннаах курдук. Онон Дьааҥы кырачаан тустууктарын төрөппүттэрэ Таатта улууһун Дьохсоҕонун интэринээтин  үлэһиттэригэр истиҥник махтанан, барыбытыгар холобур көрдөрдүлэр диэххэ сөп. Туох барыта бэйэ-бэйэҕэ кыра да болҕомтоттон турар. Ордук маннык уустук кэмҥэ.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

16 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

2 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

2 часа ago