Дойду аҕа баһылыга Владимир Путин доруобуйа харыстабылын миниистирин Михаил Мурашконы кытары көрсөн, нэһилиэнньэлээх пууннарга поликлиникалары, фельдшер-акушер пууннарын тутуу, бу пууннарга эми-тому атыылыылларыгар көҥүлү биэрии туһунан кэпсэттэ. Бу туһунан пресс-сулууспата суруйар.
Миниистир Михаил Мурашко иһитиннэрбитинэн, билигин мэдиссиинэ бастакы звенотун саҥардыы чэрчитинэн, дойду үрдүнэн түөрт тыһыынчаттан тахса эбийиэк тутуллубут. Ол иһигэр поликлиникалар, фельдшер-акушер пууннара. Ону таһынан 2800 эбийиэк өрөмүөннэммит.
— Саҥа эбийиэктэри олоххо киллэрэрбит таһынан өссө оборудованиелары саҥардан биэрдибит. Билиҥҥи туругунан, 85 тыһыынчаттан тахса оборудование саҥардылынна. Манна биһиги цифровой оборудованиеларга ордук болҕомтобутун уурабыт, — диэн этэр Михаил Альбертович. Миниистир этэринэн, Арассыыйа үрдүнэн билигин 35 тыһыынчаттан тахса фельдшер-акушер пууннара эми-тому атыылааһыҥҥа көҥүлү ылбыттар. “Аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх пууннарга аптека кыайан толору арыллыбат буолан, биһиги ФАП-га эми атыылыылларыгар көҥүлү биэрдибит”, — диэн бэлиэтиир кини.
Итини таһынан көрсүһүүгэ Арассыыйа састаабыгар киирбит саҥа эрэгийиэннэргэ мэдиссиинэни сайыннарыы боппуруоһун кэпсэттилэр. Билигин бу эрэгийиэннэр суһал көмө массыыналарынан, аптекаларынан, эминэн-томунан хааччыллан олороллор.
Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар бүгүн 2025 с. уонна 2026-2027 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөт ылылынна. Ил…
Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…
Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ -- аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…
Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…
Мин соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей” оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.) сылдьан,…
Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…