«Үрдэлгэ» санаалар

«Үрдэлгэ» санаалар

Ааптар:
07.01.2024, 12:48
Хаартыска: "Саха" НКиК
Бөлөххө киир:

Х төгүлүн ыытыллар «ҮРДЭЛ» ырыа дьоро түһүлгэтигэр ыҥырыллан сырыттым. Туох да диэбит иһин, сахалар ырыаны таптыыбыт, истиҥ иэйиилээх ырыанан дьолбутун-муҥмутун этинэн чэпчээн, сырдаан, өрө көтөҕүллэн олорор омукпут.

Ол да иһин буолуо, дьон тос курдук сыаналаах билиэти атыылаһартан кэрэйбэккэ, Опера уонна балет тыйаатырыгар икки кэнсиэр тухары тобус толору муһунна.
Бу күрэс киэбинэн ыытыллар ырыа ыһыаҕар үгүстэр сөбүлүүр толорооччуларыгар ыалдьа, сорохтор саха эстарадатын бүгүҥҥү таһымын кэрэхсии, атыттар уһун өрөбүллэрин сэргэхситэ кэллэхтэрэ. «Тэтим» араадьыйа сыллааҕы үлэтин сүргэни көтөҕүүгэ анаммыт өттүн түмүгэ тахсар сүрдээх долгутуулаах тэрээһин. Ыытааччылар кэпсээбиттэринэн, «Тэтимҥэ» сылга 300-чэ саҥа ырыа сүрэхтэнэр эбит. Хас чэппиэр аайы диэтилэр. Элбэх. Итинтэн финалга талыллан киирээччилэртэн, ол иһин, киһи элбэҕи күүтэр, эрэйэр.
Быйыл кыайыахтаах дьон кыайдылар: Чыпчаалы — Байбал, бар дьон талыытын – Сахая ыллылар диэни истэн-билэн, астынан олордоххут. Мин эмиэ саха мааны ырыаһыттарын үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэстэбин, кинилэри истиҥник эҕэрдэлиибин.
Кэнники сылларга, хамсык содула буолан эбитэ дуу, ырыаһыттар сценаҕа тахсыыларын көстүүтүгэр соччо-бачча болҕомто уурбат буолбуттара биллибитэ. Ол курдук, саҥа көстүүм, ырыа ис хоһоонун арыйыыга сэргэх түгэннэри толкуйдааһын мөлтөөн испитин көрөөччү бэлиэтээбит буолуохтаах. Оттон ырыаһыттар быйылгы тахсыылара онно холоотоххо олох атын үрдэл – хас биирдии ырыаһыт бу түгэҥҥэ анаан-минээн күүскэ бэлэмнэммитэ, көрөөччү болҕомтотун туһугар кыһаллыбыта харахха быраҕыллар. Быйылгы ҮРДЭЛГЭ көрөөччүлэр ис сүрэхтэн уҕараабат ытыстарын тыаһа син-биир Сиэйэ Уолугар этэ. Көрөөччү кинини ыыппакка төхтүрүйэ-төхтүрүйэ уруйдаабыта-айхаллаабыта.
Быйылгыттан ҮРДЭЛ ырыа күрэҕин тэрээһинигэр чыҥха атын ирдэбиллэр киирэллэр үһү диэни истэбин. Ол иһин аҕыйах санаабын суруйуом.
Күрэх ирдэбилэ сорох түгэҥҥэ кыттааччыга тэҥэ суох быһыыны-майгыны олохтуур. «Тэтимҥэ» бу ырыаны истээччи төһө элбэхтик үлэспитэ, араадьыйа долгунугар бу ырыа төһө элбэхтик иһиллибитэ ааҕыллар диэн баар. Оччоҕуна сыл саҕаланыытыгар киирбит ырыалар сүүйүүлээх хаалаллара биллэр. Оттон  араадьыйаҕа иһиллибитэ аҕыйах эрэ ый-күн буолбут ырыалары эмиэ күрэххэ ылаллар дии. Хайдах да үчүгэй ырыа хойут киирбит буоллаҕына, хотторуулаах хааларыгар тиийэр. Аны дьон ырыаны дьолу-үөрүүнү баҕаран, бэлиэ-бэлиэ түгэннэргэ үлэһэн тыаһаттарар. Онно, биллэн турар, күн уоттаах, эҕэрдэ тыыннаах, дэгэрэҥ тэтимнээх ырыаны үлэһэҕин. Ким илбистээх тыллаах-өстөөх, эбэтэр санньыар ис хоһоонноох ырыаны чугас киһитигэр аныай? Онон үрдүк күүрээннээх, дириҥ ис хоһоонноох, иэйиилээх-куойуулаах ырыалар эмиэ күрэх тас өттүгэр хаалаллар, финалга киирбэттэр. Финалга куйаар куоластааһын түмүгүнэн ааһаҕын. Манна ким ордук тэрээһиннээх ааһара кистэл буолбатах.
Итини болҕомтоҕо ылан, “Саха” НКИХ салалтата саҥа ҮРДЭЛ ирдэбилин ымпыктаан-чымпыктаан саҥардарга туруммута үчүгэй.
Истээччи-көрөөччү-ааҕааччы-сурутааччы дьонум-сэргэм! Эһиги дьоллоох дьиэҕитигэр сылы быһа «Тэтим» араадьыйаттан сахалыы ырыалар долгуйа, кутулла, иһиллэ турдуннар!

САЙА

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: