Салгыы
Ырыа-хоһоон куттаах Кэкэрдэ

Ырыа-хоһоон куттаах Кэкэрдэ

25.12.2022, 14:30
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта «Ника» банкеттыыр саалаҕа «Айар Кут» хоһоонньуттар уонна суруйааччылар эрэгийиэннээҕи сойуустарын чилиэнэ, Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Зоя Никандровна Данилова-Кэкэрдэ «Ырыа-хоһоон куттаах Кэкэрдэ» диэн айар киэһэтэ буолан ааста.


Манна сыһыаран эттэххэ, «Ника» банкеттыыр саала салайааччыта Саргылана Егоровна айар куттаах дьону куруук өйүүр буолан, манна элбэх култуурунай тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Биэчэри СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, уопуттаах тамада, ыытааччы, норуот маастара Николай Ильич Никитин иилээн-саҕалаан ыытта.
Бу киэһэ «буруйдааҕа» Зоя Данилова-Кэкэрдэ бэйэтин тылларыгар суруйбут ырыаларын толордо, күүстээх иэйиилээх да, киһи дууһатын аймыыр да хоһооннорун кыһыл көбүөр устун хаама сылдьан ааҕан, уус-уран дьүһүйүүлэри көрдөрдө. Кэлбит дьон Кэкэрдэ айар талаана сыл аайы сайдан иһэрин, талаана таһымныырын астына бэлиэтээтилэр. Аҕыйах сыл иһигэр 25 ураты тыыннаах ырыаны бэйэтэ айан ыллаан үөрдэр.
Зоя Никандровна 2018 сылтан нууччалыы хоһооннору суруйан саҕалаабыт, 2019 сыл саҥатыгар саха төрүт итэҕэлинэн өбүгэ үөрэҕин ылынан, төрөөбүт төрүт тылынан суруйан саҕалаан,  200-чэкэ хоһоонуттан чахчы сиппитин-хоппутун талан, 2020 сыллаахха биир сыл бэчээттэппит икки кинигэтигэр («Ый суолунан» уонна «Хайаны дабайабын» )122 хоһооно киирбит. Ону сэргэ, кини хоһоонун хоһуйан истэҕинэ, дьүрүскэн матыып тута киирэн, ырыалары суруйан барбыт. Ол да иһин, билигин 25 ырыатын бэйэтэ үчүгэй сопрано куолаһынан ыллыы сылдьар. Талаан арыллыбытын мүччү туппатах киһи диэбиттии, кылгас кэм иһигэр элбэх айымньыны суруйбут. Ону таһынан хоһоонньуттар элбэх түмсүүлэригэр киирээт, бэчээккэ хомуллан тахсар хомуурунньуктарга кыттыһар. Айар дьон ыытар тэрээһиннэринэр куруук  көхтөөхтүк кыттан, аҕыйах кэм иһигэр салайса сылдьан баран, билигин бэйэтин көрүүлэрин киллэрэн тэрээһиннэри иилиир-саҕалыыр талаана эмиэ арыллыбыт.
Хоһоонньук Кэкэрдэ айар дьоҥҥо аналлаах куонкурустарга куруук кыттар. Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай күрэххэ кыттан биһирэнэн, харчынан бирииһи туппута, ыытыллыбыт күрэх түмүгүн «Саха» национальнай хампаанньа биэриитигэр кэпсээбитэ.
Кэкэрдэ «Хайаны дабайабын» диэн иккис кинигэтин аатын курдук, үрдүктэн үрдүгү дабайан, сырдыкка талаһан, дьулуургун ыһыктыбакка инниҥ диэки айаннаан ис.

Анна ДАНИЛОВА-САРЫАДА

«Бу «Талба талааннар «диэн саҥа бырайыак чэрчитинэн аан бастаан ыытыллыбыт биэчэри маҥнайгынан саҕалаабыт Зоя Никандровнаны хайҕыахха уонна махтаныахха эрэ сөп.
Мин Кэкэрдэ хоһооннорун ааҕан баран, тэҥнэбили сатаан туттарын, тыыннааҕымсатарын, айбыт хоһоонноругар мелодия айан, бэйэтэ олус иэйиилээхтик, истиҥник ыллыырын, хоһооннорун өйтөн бэркэ ааҕарын олус сэргээтим уонна астынным, үөрдүм. Кэкэрдэ ырыаларын толоро кэлбит СӨ мелодистарын сойууһун чилиэнэ, ырыаһыт, хоһоонньут Елена Ильина-Намчы — кэрэ куоластаах ырыаһыт, онон биэчэри чахчы киэргэттэ. Дьон сэҥээриитин ылбыт ырыаһыт Федор Унаров, Эльвира Семенова-Сэргэ кыыһа Тускулаана истиҥ-иһирэх ырыалара үтүө өйдөбүлү хааллардылар.
Бу киэһээ «Айар Кут» хоһоонньуттар эрэгийиэннээҕи сойуустарын салайааччылара Егор Федоров-Долун, А.Г.Кириллин-Толикус  Кэкэрдэкэ сибэкки дьөрбөтө туттардылар, ситиһиилэри баҕардылар, ол кэнниттэн үгүс эҕэрдэ тыл этилиннэ.
«Чэ, чэйдиэҕиҥ түмсүү» айар куттаах дьүөгэлэрэ чахчы бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ тута харахха быраҕыллар. «Таатта улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин», кыраайы үөрэтиигэ, үйэтитиигэ анал бэлиэлэр хаһаайкалара Анна Петровна Григорьева үтүө тыллары этэн баран, Кэкэрдэ хоһоонноругар, кылгас ырытыыны оҥордо, хоһоонньут туһунан бэйэтин санаатын ааҕааччылардыын үллэһиннэ. Салгыы түмсүү чилиэннэрэ, Прасковья Тумусова-Туску, Валентина Яковлева-Чэлгийээнэ, Татьяна Потапова- Татыйык Мыла, Анна Данилова-Сарыада ааптар хоһооннорун өрө көтөҕүллэн аахтылар.
Түмүктээн эттэххэ, Зоя Данилова-Кэкэрдэ бастакы айар киэһэтэ бэркэ табылынна, дьон астынан тарҕаста. Инникитин маннык биэчэрдэри оҥорор наадалаах эбит диэн түмүккэ кэллибит. Айар биэчэр буоларынан, быыстапкалаах буолара ордук буолуо эбит уонна биэчэри сынньалаҥ эрэ киэһэтин курдук санаабакка, тэрийбит киһи дьиҥ талаанын, кини дьоҕурун арыйыыга болҕомтону ууруохха сөп буолуо. Ол инниттэн ыытааччы биэчэр анаммыт киһитиниин эрдэ билсэрэ наадалааҕын өйдөөтүбүт уонна ааптар хоһоонун ааҕааччылар өйтөн ааҕаллара буоллар, өссө ордук буолуо эбит диэн түмүккэ кэллибит».

Кэкэрдэ хоһоонноруттан:

Аарыма Тиит

Ытык өбүгэм толоонугар
Аарыма тиит лабаалыын хатан
Аар кырдьаҕас соҕотох хаалан,
Тыйыс үргүөрдэри тулуйан
Уот куйаас сыралын аһаран
Үрүмэ туманы бүрүнэн
Үтүмэн үйэлэргэ турар!

Уордаах этиҥтэн самныбатах
Уот чаҕылхан курбуулаабатах
Күлүнэн көмнөхтүү көмпөтөх,
Куурдар хаттар айгыраабатах
Аламай күнтэн арахсыбатах
Лабааларын халлааҥҥа уунан
Көҥдөй сиигинэн тыынын ылар!

Эйгэлиин алтыһан чуумпурбут
Эйэтин ылан чугаһаппыт
Иһийэр түүнүн иччилэммит
Ый туналыгар адаарыйар.
Ыйылыы тыаллыын далбаатыыллар
Добун халлааны доргуталлар
Дүҥүрдүү тоҥсуйан долгутар!

Айыыларбар үстэ төҥкөҥнөөн
Алыптаах тылбын төлөрүтэн
Амарах санаатын ааттастым.
Айгыстан илэ кыыкынаата
Аламай санаатын биллэрдэ
Алгыстыыр тыла иһилиннэ
Арчылаан алгыһын ситэрдэ!

ххх

Аанньалым көппүтэ куйаарга.

Аанньалым көппүтэ тумаҥҥа
Айманным көмүспүн туппакка.
Алааска киирэммин тобуктаан,
Ааттастым күммүттэн тоҥхоҥнооҥ!

Хаарыаннаах доҕорбун сүтэрэн,
Халыйда олоҕум сүүрүктээн.
Кыыһырар айылҕа силбистэн,
Кыланар тыалынан сиксийэн!

Хараҥа былыты дьүккүтэн,
Хараарар барыта дьиппиэрэн.
Халлаантан ааттаатыҥ эмискэ,
Хараастан айманна этиҥэ!

Соһутта чаҕылҕан ыскайдыы
Суоһуран чаҕыл уот ыспахтыы.
Саһыарбыт былыты силэйэн,
Саҥардыҥ бырастыы сипсийэн!

Хараҕыҥ уулара таммалаан,
Халыйда уйулҕаҥ ардахтаан.
Көрдөһөн ааттаһан иһийдиҥ,
Көстүбэт ыраахтан иһиттим!

Кууспутуҥ тыалынан сылаастык,
Куйаартан ытастыҥ санньыардык.
Көҥүлгэ ыралаах көстөөрүүй,
Кытылга ырыалаах көрсөөрүүй!

ххх

Үрүҥ Күн Оҕуһа

Күн оҕуһун сыарҕата тунаара
Үрүҥ былыттыы устар тумана,
Үөһээ Айыылартан сырдык тыына
Кистэлин сипсийэн кэпсиир тыала!

Түүн үөһүгэр сандаардар толбоно
Туманныыр мас быыһынан толооҥҥо,
Күлүктүүр лабааны муос сэлэйэр
Күүлэйдиир тыына аргыый сэгэйэр!

Тыаһа суох сэһэргээн сиккиэрэр
Тэтиҥ мас сэҥээрэн сэлибириир,
Тэримнии имэҥнээх кэм иэйэр
Турабын иһиллии имим кэйэр!

Сарсыарда эрдэ халлаан сырдыыта
Күн оҕуһа түүн мэччийээт сытта,
Сардаҥа уота курдат тыгыыта
Кустук буолан үөһээ сыылла!

Үрүҥ оҕус олох арыалдьыта
Үйэлэргэ сиэллэр дьылҕа хайа,
Үс дойдубун олоҥхото холбуур
Үрүҥ куппун оҕуһум куттуур!

Күннээх хонуу тула чэлгий көҕөр
Кустук уота киэргэтэн күөгэйэр,
Дьоллоох олох үрүҥ күн оҕуһа
Дьылҕам уһун суолун эн охсума!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: