Ыраас уунан 6 сэлиэнньэ хааччыллыаҕа
Саха сиригэр 2024 сылга «Ыраас уу» бырагырааманан саҥа эбийиэктэр тутулла тураллар. 6 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 30 тыһыынча кэриҥэ киһи ыраас уунан хааччыллыаҕа.
Өлүөхүмэҕэ 2400 кубометр кыамталаах уунан хааччыйар систиэмэ оҥоһуллар. Бу иннинэ ыраастыыр ыстаансыйа үлэҕэ киирбитэ, билигин бырайыак иккис түһүмэҕэ олоххо киириэхтээх.
Дьааҥы Баатаҕайыгар сууккаҕа 1100 кубометр кыамталаах водозабор уонна ууну хаайар, бэлэмниир ыстаансыйа тутулла тураллар. 2,2 килэмиэтир уһуннаах ситим тардыллар.
Хаҥалас Бэстээҕэр саҥа водозабор уонна 6,5 килэмиэтир уһуннаах ситим тутуллар. Амма Алтаныгар сууккаҕа 200 кубометр ууну оборор носуостаах, сир аннынааҕы водозабор тутулла турар. Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр сууккаҕа 500 кубометр кыамталаах ыраастыыр ыстаансыйа тутуллар.
Ньурба куоракка ыраас уунан хааччыйыы улахан бырайыага икки түһүмэҕинэн киириэҕэ. Бастаан ыраастыыр уонна оборторор ыстаансыйалардаах скважиналары оҥоруохтара, онтон нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тиэрдэр ситими тардыахтара.
2019 сылтан Саха сиригэр алта эбийиэк тутуллубута: Өлүөхүмэҕэ уонна Покровскайга, Сунтаарга уонна Аммаҕа — ууну ыраастыыр ыстаансыйалар, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр уонна Үөһээ Бүлүү улууһун Андреевскай сэлиэнньэтигэр — уунан хааччыйар ситимнэр. Онон 35 тыһыынчаттан тахса киһи ыраас уунан хааччыллыбыттара.
«Чистая вода» эрэгийиэннээҕи бырагыраама «Жильё и городская среда» национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэлиир.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: