Үрдүк таһымнаах психологтар Муома уонна Булуҥ улуустарыгар үлэлииллэр.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүк таһымнаах психологтара Муома уонна Булуҥ улуустарыгар үлэлииллэр.
Мантан инньэ Ленскэй уонна Томпо улуустарыгар анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын, сулууспалаан кэлбиттэри уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин, чугас дьоннорун кытары үлэлии бараллара былааннанар. Бу туһунан Психология өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин дириэктэрэ Владимир Скрябин брифиҥҥэ иһитиннэрдэ. Уйулҕа көмөтүн киэҥ сиринэн ыытыы уонна көмө хаачыстыбатын тупсарыы өрөспүүбүлүкэ араас тэрилтэлэригэр үлэлиир психологтары кытыннарыы көмөтүнэн ситиһиллэр.
«Биһиги кииммит салаалара уонна үрдүк таһымнаах психологтара суох улуустарга үлэни тэрийдибит”, — диэтэ Владимир Скрябин. Санатан эттэххэ, Киин исписэлиистэрэ бу иннинэ Абый уонна Усуйаана улуустарыгар тиийэ сылдьыбыттара.
Уйулҕа үөрэхтээхтэрин өйөбүллэригэр наадыйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи быһа сибээс 8-800-100-35-50 нүөмэригэр эрийэн (суукканы быһа үлэлиир, кимҥин, ааккын-суолгун эппэккэ) билсиэхтэрин уонна 8 (4112) 31-91-09 нүөмэргэ суруйтаран сүбэ-ама ылыахтарын, Киин отделларын нүөмэрдэрин билиэхтэрин сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: