Үрдүк үөрэххэ ылыы саҥа быраабылата киирдэ

Share

Кулун тутартан Арассыыйа үрдүк үөрэхтэригэр ылыы саҥа быраабылата киирдэ. Туох?

Дойду билимин, үрдүк үөрэҕин министиэристибэтин докумуонугар олоҕурдахха, уларытыылары киллэрии быйылгыттан 2029 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.

“Үрдүк үөрэх быраабылатын тупсарыы – үрдүк үөрэх бары систиэмэтин тупсарыы кэлимсэ үлэтин солбуллубат чааһынан буолар. Абитуриеннар үөрэххэ туттарсалларыгар ордук өйдөнөр уонна табыгастаах усулуобуйалара тэрилиннэ, талааннаах оҕолор бүддьүөт суотугар туттарсалларыгар өссө элбэх кыах бэриллэр. Үрдүк үөрэх экэниэмикэ сүрүн салааларыгар күүстээх каадыры бэлэмниир соруктаах” – диэн Билим, үрдүк үөрэх миниистирэ Валерий Фальков этэн турар.

Ол курдук, тохсунньу 20 күнүгэр үрдүк үөрэх кыһалара үөрэххэ туттарсыы быраабылатын таһаарыахтаахтар.

Бэс ыйын 20 күнүттэн үөрэххэ тутуу хампаанньата саҕаланар. Бүддьүөт суотугар туттарсааччылартан атырдьах ыйын 29 күнүгэр, төлөбүрдээх үөрэххэ туттарсааччылартан балаҕан ыйын 30 күнүгэр докумуону тутан бүтэллэр.

Сокуонунан биэс үрдүк үөрэх тэрилтэтигэр хас биирдиитигэр биэс исписээлинэскэ докумуону биэриэххэ сөп.

Аны бүддьүөт суотугар киирэргэ (зачисление) аттестаты бэйэтин (оригинал) илдьэн туттарар ирдэммэт. Электроннай көрүҥүнэн  үөрэххэ киирэргэ (зачисление) сөбүлэҥ туһунан сайабалыанньа эрэ ирдэнэр буолуоҕа. Бу курдук сайабылыанньаны  үрдүк үөрэх биир эрэ идэтигэр биэриэххэ сөп.

Аны тус сыаллаах үөрэххэ туттарсааччылар тус ситиһии иһин 15 баалга диэри сурунуохтарын сөп – 10 уопсай ситиһии уонна 5 идэҕэ эрдэттэн туһаайыыга кыттыы иһин.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бэс ыйын 20 күнэ: этиҥнээх ардах, силлиэ тыал, күнүс +22°С

Бүгүн, бэс ыйын 20 күнүгэр, Саха сирин үгүс оройуоннарынан кыралаан ардыыр, сорох сиринэн самыырдыыр. Бу…

1 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха сирэ ыһыаҕынан киэн туттар

Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар улахан тэрээһиннэргэ бэйэтин санаатын эттэ. “Билигин улахан тэрээһиннэр эрдэттэн былааннанан, үптэрэ…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан култуура дьон-норуот олоҕор улахан суолталааҕын тоһоҕолоото

"Ил Дарханныын кэпсэтиигэ: “Бэйэтин култууратын харыстыыр норуот хаһан баҕарар сайдыылаах, кэскиллээх. Онон култуураҕа үбү-харчыны кэлин көрүөхпүт…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тутуу, өрөмүөн, суол оҥоруута

Сайыҥҥы былдьаһыктаах күннэргэ тутуу, өрөмүөн, суол оҥоруутун туһунан ыйытыыга Ил Дархан маннык эттэ: --Барыта былаан быһыытынан…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ойуур баһаардарын утары үлэ өссө күүһүрдэ

Ил Дарханныын кэпсэтиигэ былырыын баччаларга РФ Бэрэсидьиэнэ В. Путин Саха сиригэр кэлэ сылдьыбытын туһунан бэлиэтэннэ.…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин сир баайын хостуур эрэгийиэн курдук көрүү суох

“Ил Дарханныын кэпсэтии” биэриини Ил Дархан былырыын баччаларга дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кэлэ сылдьыбытыттан саҕалаата.…

10 часов ago