Салгыы
«Үргэл» арт-галереяҕа «Наследие талантов долины Энсиэли» быыстапка аһылынна

«Үргэл» арт-галереяҕа «Наследие талантов долины Энсиэли» быыстапка аһылынна

02.11.2024, 17:30
Хаартыска Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Быйыл З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын ойуулуур-дьүһүннүүр салаата тэриллибитэ 50 сылын туолла. Бу бэлиэ даатанан бэҕэһээ Дьокуускайга, «Үргэл» арт-галереяҕа, киэҥ ис хоһоонноох, өрө көтөҕүллүүлээх «Наследие талантов долины Энсиэли» быыстапка тэрилиннэ. Бу туһунан Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Үбүлүөйдээх тэрээһин Вера Цыпандина алгыһынан арылынна. Ойуулуур-дьүһүннүүр салаа кэрэ, уран эйгэҕэ кэлэр көлүөнэни уһуйууга, оҕо талаанын арыйыыга, эбии үөрэхтээһиҥҥэ үгүс өҥөлөөх. Манна бүгүҥҥү күҥҥэ уһун кэмҥэ үлэлээбит идэлэригэр бэриниилээх, чаҕылхай талааннаах педагогтары сэргэ эдэр, кэскиллээх уһуйааччылар күннэтэ оҕолору уран эйгэҕэ уһуйан, бүтүн дойдуга, Саха сиригэр биллэр худуоһунньуктары иитэн таһаардылар. Оскуола художественнай салаата аан бастаан 1974 с. аһыллыбыта.

Үөрүүлээх тэрээһининэн “Нам улууһа” МТ баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Егор Протопопов, Нам улууһун Дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Винокуров, Ил Түмэн дьокутаата Эдгар Константинов, Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын дириэктэрэ Алексей Афанасьев, «Үргэл» арт-галерея дириэктэрэ Юрий Спиридонов; Россия дизайнердарын сойууһун чилиэнэ, Дьокуускайдааҕы художественнай училище “Дизайн” салаатын салайааччыта Ариан Ермолаев, Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын биллиилээх выпускниктара Туйаара, Екатерина Шапошниковалар, Сергей Николаевич Колесов, Нам улууһун үөрэҕин управлениетын начаалыннньыгын солбуйааччы Егор Бочонин эҕэрдэлээтилэр, наҕараадалары туттардылар. Долгутуулаах, күүтүүлээх дьоро түгэҥҥэ араас сылларга үөрэммит дьон-сэргэ мустан истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

Бүгүҥҥү быыстапкаҕа оскуола киэн туттар выпускницата, С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан национальнай Үҥкүү тыйаатырын кылаабынай худуоһунньуга, Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ култууратын туйгуна, «Алампа» уопсастыбаннай бириэмийэ лауреата, араас таһымнаах художественнай быыстапкалар кыттыылаахтара Екатерина Шапошникова үлэлэрэ турдулар.

Быыстапканы оскуола биир киэн туттар выпускницата Туйаара Шапошникова хатыламмат үлэлэрэ киэргэтэллэр.

Маны сэргэ быыстапкаҕа художественнай салаа биир чаҕылхай выпускнига Ариан Ермолаев үлэтэ киһи болҕомтотун тардар.

Киэҥ эйгэҕэ көрдөрүүгэ ураты миэстэни ойуулуур-дьүһүннүүр салаа биир талааннаах выпускнига Иннокентий Пестряков үлэлэрэ ылаллар.

Быыстапкаҕа Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Намнааҕы педкэллиэс сүрүн преподавателя Сергей Колесов уонна бу кэллиэс сүрүн преподавателя, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Методист Якутии» бэлиэ хаһаайына, РФ СПО-тун Бочуоттаах үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ Дарья Романова, о.д.а. үтүөҕэ-сырдыкка угуйар ураты истиҥ тыыннаах үлэлэрэ киэҥ эйгэҕэ таҕыстылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: