Ырыа куттаах эдэр киһи дьокутаат бэлэҕин тутта
Бу күннэргэ Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгин «Дайыы» айар түмсүүтэ Ил Түмэн дьокутаата кинилэр баҕа санааларын таба өйдөөн, көрдөһүүлэрин ылыммытыттан бэркэ үөрэн олороллор.
Бу туһунан «Дайыы» түмсүү салайааччыта Елизавета Наумова сонунун маннык үллэһиннэ:
— Аныгы үйэ дьоно буоларбыт быһыытынан, билигин билэр-билбэт дьоммутун кытта социальнай ситиминэн кэпсэтэн билсэбит, наадабытын быһаарсабыт. Биир үтүө күн «Ырыа — олоҕум аргыһа» диэн бөлөххө киирэн, Саха сирин араас муннугуттан ырыа куттаах, үтүө санаалаах дьону кытта билсэн бардым. Манна Артем диэн «админ» уол дьон туох ырыаны көрдөһөрүн видеоттан булан ыытан иһэрин кэрэхсээтим. Аны ол быыһыгар бэйэтэ ырыа суруйан, гитаранан ырыа ыллаан ыыппытын көрөн, «дьэ, талааннаах да ыччат эбит…» дии санаатым. «Хаһан да «суох, кыаллыбат» диэни билбэт эбит дуу?» диэн сөҕөн, бэйэтин кытта билсибитим, бэйэлээх бэйэбит нэһилиэкпит ыччата буолан биэрдэ. Аҥардас ийэ оҕото, төрүөҕүттэн инбэлиит киһи, сүрэҕин баҕатын күүһүнэн ырыаны аргыс оҥостон, бэйэтин эрэ буолбакка, тулалыыр дьонун олоҕун ураты ис хоһооннуурга дьулуһар. Биирдэ эмэ улахан тэрээһиннэргэ «Туску» сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ көрдөстөхтөрүнэ, Артем үөрүүнү кытта сөбүлэһэн, дьонугар арыаллатан кэлэн «Ырыа — олоҕум аргыһа» диэн ааттаан, ис дууһатыттан тахсар ырыаларын ыллаан, дьону үөрдэн, бэйэтэ дууһалыын сырдаан барар.
Бу талааннаах эдэр киһи, ис сүрэҕиттэн таһаарар сөбүлүүр ырыаларын ыллаан, ырыа айан, баҕар биир эмэ нэһилиэкпит оҕото кинини көрөн, ырыа кэрэ эйгэтигэр уһуйуллуо диэн санаанан салайтаран, биир күн Бүлүү улууһуттан Ил Түмэн дьокутаатыгар Александр Гоголевка талааннаах ыччаппытын өйөөн, ырыа таҥан оҥороругар сыһыаннаах тэрили бэлэхтииригэр көрдөһөн сурук суруйбуппут. Биһиги дьолбутугар диэххэ дуу, дьокутааппыт өр гыммакка, ноутбук уонна онно анаммыт устар тэрил, микрофон, наушник ыытан үөртэ. Артеммутугар дьокутаат бэлэҕин туттаран, талааннаах эдэр киһи онтон олус үөрэн, «дьэ, мантан инньэ айыам-тутуом да буоллаҕа!» диэн санаата өссө күүһүрдэ, былаана үксээтэ. Александр Васильевич, билбэт дьонум диэбэккэ, көрдөһүүбүтүн ылынан, сырдыкка уонна кэрэҕэ баҕалаах ыччаттарбытын өйүүрэ — хайҕаллаах суол. Дьокутааппытыгар «норуотуҥ махталын ылан, өссө үрдүктэн үрдүккэ дабайан ис, өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар сүҥкэн кылааккын киллэрэн, туруорбут соругуҥ туолан истин!» диэн алҕаатахпыт буоллун. Ырыа куттаах уолбутун Артем Барчалыровы бүгүҥҥү Ырыа күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Саҥаттан саҥа ырыалары айан, бар дьонун үөрдэ тураргар баҕарабыт.
… Ити курдук, ыраах Кыргыдайга олорор доруобуйатыгар хааччахтаах талааннаах эдэр киһи баҕа санаата туолан, саҥаттан саҥа ырыалары айан, сонун муусуканы таҥан, айар алыпка өссө ылларарыгар кыах бэрилиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: