Ырар эмтэри атыылаан, сууттаммыт

Share

СӨ Үрдүкү Суутун пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 45 саастаах дьахтар ырар эмтэри сокуоннайа суохтук атыылаан, буруйдааҕа дакаастанна.

Бу дьахтар интэриниэтинэн ырарга аналлаах, күүстээх дьайыылаах эмтэри атыылаһан ылан баран, биир дойдулаахтарыгар сокуоннайа суохтук атыылыыр эбит. Бу эмтэри Арассыыйаҕа көҥүллүк атыылыыр хааччахтаах. Оттон кини табылыаккалары Орто Азия биир өрөспүүбүлүкэтиттэн сакаастаан ылар эбит. Доруобуйаҕа хайдах дьайара биллибэт, туох да сэртипикээтэ суох. Силиэстийэ кэмигэр атыыһыты булбатылар.

Дьахтар ИДьМ бэтэрээнэ эбит. Суут кэмигэр буруйун билиммэтэх, ырар эмтэри бэйэбэр анаан ылбытым диир эбит. Ол эрээри, атыылаабыт түгэннэрэ дакаастаммыттар.

Суут кинини 6 сылга усулуобунай болдьоххо көҥүлэ быһылларыгар (3 сыл кэтээн көрөр болдьохтоох) уурда уонна 100 тыһыынча солкуобайга ыстарааптаата. Адвоката суут бу быһаарыытын ааһына сатаата да, Саха сирин Үрдүкү Суута бириигэбэри оннунан хаалларда.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
9
+1
2
+1
5

Recent Posts

  • Сонуннар

Оптуобустар эбиллиэхтэрин оннугар маршруттара уустугурда

Дьокуускай куорат ДСК оройуонун олохтоохторо оптуобус маршруттара уларыйбытыттан айманаллар. Айманаллара да оруннаах.  Олохсуйбут маршруттар кыстыгы…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түһээн төлөбүрэ чугаһаан, түөкүттэр ону бултаһан эрэллэр

Билигин кыбартыыраҕа, массыынаҕа, сир учаастагар түһээн төлөбүрэ кэлбитинэн, түөкүттэр саҥа схеманы толкуйдаабыттар. “Госуслугаҕа” тус кэбиниэккэр…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Амма бурдуга» бородууксуйа бастыҥынан ааттанна

Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, “Саха сирин 100 бастыҥ табаара” куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Бу тэрээһин олохтоох…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куокуй “Надеждалара”

Таҥас кэллэ да ким иллэҥнээҕинэн муста түһээт, тикпитинэн бараллар. [gallery ids="167582,167583,167584,167585,167586,167587,167588,167590,167591"] Байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарга…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тоҥнуу кыһан сииргэ ханнык балык ордугуй?

ТХНЧИ научнай үлэһитэ, биология наукатын кандидата Терентий Платонов: “Убаһа этигэр киһиэхэ сыстар паразит суох буоллаҕына,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Алампа аатынан бириэмийэ кыайыылаахтара ааттаннылар

Анемодист Софронов-Алампа төрөөбүт күнүгэр  "Алампа'' бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома алтыс төгүлүн ыытылынна. Дьоро киэһэ Саха тыйаатырын…

6 часов ago