Ыраах Оленегорскайга дьүкээбил бөҕө
Булт быраабылатын тутуһууга рейдэлэр быыстала суох ыытыллаллар. Ол курдук, аҕыйах хонуктааҕыта СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин Аллайыаха улууһунааҕы иниспиэксийэтиттэн уочараттаах рейдэҕэ бара сырыттылар.
Иниспиэктэр Семен Павлов, полиция участковайа Гаврил Васильев, уопсастыбаннай иниспиэктэр Иван Рожин ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Оленегорскайынан Аччыгый Эрча үрэҕинэн эргийэн айаннаан кэллилэр.
— Бу сылдьар кэммитигэр халлаан этэҥҥэ туран биэрэн, абыраата, наһаа улаханнык тымныйбата. Онон “буранынан” сылдьар дьоҥҥо үчүгэй. Биһиги урут табаһыттар харааллара баар сиригэр тохтоон, булчуттары бэрэбиэркэлээтибит. Төрдүө буолан аҕыйах кыылы бултаммыттар, лиссиэнсийэлэрин толорбуттар этэ. Онон кэһии тахсыбатах. Кыыл таба син баар курдук. Күнүс тыаҕа саһан сытар, сарсыарда эрдэ тахсан аһыыр быһыылаах. Хата, халлааҥҥа дьүкээбил бөҕө, — диэн төлөпүөнүнэн кэпсээтэ Семен Семенович.
Хаартыска: С.Павлов ыытта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: