Ырыа аргыстаах игирэлэр Сайаана, Күннэй Егоровалар
Биир үтүө күн эмдэй-сэмдэй кыргыттар ыллыылларын түбэһэ түһэн көрөн, сүргэм көтөҕүллүбүтэ. Ырыа бэйэтэ кэрэ, эбиитин үүт-үкчү игирэ кыргыттар толороллоро ырыаны өссө тупсаран биэрэрэ. Бу – Ньурба улууһун Антоновка сэлиэнньэтин 6-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Сайаана, Күннэй Егоровалар.
Элбэх оҕолоох ыал
– Антоновкаҕа 2012 сыллаахха көһөн кэлбиппит. Манна кийииппин, бэйэм Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхпин. Көһөн кэлэн буруо таһааран, билигин биэс оҕолоохпут. Сайааналаах, Күннэй устудьуоннуур сылларбытыгар күн сирин көрбүттэрэ.
Бэйэм алын кылаас учуутала идэлээхпин. Антоновка оскуолатыгар муусука уруогун биэрэбин уонна нуучча тылын үөрэтэбин.
Аҕабыт Сергей Аркадьевич тимиринэн уһанар, сакааһынан үлэлиир, Антоновка олохтооҕо, – диэн дьиэ кэргэн ийэтэ Дина Николаевна Дойдукова кэпсээнин саҕалыыр.
Сайаана, Күннэй, Сайаан, Күнчээнэ, Кэрэчээнэ
Бүгүн суруйар игирэ, ырыаһыт оҕолор Сайааналаах, Күннэй Антоновка оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччилэрэ, ыал улахан оҕолоро. Егоровтар оҕолорун барыларын сахалыы ааттаабыттар.
Оҕолоргутугар сахалыы ааты иҥэрбиккит. Туох суолталааҕый диэн туоһулаһыыбар: “Кэргэмминиин сүбэлэһэн баран, игирэ кыргыттарбытын эбэлэрэ – төрөппүттэрбит ааттыылларыгар көрдөспүппүт. Сиэним сайаҕас санаалаах Сайаана буоллун диэн ийэм аат иҥэрбитэ. Күннэй аатын хотунум, күн курдук сандаара сырыттын диэн биэрбитэ. Уолу аҕата ааттаатын диэн быһаарбытым, Сайаан диэн сүрэхтээбитэ. Маҥнай Сайаана диэн кыыстаахпыт диэн этэн көрбүтүм эрээри, уруккуттан уолланнахпына оҕобор ити ааты биэриэм диэн баҕа санаалааҕын истэн, ылыммытым. Сайаан быйыл оскуола боруогун атыллаата. Күнчээнэ диэн ааты тойонум толкуйдаабыта. Күннэйи кыра эрдэҕинэ Күнчээнэ диэн ыҥырара. Муруммут бүөтүгэр бэйэм аат талбытым. Күнчээнэни кытта ханыылыы буоллун диэн Кэрэчээнэ диэбитим. Икки кырачаан кыргыттар уһуйаан иитиллээччилэрэ”, – диэн быһаарар. Көстөрүн курдук, Егоровтар оҕолорун ааттара сахалыытын ааһан, дорҕоонноро кытта дьүөрэлэһэр, сонун, ураты.
Сыанаҕа – үс саастарыттан
Ыал ийэтэ Сайааналаах Күннэй кыраларыгар дьиэ үлэтин оҥороругар муусука холбоотоҕуна, тэҥҥэ хамсанан, ыллаһан иһэллэр эбит. Дина Николаевна кыргыттара ырыаҕа дьоҕурдаахтарын, сыстаҕастарын, сөпкө ыллаһалларын өссө оччолорго бэлиэтии көрөн, бэйэтэ дьарыктаан барбыт.
“Сөптөөх ырыаны булабыт, хас да төгүл истэбит, онтон ырыа тылын үөрэтэбит. Уһуйааҥҥа сылдьар, аахпат эрдэхтэринэ ырыаларын тылын уруһуйдаан биэрэрим. Дьиҥэр, муусукаҕа анал идэм суох эрээри, билигин даҕаны бэйэм, хайдах сатыырбынан эрчийэбин. Ырыаларын таһынан, быйылгыттан улуус иһинээҕи үҥкүү куруһуогар дьарыктанан эрэллэр.
Ырыаҕа анал идэлээх, мусукаан дьон эрчийдэллэр өссө сайдыах эбиттэр. Бэйэм сүрэҕим баҕатынан, хайдах табылларынан үөрэтэбин. Сыанаҕа тутта-хапта сылдьаллара, санаабар табыллар эрээри, анал идэлээх киһи өссө чочуйан биэриэх эбит дии саныыбын. Икки сыллааҕыта “Туой Хайа” куонкуруска оҕолорго 3-с истиэпэннээх лауреат аатын ылбыттара. Онно Антон Иванов икки куолаһынан ыллыырга үөрэт диэн сүбэлээбитэ эрээри, бэйэм кыайан уһуйбат эбиппин.
Уолбут Сайаан эмиэ кыралаан ыллыыр. Баҕалаах эрээри, эдьиийдэрин курдук тута ылсыбытынан барбат. Муусуканы истэр дьоҕура үчүгэй. Кырачаан кыргыттар ордук үҥкүүнү сэҥээрэллэр, ол иһин гимнастиканан дьарыктаналлар, – диэн салгыы кэпсиир.
Маҥнай бассаапка муусука бөлөҕөр кэлбит, сөбүлээбит түбэһиэх ырыаларын талан ыллыыллар эбит. Мелодист Надежда Макарова элбэх ырыаларын толорон “Көмүс ыллык”, “Бриллиантовые нотки” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга Гран-при, лауреат үрдүк ааттарын ылаттаабыттара. Мелодист Светлана Константинова Сайааналаах Күннэйгэ анаан “Игирэлэр” диэн ырыаны суруйан биэрбит, уо.д.а. ырыаларын толороллор, миэстэлэһэллэр. Былырыын Милена Борисова тэрийбит өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска “Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ” номинацияҕа ааттаммыттар.
Кыргыттар аан маҥнай көрөөччүлэр ытыстарын тыаһын доҕуһуолун, улахан сыанаҕа сүрэхтэниини Надежда Макарова “Африкаҕа”, “Оҕо саадым” ырыатынан ааспыттар. Үс саастарыгар улахан сыанаҕа тахсыылара ити курдук саҕаламмыт. Билигин араас тэрээһиннэри, кэнсиэрдэри киэргэтэллэр, ыҥырыыга сылдьаллар. Ырыаларыгар килииптэри куйаар ситимиттэн араас сыһыарыылары хачайдаан ийэлэрэ Дина Николаевна бэйэтэ оҥорон, социальнай ситимнэргэ таһаарар. Анал устуудьуйаҕа уһуллубут биир соҕотох “Оҕо саас” ырыалаахтар эбит. Дьиҥэр, бачча кэрэчээн кыргыттар ырыалара кыра эрдэхтэринэ анал устуудьуйаҕа уһуллан көрөөччүгэ тиийдэр чахчы биһирэниэх, сыаналаныах этэ.
Иллээх дьиэ кэргэн
Егоровтар оҕолорун сахалыы иитэллэр, нууччалыы тылы кыбыттахтарына тылбаастаан биэрэллэр. Иллэҥ кэмнэригэр элбэх сахалыы кинигэлэри ааҕаллар, араас күлүүлээх-көрүдьүөстээх тэттик киинэлэри усталлар. Маныаха сүрүн дьоруойдарга оҕолор бэйэлэрэ оонньууллар, онтон киинэ ис хоһоонун аахпыт айымньыларыттан ылаллар. Холобур, Амма Аччыгыйа “Иккис тоҕо?”, П.Тобуруокап хоһоонноро, о.д.а. айымньылары устубуттар. Киинэҕэ оонньуулларын оҕолор бэйэлэрэ биһириир буолан дьоһуннаахтык ылынан, баҕаран туран оруоллары толороллор эбит.
Итини таһынан, нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымнаах дьиэ кэргэн куонкурустарыгар көхтөөхтүк кытталлар, өрүү кыайыылаах үрдүк аатын сүгэллэр, миэстэлэһэллэр. Ол курдук, былырыын ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл ыала” куонкурус “Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн” номинациятыгар кыайыылааҕынан тахсан, Саха сирин ааттатан, суон сураҕырдан тураллар. Куонкуруска дойду араас муннугуттан, уопсайа, 3000 кэриҥэ ыал кыттыбыта.
Егоровтар айар куттаах ыал, туохха барытыгар оонньуу курдук, үөрэ-көтө сыһыаннаһаллар. Хас биирдии дьиэтээҕи бырааһынньыктары араас тиэмэлээн тэрийэллэр, киэргэтэллэр, көстүүмнэрин тиктэллэр, тутуспутунан минньигэс бүлүүдэлэри астыыллар. “Бу күрэхтэргэ кыайыыбыт олоҕо – иллээх-эйэлээх сыһыаммыт, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабылбыт. Оҕолорбутугар үтүө холобуру көрдөрөр сүрүн соруктаахпыт.
Кыргыттарбыт ыллыылларын биһириибит. Маҥнай ырыаһыт буола үүнүөхтэрин баҕарарым. Кэлин санаам уларыйан, атын идэни баһылаан, ырыаны хобби оҥостоллоро дуу дии саныыбын. Ол эрээри, кэргэмминиин оҕолорбут баҕа санааларын учуоттуубут, ханнык баҕарар идэни таллахтарына өйүөхпүт”, – диэн эдэр ийэ кэпсээнин түмүктүүр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: