Салгыы
«Үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтө» пуонда байыастарга өйөбүлү оҥоруо

«Үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтө» пуонда байыастарга өйөбүлү оҥоруо

Ааптар:
11.10.2024, 16:25
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов Газпромбаан вице-бэрэсидьиэнин, «Үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтө» пуонда сэбиэтин бэрэссэдээтэлин Сергей Фурсенконы кытта Петербурга норуоттар икки ардыларынааҕы гаас пуорумун иитинэн көрүстэ.

Көрсүһүү кэмигэр байыаннай дьайыы сириттэн-уотуттан кэлбит сүһүөхтэригэр, хаамалларыгар-сиимэллэригэр харгыстаммыт Саха сирин байыастарын эмтииргэ, чэбдигирдиигэ, социальнай адаптацияланыыларыгар көмөлөһүү боппуруостарын дьүүллэстилэр. Дьулустаан Борисов бу өрөспүүбүлүкэҕэ биир улахан суолталаах боппуруос буоларын эттэ.

«Байыастары эминэн-томунан эрэ буолбакка, кинилэр тус олохторугар уонна сайдалларыгар усулуобуйаны тэрийэр олус наадалаах. Бу соругу «үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтө» пуонданы кытта олоххо көхтөөхтүк киллэриэхпит«, — диэн бэлиэтиир Дьулустаан Борисов.

«Дойдуларын көмүскүү сылдьаннар бааһырбыт байыастарга, Аҕа дойдуну көмүскээччилэргэ, Саха сирин дьоруойдарыгар биһиги көмөлөһөр ытык иэспит» , — диэн бэлиэтиир Сергей Фурсенко.

«Үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтө» үтүө санаа пуондата эмтэниини уонна чэбдигириини кэтээн көрөр,  аадырыстаах көмөнү оҥорор.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: