Салгыы
Ырыа истиҥ эйгэтэ — Хомус түмэлигэр

Ырыа истиҥ эйгэтэ — Хомус түмэлигэр

29.09.2022, 19:30
Бөлөххө киир:

     Көмүс күһүн барахсан киһини иэйиэх-куойуох турукка киллэрэр дьикти кэм буоллаҕа. Ол да иһин улуу өйдөөхтөр этэн эрдэхтэрэ: «Күһүн – айылҕа кэмэ буолбатах, күһүн – киһи иэйэр кэмэ», – диэн (Фридрих Ницше).

Хомус түмэлэ сылын аайы «Музыкальнай салон» диэн тэрээһини ыытар. Хомус муусукатыгар сүгүрүйээччилэр маннык тэрээһиҥҥэ хомус дьикти-кэрэ дьүрүһүйэр дорҕоонугар уйдаран, күннээҕи кыһалҕаттан тэйитэн, куттуун-сүрдүүн ыраах куйаарга көтөн, санаалыын чэпчээн, дууһалыын дуоһуйан тарҕаһаллар. Киһи барахсаны муусука уоскулаҥ дорҕооно оннук абылыыр буоллаҕа.

Хомус түмэлин быйылгы сезонун аспыт «Ырыа истиҥ эйгэтэ» диэн кэнсиэр балаҕан ыйын 2 күнүгэр буолан ааспыта. Дмитрий Бястинов, Виктор Корякин уонна Надежда Варламова буоланнар, саха норуота таптаан ыллыыр ырыаларын уонна умнуллан эрэр, киэҥ эйгэҕэ элбэхтэ ылламматах ырыалары ыллаан иһитиннэрдилэр. Ити киэһэ хомуһуннаах хомус, кыл кырыымпа доҕуһуоллаах ырыа истиҥ эйгэтэ Хомус түмэлигэр сатыылаата.

Хомус-ырыа куттаах, «Л. Н. Турнин стипендиата» диэн ыччаттар ортолоругар ыытыллар күрэс кыайыылааҕын, Дьокуускайдааҕы музыкальнай кэллиэс уһуйааччытын Надежда Варламованы кытта сэһэргэстим.

     — Надежда, бу кэнсиэри тэрийэргитигэр туох сыалы-соругу туруоруммуккутуй?

     — Хас биирдии айар-тутар уонна ырыаҕа сыһыаннаах киһи бэйэтин санаатын, иэйиитин дьону кытта үллэстэргэ дьулуһар. Ол дьулуһуута күһүҥҥү халлаантан эмиэ тутулуктаах курдук буолар. Күһүн туох барыта чуумпурар турукка киириитэ, от-мас дьэрэкээн өҥнөөх кыраасканан бүрүллүүтэ киһи, чуумпуран олорон, нарыын-нарын ырыаны ыллыах-туойуох санаата киирэр. Былырыын сайын Марокко киинигэр – Рабат куоракка эдьиийим, музыкант Акулина Варламова көҕүлээһининэн, айар кэнсиэрим буолан ааспыта. Рабат куорат килбэйэр киинигэр турар Норуоттар икки ардыларынааҕы култуура киинигэр ааспыт кэнсиэрбин мин саха төрүт култууратыгар сүдү кылааты киллэрбит Кыһыл Знамя уордьан кавалера Лука Николаевич Турнин төрөөбүтэ 105 сылыгар уонна Аан дойдутааҕы Хомус түмэлин уонна киинин төрүттээччи Иван Егорович Алексеев — Хомус Уйбаан 80 сааһыгар анаабытым. Истээччилэрбэр саха хомуһун устуоруйатын сырдаппытым. Онтон тирэх ылынан, бу сайын: «Ырыа-тойук, хомус өттүгэр өссө биир хардыыны оҥорбут киһи дуу…», – диэн санаа киирбитэ.

Мин урут-уруккуттан Дмитрий Бястинов ыллыыр истиилин, ыллыыр ырыаларын сэҥээрэн истэбин. Билигин кини Хомус түмэлин дириэктэринэн үлэлиир. Онтон мин М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай кэллиэс Төрүт култууратын толорор ньымаларыгар уһуйуу салаатын уһуйааччыта уонна английскай тылтан тылбаасчыт (бастакы идэм) буоламмын, биир эйгэҕэ үлэлии сылдьар ытыктыыр киһибэр Дмитрий Бястиновка туһаайан: «Сахалыы ырыа киэһэтэ» диэн ааттаан кэнсиэр тэрийэр сөп буолуо этэ дуу?» – диэн этии киллэрбиппэр, үөрүүнэн өйөөбүтэ. Толорор ырыаларбытын гитаранан, кырыымпа төрүт дорҕоонунан доҕуһуоллуурга музыкант Виктор Корякин сөбүлэспитэ. Онон, сүбэбитин холбоон, «Ырыа истиҥ түһүлгэтэ» диэн кэнсиэрбитин Хомус түмэлигэр тэрийэн ыытар буолбуппут. Быһа түһэн эттэххэ, Виктор миэхэ куруук өйөбүл-тирэх буолар. Кини кэллиэскэ бииргэ үлэлиир үөлээннээҕим, Дьокуускайдааҕы 1-кы нүөмэрдээх Оҕо ускуустубатын оскуолатын уһуйааччытынан бэрт айымньылаахтык үлэлиир.

     — Репертуаргытын хайдах талбыккытый?

     — Дмитрий Бястинов истиҥник уонна иэйиилээхтик ыллыыр ырыалара уу-сахалыы тыллаах-өстөөх, норуот уостан түһэрбэккэ, таптаан ыллыыр ырыалара: «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр» (А. Е. Софронов-Алампа тыла, норуот матыыба), «Таатта үрэх үрдүгэр» (П. А. Ойуунускай тыла, Н. Андросов матыыба), «Кэрэчээнэ» (У. Ороһуунускай тыла, Д. Санников матыыба), «Мин аҕам алааһа» (А. Варламова тыла, матыыба), «Ньургуһуннар» (И. Дмитриев тыла, В. Протодьяконов матыыба), «Мин хотугу ийэккэм» (С. Дадаскинов тыла, В. Индигирскэй матыыба) буолаллар.

     Мин норуот уус-уран ырыаларын уһуйааччыта буоламмын, кэллиэскэ ыччакка үөрэтиллэр былыргылыы ырыалары толорорго дьулуспутум. Ол курдук П.Е.Слепцов — Ойуун Борокуоппай фольклорист Э.Е.Алексеевка ыллаан хаалларбыт хоҥсуо ньыманан ылланар «Күһүн көтөрү атаарыы», саха хомуһун аҕата Л.Н.Турнин «Татыйык», Е.Захарова «Ат таптала» уонна Марина Попова «Гитара» (А. Тимофеев тыла, Ф. Корнилов матыыба) репертуардарыттан ырыалары толорбуппут.

     «Биһик ырыатын» кэнсиэргэ гитараҕа уонна былыргылыы хомуһу ырыалаах тардыы ньыматынан доҕуһуоллаан толорбуппут. Кэнсиэргэ былыргылыы сыыйа тардыынан уонна ырыалаах тардыы ньымаларынан ырыаларбытын, киирии тойукпутун доҕуһуоллаабыппыт олус табылынна дии саныыбын. Кэнсиэргэ доҕуһуол быһыытынан тимир струналаах кырыымпаны, классическай гитараны уонна Иван Колодезников-Үрүҥ Уус (Бүлүү), Иван Намытаров (Чурапчы) охсубут хомустарын, үрүҥ көмүс чуораанчыгы уонна сиксиири туттубуппут. Бу намчы эрээри ураты кэрэ дорҕооннору эбэр муусука тэриллэрэ буолалларын көрөөччүлэр чахчы итэҕэйдилэр.

     Тус-туспа үлэлээх-хамнастаах, ол эрээри ырыа-муусука куттаах дьон бииргэ түмсэн дьарыктанарбыт уустук соҕус этэ. Ол эрээри кылгас кэм иһигэр быыс булан, кэнсиэр туруоран, санаабытын ситистибит.

       — Кэнсиэри Хомус түмэлигэр тэрийбиккит туох ситимнээҕий?

     — Сахалыы төрүт дорҕоону сөргүтүүгэ бииргэ үлэлээбит дьонунан Г. Г. Колесов, Н. С. Берестов, И. Е. Алексеев буолаллар. Ол ситимин көрдөрөөрү, кэнсиэрбитин Хомус түмэлигэр тэрийдибит. Саха сирин норуодунай, РСФСР үтүөлээх артыыһа Г. Г. Колесов Дьокуускайдааҕы музыкальнай кэллиэскэ Төрүт култуура толорор ньымаларыгар уһуйуу салаатын бастакынан төрүттээбитэ. Россия үтүөлээх диэйэтэлэ, композитор Н. С. Берестов кэллиэс Муусука түөрүйэтин салаатын уһуйааччытынан өр сылларга үлэлээбитэ. И. Е. Алексеев – Хомус түмэлин төрүттээччитэ, филологическай наука доктора, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, хомуска элбэх көлүөнэни уһуйбута. Быйыл Николай Берестов уонна Гаврил Колесов төрөөбүттэрэ 90 сылларын көрсө, ааспыт кэнсиэрбитигэр Н. Берестов кэллиэксийэтигэр баар конструктор П. А. Шошин бырайыагынан Москва куорат экспериментальнай мастарыскыайыгар таҥан оҥоһуллубут кырыымпанан доҕуһуол оонньообуппут дириҥ суолталаах дии саныыбын. Билигин Хомус түмэлигэр Н. Берестов айар олоҕун көрдөрөр быыстапка арыллан, үлэлии турар. Ситим салҕанан бара турар.

     — Саха былыргы ырыаларын сөргүтүүгэ Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһигэр туох үлэ ыытылларый?

     — Былырыын Андрей Дедюкин струннай квартет уонна гитара доҕуһуолунан киэргэтэн, Эллэй тылыгар, Е. Захарова матыыбыгар Варвара Степанова толоруутугар «Ол түүн» уонна П. Северьянова тылыгар «Биһик ырыата» ырыаны мин толоруубар видеоклип оҥорон таһаарбыта куйаар ситиминэн уонна телевидениенэн көрдөрүллүбүтэ. Андрей кэллиэскэ Струннай үнүстүрүмүөннэр салаа уһуйааччытынан таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар. Айар-тутар үлэбэр сүрүн көмөлөһөөччүм буолар.

     Г. Г. Колесов: «Саха уус-уран айымньыта классическай муусуканы кытта биир таһымнаахтык киэҥ эйгэҕэ дуорайдын, билиннин», – диэн баҕа санаалаах этэ. Кини «Постановка голоса» диэн үөрэх диссипилиинэтин сөптөөх хайысханан ыытарга Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыскатын, Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын хорун солискатын М. И. Николаеваны «уһуйааччы буол» диэн саҥа саҕалааһыны төрүттээбитэ. Билигин ити үөрэх кыһатын Уус-уран салаатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Э. К. Соколова салайыытынан отучча устудьуону уһуйабыт.

       Фольклор салаатын сүрүн сыала-соруга диэн муусука уонна түөрүйэ диссипилиинэлэрин кытта саха ырыатыгар-тойугар, чабырҕахха, олоҥхоҕо, оһуохайга, уус-уран ааҕыыга, хомуска төрүт ньымаларынан уонна нуотанан оонньуурга уһуйааччылар Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуннара В. А. Степанова, А. Н. Семенов үөрэтэллэр. Арчыына быйыл сайын тэриллэн ыытыллыбыт виртуоз хомусчуттар күрэхтэрин биир кыайыылааҕа буолан, «Аан дойду виртуоз хомусчута» үрдүк ааты чиэстээхтик сүктэ. Биир идэлээхтэрэ кининэн киэн туттабыт.

     Устудьуоннарбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыскатыгар, «Кыл саха» төрүт дорҕоон бөлөҕүн салайааччытыгар А. И. Томскаяҕа таҥсыр, кыл кырыымпа курдук төрүт саха үнүстүрүмүөннэрин кистэлэҥнэригэр үөрэнэллэр, үүнэллэр-сайдаллар.

     Кэллиэскэ төрүт муусука салаата салгыы сайдарыгар элбэх күүһүн-көмөтүн, сүбэтин-аматын В. В. Обоюкова биэрэр. Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Россия фольклористарын Союһун чилиэнэ, Саха сирин норуоттарын Муусукатын уонна фольклорун түмэлин сүрүн үлэһитэ буолар. Өйөбүл-тирэх буолар киһибитигэр куруук махтана саныыбыт.

      Кэнсиэргэ толоруллубут ырыалар-тойуктар – бу барыта үлэлиир салаам сүрүн репертуара буолаллар. «Кыыллаах арыы» матыыбыгар олоҕуран кырыымпаҕа, хомуска көҥүл хоһуйуу, дэгэрэҥ ырыа хабарҕанан толорор ньыматыгар Үөһээ Дьааҥы ырыаһыта М. Н. Слепцова-Кустуй Маарыйа репертуарыттан «Кымыс ырыата», «Туллук» таҥалай ырыата толоруннулар. Онуоха быйыл саас «Кыым» хаһыакка тахсыбыт Кустуй Маарыйа ыллаан хаалларбыт ырыаларын туһунан Хомус түмэлин исписэлииһэ Е. П. Слепцова ыстатыйата олук буолла.

     — Идиэйэттэн идиэйэ үөскүүрүн тэҥэ, кэнсиэр кэнниттэн туох саҥа санаалар үөскээтилэр?

    — Кэнсиэр кэнниттэн көрөөччүлэрдиин алтыһыы кэмигэр сорох истээччилэр: «Ис-испититтэн ырыаҕа-дорҕооҥҥо уйдаран, санаабытыгар ичигэс-сылаас киирбитин курдук буолла», – диэн санаа үллэстибиттэрэ тэрийээччи кулгааҕар минньигэстик иһиллэр. Онтон ким эрэ: «Мантан ыла куруук саха былыргы ырыатын кэнсиэригэр сылдьар эбиппит. Кынаттаммыт курдук буоллубут», – диэн толорооччу дууһатын таарыйар, инникигэ эрэллиир, санаатын көтөҕөр тыллартан биһиги, тэрийээччилэр, санаабыт көтөҕүллэн, умнуллан эрэр сахалыы былыргы ырыалары өссө тилиннэрэр баҕа санаа сүрэххэ күөдьүччү умайар.

Сорох истээччилэр этиилэринэн: «Кэнсиэр кэнниттэн дуоһуйбучча, санаа үллэстиитэ баара буоллар өссө үчүгэй буолуо этэ», – диэн санааларын үллэһиннилэр.

Тыыннаах доҕуһуолунан, сахалыы куттаах ырыалаах-дорҕоонноох камернай кэнсиэрдэр, көрсүһүүлэр дьон биһирэбилин ылаллара биһигини үөрдэр. Онон, инникигэ былаан үгүс, олор туолуохтара диэн бигэ эрэллээхпит.

Ааҕааччыларга анаан, сэдэхтик ылланар ырыалар тиэкистэрин толору биэрэбит.

Күһүн көтөрү атаарыы

ҥ-ха ҥ-ха Күһүҥҥүлүүр ҥ-ха ҥ-ха халлааммыт

ҥ-ха ҥ-ха Күөхтүүр долгун ҥ-ха ҥ-ха салгынын

ҥ-ха ҥ-ха Күүстээх көмүөл ҥ-ха ҥ-ха тыаһыныы

ҥ-ха ҥ-ха Күүгүнэччи ҥ-ха ҥ-ха дайбааннар

ҥ-ха ҥ-ха Үөр көтөр ҥ-ха ҥ-ха аастылар.

ҥ-ха ҥ-ха Күтүөт-саҥас ҥ-ха ҥ-ха дьоннорбут

ҥ-ха ҥ-ха Үмүөрүччү ҥ-ха ҥ-ха мустаҥҥыт,

ҥ-ха ҥ-ха Үҥкүү-битии ҥ-ха ҥ-ха тэбэҥҥит

ҥ-ха ҥ-ха Үөрэн-көтөн ҥ-ха ҥ-ха атаарыҥ!

ҥ-ха ҥ-ха Лоҥкур-маҕан ҥ-ха ҥ-ха кубалар

ҥ-ха ҥ-ха Хоҥкуначчы ҥ-ха ҥ-ха ыллааннар

ҥ-ха ҥ-ха Туралыһан ҥ-ха ҥ-ха аастылар.

ҥ-ха ҥ-ха Оонньуур-күлэр ҥ-ха ҥ-ха буор сирбит

ҥ-ха ҥ-ха Отун-маһын, ҥ-ха ҥ-ха симэҕин

ҥ-ха ҥ-ха Лоһугуруур ҥ-ха ҥ-ха туорааҕа

ҥ-ха ҥ-ха Тоороммотун ҥ-ха ҥ-ха дэһэннэр

ҥ-ха ҥ-ха Туойан-ыллаан ҥ-ха ҥ-ха аастылар.

ҥ-ха ҥ-ха Дьоруо дугуй ҥ-ха ҥ-ха уолаттар

ҥ-ха ҥ-ха Тоҕой-тоҕой ҥ-ха ҥ-ха сирдэргэ

ҥ-ха ҥ-ха Тоҕуоруһа ҥ-ха ҥ-ха мустаҥҥыт

ҥ-ха ҥ-ха Уруй уоттаах ҥ-ха ҥ-ха алгыһынан

ҥ-ха ҥ-ха Доҕуһуоллаан ҥ-ха ҥ-ха атаарыҥ.

ҥ-ха ҥ-ха Кыталыктыыр ҥ-ха ҥ-ха көтөрдөр,

ҥ-ха ҥ-ха Кылы сыыйа ҥ-ха ҥ-ха тарпыттыы,

ҥ-ха ҥ-ха Кылбаҥнаһан ҥ-ха ҥ-ха аастылар.

ҥ-ха ҥ-ха Кыра саха ҥ-ха ҥ-ха дьонноро

ҥ-ха ҥ-ха Кыһалҕалаах ҥ-ха ҥ-ха олоҕу

ҥ-ха ҥ-ха Кыйдаан-үүрэн ҥ-ха ҥ-ха тураҥҥыт,

ҥ-ха ҥ-ха Тырым сырдык ҥ-ха ҥ-ха олоҕу

ҥ-ха ҥ-ха Арыалланыҥ ҥ-ха ҥ-ха дэстилэр.

ҥ-ха ҥ-ха Кыргыттардыын ҥ-ха ҥ-ха тахсаҥҥыт

ҥ-ха ҥ-ха Кылдьыы көмүс ҥ-ха ҥ-ха симэҕи

ҥ-ха ҥ-ха Кыыгыначчы ҥ-ха ҥ-ха хамсатан,

ҥ-ха ҥ-ха Кыттан-түмсэн ҥ-ха ҥ-ха атаарыҥ.

ҥ-ха ҥ-ха Күннээх айыы ҥ-ха ҥ-ха дойдутун

ҥ-ха ҥ-ха Күөмэйинэн ҥ-ха ҥ-ха көҕөрдөр

ҥ-ха ҥ-ха Күөрэгэйдиир ҥ-ха ҥ-ха ырыата

ҥ-ха ҥ-ха Мүөттээх хочо ҥ-ха ҥ-ха быыһыгар

ҥ-ха ҥ-ха Күндү ньээкэ ҥ-ха ҥ-ха уйатын,

ҥ-ха ҥ-ха Күөхтэй куорсун ҥ-ха ҥ-ха оҕотун,

ҥ-ха ҥ-ха Түөлбэ мыраан ҥ-ха ҥ-ха алааһын

ҥ-ха ҥ-ха Күөйэ көттө, ҥ-ха ҥ-ха эргийдэ.

ҥ-ха ҥ-ха Оччугуйдуур ҥ-ха ҥ-ха тумсуттан

ҥ-ха ҥ-ха Томтор көмүс ҥ-ха ҥ-ха тойугун

ҥ-ха ҥ-ха Суккуйаахтаан ҥ-ха ҥ-ха бүтэрэн,

ҥ-ха ҥ-ха Тумарык маҕан ҥ-ха ҥ-ха халлааҥҥа

ҥ-ха ҥ-ха Оноҕостуу ҥ-ха ҥ-ха сурулаан,

ҥ-ха ҥ-ха Туман былыт ҥ-ха ҥ-ха быыһынан

ҥ-ха ҥ-ха Чугдаарыйан ҥ-ха ҥ-ха аттанна.

ҥ-ха ҥ-ха Атаараалыыр ҥ-ха ҥ-ха сэптэрбит

ҥ-ха ҥ-ха Алыптардаах ҥ-ха ҥ-ха тыастарбын

ҥ-ха ҥ-ха Атахтарга ҥ-ха ҥ-ха тэҥнээммит

ҥ-ха ҥ-ха Халыҥ көтөр ҥ-ха ҥ-ха үөрдэрин

ҥ-ха ҥ-ха Айаннарын ҥ-ха ҥ-ха алгыаҕыҥ!

Ырыа тиэкиһэ Э. Е. Алексеев. Н. Н. Николаева «Образцы якутского песенного фольклора» хомуурунньугуттан (Дьокуускай, 1981) ылылынна. Оттон ырыа туһунан П. Е. Слепцов (Абый) тус ахтыытыгар маннык этиллэр: «Былыргы норуот тыла уонна матыыба. П. Е. Слепцов сурукка түһэриитэ. Хаҥсаарынан ылланар ырыа» диэн.

Биһик ырыата

Утуй, сынньан, оҕокком,

Устар түүнү билбэккэ,

Үөрэ-көтө оонньообут,

Оһуор ойуу сибэккиҥ,

Үүнэр күнү көһүтэн,

Нухарыйан нуурайда.

Бигэн, нуктаа, биэбэккэм,

Утуй, сынньан, оҕокком.

Кэлэн иһэр кэскилиҥ,

Кэрэ эдэр күннэриҥ

Сарсыардааҥы саһарҕа

Сарыалынан тоһуйар.

Дьоллоох оҕо сааскын

Ким да уйгуурдуо суоҕа.

Бигэн, нуктаа, биэбэккэм,

Утуй, сынньан, оҕокком.

Киэһээҥибит ааста,

Кэлии-барыы тохтоото,

Толоон, ойуур хараҥа,

Тула өттүҥ уу чуумпу.

Үүнэр күҥҥүн көрсүһэ,

Үөрэ-көтө улаатыаҥ.

Бигэн, нуктаа, биэбэккэм,

Утуй, сынньан, оҕокком.

      «Биһик ырыатын» туһунан Э. Е. Алексеев сайтыгар маннык суруллар: «Колыбельная песня. Записали Н. М. Бачинская и К. Г. Свитова в 1946 году в кабинете народной музыки Московской консерватории им. П. И. Чайковского от У. Г. Нохсорова. Нотация Э. Алексеева. Редкий образец лирической напевной колыбельной, гибкой по ритму и песенно выразительной. В тексте и интонационных оборотах заметно органически претворенное эвенкийское песенное влияние».

     Үөһэ бэриллибит «Биһик ырыатын» тиэкиһэ Д. Д. Данилов «Якутские народные песни» (Якутск, 1975) хомуурунньуктан ылылынна. Хомуурунньукка «Алексеевскай оройуонун Ытык Күөл бөһүөлэгин олохтооҕо Д. П. Северьяноваттан 1960 сыллаахха сурулунна» диэн бэлиэтэммит.

     Ырыа аргыстаах, хомус куттаах, эдэр киһиэхэ Надеждаҕа инники былааннара олоххо киирэн, туолан иһэллэригэр баҕа санаабын эттим уонна саха сиэринэн, ырыаны-тойугу, хомуһу киһи чуумпуран олорон истэр кэмнэрдээх эбитин санаттым. Онон аан дойду иһийэр кэмигэр уу-чуумпуга, киһи бэйэтин кытта киһи-олох диэн тугун бөлөһүөпүйэлиир кэмигэр саха былыргы ырыатын туһунан тэрээһин ыытылларын кэтэһэбит.

Кэпсэттэ Слепцова Е. П.,

Хомус түмэлин исписэлииһэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: