Салгыы
Ыраах Хатыыстыыр олохтоохторо саҥа амбулаторияланыахтара

Ыраах Хатыыстыыр олохтоохторо саҥа амбулаторияланыахтара

20.07.2023, 11:00
Хаартыска: Алдан балыыһатын пресс-киинэ
Бөлөххө киир:

Алдан улууһун Хатыыстыыр сэлиэнньэтигэр сотору саҥа дьиэ малааһына күүтүллэр. Ол эбэтэр атырдьах ыйын 1 күнүгэр  быраас амбулаторията аанын арыйыаҕа.

Амбулатория дьиэтэ доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын эрэгийиэннээҕи бырагырааматын чэрчитинэн тутулунна.

— Саҥа амбулатория тутулларын  мэдиссиинискэй үлэһиттэр уонна эмтэнээччилэр олус күүппүппүт.  Урукку дьиэбит олус эргэрбитэ. Билигин балыыһабыт тупсаҕай тутуулаах уонна сылаас. Коммуникацията барыта эрдэ тардыллыбыта, бу күннэргэ интэриниэт киллэрилиннэ. Онон, бары астынан олоробут, — диэн амбулатория ыстаарсай сиэстэрэтэ Елена Николаевна Марфусалова иһитиннэрдэ.

Бырайыак быһыытынан, мэдиссиинэ тэрилтэтигэр  эмтээһин хаамыытыгар наадалаах анал хостор көрүллүбүттэр. Амбулатория саҥа миэбэллэннэ уонна аныгы тэриллэннэ.  Кэбиниэттэр бары бэлэм буоллахтарына, эмтэнээччилэргэ аан аһыллыаҕа.

Хатыыстыырга 1700 кэриҥэ киһи олорор. Амбулатория 13 үлэһиттээх, терапия уонна педиатрия өҥөлөрүн оҥороллор,  акушерка дьахталлар доруобуйаларын көрөр-истэр. Уопсай килиниичэскэй лабораторияҕа  анаалыстары ылаллар. Күнүскү стационарга  исписэлиистэр патронаж ыыталлар уонна дьиэҕэ тиийэн мэдиссиинискэй көмөнү оҥороллор. Мэдиссиинискэй үлэһиттэр сэлиэнньэ олохтоохторун сэргэ, табаһыттар, булчуттар аҕа ууһун общиналарын чилиэннэрин доруобуйаларын көрөллөр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 ноября
  • -18°C
  • Ощущается: -18°Влажность: 78% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: