“Ыраас Арктика” бырайыак Саха сиригэр салҕанар

“Ыраас Арктика” бырайыак Саха сиригэр салҕанар

13.08.2023, 14:00
Хаартыска: Арктика уонна хотугу норуоттар дьыалаларын министиэристибэтиттэн
Бөлөххө киир:

“Ыраас Арктика” федеральнай бырайыак чэрчитинэн бүтэһик икки сылга 110 га иэннээх сиртэн, ол иһигэр Саха сиригэр, 5 тыһыынча туоннаттан тахса хаарбах тимир хомуллан тиэйилиннэ. Бу үлэ тоҕо ыытылларый уонна быйыл өссө төһө тимир бөх хомуллара былааннанарый? Бу туһунан Арктика уонна хотугу норуоттар дьыалаларын министиэристибэтиттэн ыйыталастыбыт.

Арктикаҕа хаарбах тимир төрүөҕэ

Сэбиэскэй Сойуус кэмнэригэр Арктиканы үөрэтиигэ уонна туһаҕа киллэриигэ улахан үлэ ыытыллыбыта. Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арктикаҕа киирсэр атын эрэгийиэннэргэ эмиэ элбэх киһи кэлэн олохсуйан, араас чинчийиилэри ыыппыта. Бу сылларга тыһыынчаттан тахса тиэхиньикэ, хас да туонна уматык, тутуу матырыйааллара уо. д.а. экстремальнай усулуобуйаҕа үлэлииргэ наадалаах тэриллэр аҕалыллыбыттара. Хомойуох иһин, ити кэлбит матырыйааллар уонна тиэхиньикэлэр туһаныллан баран, миэстэтигэр мээнэ быраҕыллан хаалбыттар. Ол түмүгэр бүгүҥҥү күҥҥэ Арктикаҕа мөлүйүөнүнэн туонна тимир бөх айылҕаны буортулуу сытар.

Билигин Саха сирин Арктикатыгар Сэбиэскэй Сойуус кэмнэриттэн хаалбыт сүрүн эбийиэктэринэн буолаллар: Депутатскайдааҕы ГОК, Кулардааҕы ЗИФ, Лебединскэйдээҕи ЗИФ, Баатаҕайдааҕы ГОК хвостохранилищелара, быраҕаллыбыт бөһүөлэктэр уонна сэлиэнньэлэр, хаарбах тимир мунньуллубут эбийиэктэрэ, ууга тимирбит суудуналар.

“Ыраас Арктика”

2021 сылга Арассыйаҕа “Ыраас Арктика” диэн ааттаах саҥа федеральнай бырайыак үлэҕэ киирбитэ. Бу бырайыак сүрүн соруга — Арктика сиригэр-уотугар хаарбах тимири уонна бырамыысыланнас үлэтин кэнниттэн хаалбыт тобохтору ыраастааһын.

Саха сиригэр “Ыраас Арктика” бырайыак 2021 сыл атырдьах ыйын 25 күнүгэр Булуҥ улууһун Тиксии бөһүөлэгиттэн саҕаламмыта. Волонтердар, олохтоох нэһилиэнньэ уонна Арассыыйа Оборуонаҕа министиэристибэтин күүһүнэн 300 туонна хаарбах тимири хомуйбуттара.

“Бу бырайыак олоххо кииритиэ Саха сирин Арктическай оройуоннарын муниципальнай тэрээһиннэриттэн үчүгэй сыанабылы ылбыта. Ол курдук, Булуҥ, Усуйаана, Эдьигээн, Үөһээ Дьааҥы, Муома, Аллайыаха уонна Анаабыр улуустара бырайыакка кыттарга бэлэмнэрин туһунан биллэрбиттэрэ. Холобур, Усуйаана улууһун Юкагир сэлиэнньэтин олохтоохторо бэйэлэрэ хаарбах тимири хомуйа субуотунньуктуу тахсыбыттара”, — диэн Арктика уонна хотугу норуоттар дьыалаларын миниистиирин бастакы солбуйааччы Сергей Неустроев бэлиэтээтэ.

Элбэх үлэ үмүрүтүллүбүт

2021–2022 сылларга “Ыраас Арктика” бырайыак чэрчитинэн Арассыыйаҕа уопсайа 110 га иэннээх сиртэн 5 тыһыынчаттан тахса бөх хомулунна. Бырайыакка 3000‑тан тахса киһи кыттыыны ылла. Маннык киэҥ сиргэ хаарбах тимири ыраастааһын барыта 34 232 чаас бириэмэни ылбыт.

Ол курдук, Саха сиригэр былырыын Тиксии бөһүөлэгэр олохтоох дьон, байыаннай сулууспалаахтар, Арктика уонна хотугу норуоттар дьыалаларын министиэристибэтин уонна ООО «Арктиквтормет» хампаанньа үлэһиттэрэ 20 иэннээх сиргэ 100 туонна тимир бөх хомуйбуттар. Барыта 70 киһи үлэлээбит. Оттон «Арктиквтормет» ХЭУо хампаанньа сыл иһигэр 1800 туоннаны мунньубут. Хомуллубут тимир Тиксии муоратааҕы пуордугар туһаныыга ыытыллаары турар.

2022 сыл балаҕан ыйыттан “Янолово” АУо көмөтүнэн Усуйаана оройуонун Сайылык бөһүөлэгэр хаарбах тимири хомуйуу үлэтэ саҕаламмыта. Тэрилтэ үлэһиттэрэ олохтоох дьону кытары субуотунньук ыыппыттара. Бу үлэ 2023 сылга эмиэ ыытыллар. Уопсайа бөһүөлэктэн 300 туонна тимир хомуллара былааннанар. Ыраастаммыт сиргэ “Янолово” АУо күүлэйдиир аллея уонна успуордунан дьарыктанар былаһаакка тутуо.

Итиэннэ 2022 сыл балаҕан ыйын 20–21 күннэригэр Арктика уонна хотугу норуоттар дьыалаларын министиэристибэтэ Уус Куйга бөһүөлэгин сирин хомуйар үлэ ыыппыта. Манна уопсайа 50 киһи — эдэр ыччат, дьокутааттар, араас тэрилтэлэр үлэһиттэрэ кыттыыны ылбыттара. Ону таһынан, аахсыйаны “Арктика суоллара”, “Якутоптторг” уонна “Саханефтегазбыт” курдук биллэр хампаанньалар көҕүлээбиттэрэ. Үлэ түмүгүнэн 1,26 га иэннээх сиртэн 36 туонна хаарбах тимир хомуллубута.

Бэлиэтээн суруйдахха, быйыл муус устар 7 күнүгэр Сайылык бөһүөлэгиттэн Дьокуускайга икки массыына 40 туонна хаарбах тимири аҕалбыта. Кэлбит тимир көдьүүскэ таһаарыыга “Втормед ДВ” хампаанньаҕа тиксэриллибитэ.

Быйылгы үлэ былаана

Быйыл аахсыйа атырдьах ыйыттан саҕалаан балаҕан ыйыгар диэри Булуҥ, Усуйаана, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн улуустарыгар буолуоҕа. Тэрээһиҥҥэ федеральнай волонтердар кыттыыны ылыахтара. Эдьигээҥҥэ номнуо ыраастааһын үлэтэ ыытыллыбыт. Манна алта күн иһигэр 26,8 туонна хаарбах тимири 60 киһи хомуйбуттар. Үлэ уопсайа 1,5 га иэннээх сиргэ буолбут.

Салгыы аахсыйа Тиксиигэ, Уус Куйгаҕа, Эһэ Хайаҕа уонна Баатаҕайга ыытыллыаҕа.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: