Ыраастаныы
Ыраастаныы киһи киртийдэҕинэ оҥоһуллар.
Киһиэхэ кир тастан киирэр. Ким эрэ куһаҕаны эппитэ, күннээҕи олоххо туох эрэ куһаҕаны көрбүтэ-истибитэ, соччото суох түбэлтэҕэ түбэспитэ барыта кир буолар. Киһиэхэ тастан киирэр киргэ харыстыыр күрүөлээх. Күрүөтэ бүтүн киһи туруга үчүгэй буолан соччо киртийбэт. Күрүөтэ мөлтөөбүт киһи уйуга мөлтүүр, онон кыраттан да киртийэр. Кир муһуннаҕына киһи кыаҕа кыччыыр, оҥорорун да оҥорбот, кыайарын да кыайбат буолар.
Ыраастаныы араас ньыманан оҥоһуллуон сөп. Сахаҕа саамай улахан ыраастаныы — уотунан ыраастаныы. Өбүгэлэрбит этиҥ түспүт маһын уматан, кытыаны, боҕуруоскай уо.д.а. оттору, кинини буруолатан дьону уонна дьиэлэрин, тиэргэннэрин, сирдэрин ыраастыыллара.
Л.А.Федорова-Саҕаана «Саха итэҕэлин кылгас өйдөбүллэрэ» («Бичик», 2010 с.) кинигэтиттэн.
«Саха ыалын» 2023 c. халандаарыттан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: