Ыраах Русскай Устьеҕа
Муустаах муора суолунан былыр былыргыттан айанньыт бөҕө ааспыт сирэ буоллаҕа.
Бу хотугу помордар дэнэр ууһут дьон мас аалларыгар олоро түһээт, хоту-соҕуруу сири-сибиири сыыйдахтара. Олор биир утахтара Аллайыаха Русскай Устьетыгар уонна Аллараа Халыма Походскайыгар билиҥҥэ диэри ууһаан-тэнийэн олороллор.
Улуу Новгородтан утумнаахтар дуо?
Игорь Чикачев Русскай Устьеттан төрүттээх, аҕатын Алексей Гаврилович Чикачев кэнниттэн кини үлэтин салгыы сылдьар. Аҕата устуорук, бартыыйынай үлэһит, учуутал этэ, олоҕун бүтэһик сылларыгар Тыл, литература, устуоруйа институтугар үлэлээбитэ. Хоту дойду устуоруйатынан 20 кинигэни таһаартарбыта. Кэлин уола аҕатын үлэлэрин чөмчөтөн, үп булан монографиятын таһаартаран, аҕатын матырыйаалларын барытын мунньан, “Русский Север Арктики”, “Русские на Индигирке” кинигэлэри таһаартарбыта. Алексей Гаврилович тыыннааҕар биллиилээх суруйааччы Валентин Распутины кытта доҕордуу этилэр, элбэхтик суруйсаллара.
“Распутин хаста да Русскай Устьеҕа кэлэ сылдьыбыта, кини бу дойду олохтоохторо Хоту Муустаах муора суолунан кэлбиттэрэ диэн сабаҕалааһыны өйүүр этэ, – диир Игорь Алексеевич. – Валентин Распутин Русскай Устье олохтоохторунан олус интэриэһиргиирэ, кини бу дьон саҥалара “Прощание с Матерой” айымньытын дьоруойдарын саҥатыгар ханан эрэ маарынныыр гынан баран, хас эмэ сүүһүнэн сылларынан араастаһаллар диирэ. Москваттан сылдьар устуоруйа билимин дуоктара, бэрэпиэссэр Валерий Васильев эмиэ итинник кэриэтэ этэр: “Новгородтан кэлбиттэрэ буолуо диэни саарбахтыыбын гынан баран, дьиҥ дьиҥинэн Русскай Устьеҕа араас саҥалаах (говор) үс бөлөх дьон кэлбитэ көстөр. Саамай инники хоту муора суолунан былыргы новгородскай саҥалаах дьон мас аалларынан кэлбиттэр, иккис бөлөх дьон кинилэртэн хойутаан, Ермак бохуотун кэнниттэн Сибииринэн, Уралынан, Мангазеянан кэлбиттэр, бу – киисчиттэр уонна хаһаактар этилэр. Үһүс бөлөх дьон кэлин айан-сырыы судургутуйбутун кэннэ Енисейинэн Саха сиригэр кэлэр буолбуттар”. Бу үс бөлөх дьон кэлиилэрин икки арда хас эмэ сүүстүү сылларынан араастаһар. Олор бары эрдэ кэлбит новгородскай саҥаҕа дьапталҕаланан иһэр буоллахтара”. Оттон тоҕо чуо Новгород? Ол саҕана Улуу Новгород бас билэр сирэ-уота Уралга тиийэ сабардыыра. Муора суоллаах буолан, Европаны кытта күндү түүлээҕинэн, көнөпүлэ умнаһынан хараабыл ханаат быаларын, о.д.а. оҥорон эргинэрэ. Москватааҕар быдан кыахтааҕа. Үгүс чинчийээччи, ол иһигэр “Русскай Устье фольклорун” таһаартарбыт академик Сергей Азбелев эмиэ бу дьону Хотугу муора суолунан кэлбиттэр диэн сабаҕалааһыны тутуһар эбит.
Сыдьааннара
Билигин ол дьон сыдьааннара сүрүннээн икки сиринэн олороллор – Аллайыаха Русскай Устьетыгар уонна Аллараа Халыма Походскайыгар. Сахастат 2023 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи иһитиннэриитинэн, Русскай Устьеҕа 99 киһи баара бэлиэтэммит. Сэлиэнньэ киин ититиигэ холбонон быр-бааччы олорор, төрүт үгэстэринэн – балыктааһынынан – дьарыктаналлар.
“Урут нууччалар Хаатанганан, Өлөөнүнэн кытылы кыйа олороллоро, билигин бары сахалары, долганнары, эбэҥкилэри кытта булкуһан хааллылар, – диир Игорь Чикачев. – Биһиги төрүт араспаанньабыт Чикачёвтар, Киселевтар диэн. Урут пааспара суох эрдэхтэринэн, Чихачёв дииллэрэ. Оттон Дьааҥыга олорооччулар Чекачёвтар дэнэллэрэ, билигин бары Чикачёвтар буоллубут”.
Русскай Устье дьоно былыргы сахалар алааһынан олорбуттарын курдук наар симиэбийэлэринэн тарҕаһан олорбуттар. Оннооҕор 1912 сыллаахха Русскай Устьеҕа 6 эрэ дьиэ баара бэлиэтэммит. Хас биирдии симиэбийэ бэйэтэ туспа балыктыыр, пааһынан кырсалыыр сирдээҕэ.
Сэбиэскэй былаас саҕаланыыта ыт көлөлөөх дьону таба иитиитинэн дьарыктаныҥ диэн күһэйбиттэр. Олох хаһан да дьарыктамматах дьыалалара буолан, ыксааннар биир эбээни наймыласпыттар. Арай дьиэлэригэр олорон көрдөхтөрүнэ, табалар иһэллэр эбит, дьиикэй үөр кэллэ диэн ойон тахсан хаһы да охторбуттар. Төһө эрэ кэминэн эбээннэрэ тиийэн кэлбит, толкуйга ылларбыт дьүһүннээх бөх тоҕор сирдэрин кэрийбит уонна табалар муостарын булан ылбыт. Били дьон олох да бэйэлэрин ыстаадаларын табатын охторо сылдьаллар эбит. Онтон ыла иитэртэн аккаастаммыттар.
Билим чахчыга уонна сыыппараҕа тирэнэр
Русскай Устье төрүттэммит сылынан хаһаахтар туттубут остуруоктарын даатата – 1638 сыл ааҕылла сылдьар. 1912 сыллаахха 29 сайыымка баара бэлиэтэммит, оттон былыргы каарталарынан, литэрэтиирэҕэ ахтыллыбытынан аахтахха, 69 сайыымка баар эбит.
Былырыын уонна быйыл Гуманитарнай чинчийии институтун тэрийиитинэн Русскай Устье аттынааҕы симиэбийэлэргэ археологическай хаһыылары оҥорбуттар. Сэлиэнньэ төрүттэммит күнэ-дьыла 1638 сылынан сурулуннар да, олохтоохтор бэйэлэрэ олох эрдэ кэлбиппит дииллэр.
“Номох быһыытынан 14 мас аалынан кэлбиттэр, көтүрэн 14 бабаарынаны туппуттар. Бабаарына диэн оһохтоох дьиэ. Манна ойуур суох, булбут мастарын оһоххо оттоллоро, – диир Игорь Алексеевич. – Бастакы тиксибит сирдэрин Гулянка диэн ааттаабыттар, дьэ онно былыргы киһи уҥуохтарыгар чахчы аал маһыттан оҥоһуллубут буолуон сөп дьикти мас кириэстэр бааллар”.
Сэлиэнньэҕэ былыргы реликвиялартан Знаменскай таҥара күлүгэ ордон хаалбытын, 1930-с сылларга биир актыбыыс киһи алдьатан остуол сирэйэ оҥостубут, таҥара дьиэтин кириэһин суулларбыт. Ол кэнниттэн таҥара накаастаабыта дуу, бэйэтэ түбэһиитэ оннуга эбитэ дуу, ол киһи уруута-аймаҕа эстибит. Бу таҥара күлүгүн үрүҥ көмүс солотуулаах риза акылаата 3-4 сыллааҕыта Русскай Устьеҕа көстүбүт. Биир дьиэ сарайыгар буорга көмөн кэбиспиттэр эбит, онон күлүгэ да хаһан эбит эмискэ көстүө диэн эрэнэллэр.
Борис Гоголев, ГЧИ уопсастыбаннаһы кытта үлэҕэ исписэлииһэ:
– Соторутааҕыта Русскай Устье олохтоохторун үөрэтэр-чинчийэр кэмпириэнсийэҕэ 50-тан тахса чинчийээччи Москваттан, Санкт-Петербуртан, Улуу Новгородтан, Омскайтан, Дьокуускайтан, Сендайтан (Япония) кытыннылар. Уруккуттан ыытылла турар үлэлэр салҕаналлар. Саҥа бырайыак – аныгы архыыбынай уонна археологическай чахчыларга олоҕуран, XVII үйэтээҕи хотугу ууһуттар аалларын – кочтары тутуу саҕаланыах курдук буолла. Дьокуускайга археологическай хаһыылартан көстөр мас ааллар, дьиэлэр фрагменнарыттан түмэли тэрийии, радиологическай ньыманан даатаны чуолкайдааһын, генетическэй чинчийиини ыытыы барыахтаах. Дьэ оччоҕо 1638 сыл инниттэн манна баар этибит дииллэрэ билим өттүнэн букатыннаахтык быһаарыллыахтаах.
1912 сыллаахха 29 сайыымка баара бэлиэтэммит, оттон былыргы каарталарынан, литэрэтиирэҕэ ахтыллыбытынан аахтахха, 69 сайыымка баар эбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: