Ырыа Мэҥкээр сиэнэ
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных снегов») киинэ көрөөччүгэ таҕыста. Бу киинэҕэ биир сүрүн оруолга Гаврил Менкяров уһуллубута. Аныгы кэмҥэ таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар талааннаах артыыс, режиссер, сценарист, продюсер Гаврил Менкяровы кытта кэпсэттибит.
Гаврил Менкяров Бүлүү улууһун I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, оҕо сааһа ааспыта. Кыра эрдэҕиттэн оһуохайга, тойукка, ырыаҕа-үҥкүүгэ дьоҕурдааҕа биллэн, сыанаттан түспэт этэ, рөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэргэ кыттара, драма куруһуогун туруорууларыгар оонньуура. Бу кэмтэн артыыс буоларга ыһаарыммыта.
Ийэтэ Альбина Кирилловна хореограф идэлээх буолан, уһуйааҥҥа үлэлээбитэ. Аҕата Семен Гаврилович агроном этэ, онтон бааһынай хаһаайыстыбатын тэриммитэ. Онон үс уоллара хаһаайыстыбаҕа үлэлээн, оттоон-мастаан улааппыттара. Хос-хос эһээтэ Ырыа Мэҥкээр диэн биллэр олоҥхоһут этэ. Эдьигээн улууһугар Мэҥкэрэ диэн үрэх баар, өбүгэлэрэ ол аттыгар олорбуттара. Онон сэдэх араспаанньалара ол үрэх аатынан буолуохтаах диэн сабаҕалааһын баар.
2008 сыллаахха Арктикатааҕы ускуустуба, култуура институтугар артыыс салаатыгар киирбитэ. Үөрэҕин кыһыл дьупулуомнаах бүтэрбитигэр, тута Олоҥхо тыйаатырыгар ылбыттара. Маны тэҥэ, 2014 — 2019 сылларга Саха тыйаатырыгар артыыс быһыытынан эмиэ үлэлээбитэ. Кини кыайбатах оруола диэн суох быһыылаах – ойуун, чөмпүйүөн тустуук, мадьыны, ырыаһыт, күлүгээн, абааһы уола, ыт…
Гаврил элбэх оҕолоох аҕа. Кэргэнэ саха тэлэбиидэнньэтигэр оҕо ханаалын эрэдээктэринэн үлэлиир. Мичийэ уонна игирэ Эрсан, Сандаара диэн оҕолоохтор.
Быйыл Арктикатааҕы ускуустуба, култуура институтугар хос үөрэнэн, режиссер идэтин баһылаата. Режиссер быһыытынан «Ала Булкун», «Уоттаах болот оонньуурдаах Улуу Даарын», «Сылгы уола Дыырай бухатыыр» испэктээктэри туруорбута.
АРТЫЫС ИДЭТИН УУСТУКТАРА
– Гаврил, кэнники кэмҥэ тугу үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаҕын?
– Бэҕэһээ “Хардааччы Бэргэн” диэн испэктээкпитин Москваҕа Губернскай тыйаатырга “Уроки режиссуры” диэн бэстибээл ыҥырыытынан кэлэн, оонньоотубут. Тыйаатыр толору киһи кэлбит, көрөөччүлэр өйдөөтүлэр, астыннылар.
Сүрүннээн Олоҥхо декадатыгар бэлэмнэнэ сылдьабыт. Тыйаатыры таһынан, “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаҕа үлэлиибин. Онно ойуулуктары сахалыы саҥардабын, оҕолорго көмөлөһөбүн, уустаан-ураннаан, артыыстаан саҥаралларыгар үөрэтэбин. Бу олус суолталаах бырайыак буолар.
– Тыйаатырга да, киинэҕэ да араас оруолу оонньоотуҥ. Саамай ыарахан оруолуҥ ханнык этэй?
– Оруол барыта туох эрэ ыарахаттардаах буолар. Холобур, “Дьикти саас” киинэҕэ Гасаны оонньуурбар аан бастакыбын акка олорбутум.
Ол иннинэ аты миинэ илик этим, онон уустуктары көрсүбүтүм. “Айыы Уолугар” Айыы Уолун ураты хамсаныыларын үөрэтэр, кини курдук ыллыыр ыарахаттардаах этэ. Кини оруолугар үс ый бэлэмнэммитим. “Бөртөлүөт” киинэҕэ хоту дойду дохсун сүүрүктээх үрэҕин муустаах уутугар киирэр, атах сыгынньаҕын хаардаах хайалары дабайар ыарахан этэ.
“Триумф” киинэҕэ Павел Пинигини Монреальга тиийэн, олимпиадаҕа киирсэр түгэнин оонньуурбар, чөмпүйүөн курдук туттан-хаптан тустар ыарахан этэ. “Хаар куйаар номохторугар” эмиэ кыһыҥҥы тымныыга сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри ат үрдүгэр олорор ыарахана. Ити курдук, хас биирдии оруолга туох эрэ туспа ыарахаттардаах буолар.
Онон артыыс идэтин чэпчэки диир кыаллыбата буолуо…
– Оттон оруолгар хайдах киирэҕиний?
Оруолбар киирэрбэр эрдэттэн матырыйаалы үөрэтэбин. Холобур, суруллубут айымньы буоллаҕына, ол дьоруойуҥ хайдах киһи буоларын, майгытын-сигилитин сиһилии билиэхтээххин. Билигин баар эбэтэр олоро сылдьыбыт киһи буоллаҕына, олоҕун, биографиятын бүтүннүү үөрэтэҕин. Бэйэҕэр сыһыаран, “кэтэн” көрөҕүн. Бэйэҕэр майгынныыр өрүттэрин көрдүүгүн.
Майгыннаабат өрүттэрин хайдах оҥоруохха сөбүй диэн толкуйдуугун. Сүрүннээн, бэйэҥ майгыгын, эккин-сииҥҥин,саҥаҕын дириҥник үөрэтэн, билиэхтээххин.
РЕЖИССЕР – ДЭГИТТЭР ИДЭ
– Оттон режиссер быһыытынан, туох ыарахаттары көрүстүҥ?
– Режиссер быһыытынан Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлиибин. Наһаа элбэҕэ суох да буоллар, син хас да испэктээги туруорбутум. Чиэһинэйдик эттэххэ, режиссер үлэтин ыарырҕаттым.
Бу кэлэктиибинэн үлэ буолар. Артыыс быһыытынан, тус бэйэм уобараспын оҥороммун, режиссеру уонна партнербын кытта өйдөһүөхпүн наада буолар. Кырата икки киһини кытта. Оттон режиссер буоллаххына, эн бүтүн кэлэктииби биир долгуҥҥа, биир тэтимҥэ киллэриэхтээххин. Барыларыгар тугу эрэ өйдөтүөххүн, тиэрдиэххин наада. Ол өйдөппүккүн кинилэр оонньоон, көрөөччүгэ тиэрдэн, дууһатын таарыйыахтаахтар. Бу олус ыарахан сорук.
Аҥаардас матырыйаалы эрэ билии уонна тугу этиэххин баҕараргын өйдөөһүн сөп гыммат эбит. Араас дьоҕурдаах, тэрийэр үлэни сатыыр, айар үлэ хаамыытын барытын салайар буолуохха наада. Кырдьыгынан эттэххэ, итини барытын сатаабакка сылдьабын диэххэ сөп. Ол иһин кэнники бакаа аҕыйах дьонноох, дьоҕус испэктээктэри туруоруохха сөп диэн саныы сылдьабын.
– Инники былааннаргыттан сырдаттаххына?..
– Инники былааннар бааллар. Ону саха сиэринэн, улаханнык сырдаппакка, быһа этэн эбиспэккэ, харыстаан илдьэ сылдьарбын ордоробун. Олоҥхо тыйаатырыгар, саха тэлэбиидэнньэтигэр үлэлиибин, киинэҕэ уһуллабын, саҥа бырайыактар да баар буолуохтара.
Наҕараадалара
2019 с. «Имя культуры» норуот билиниитин Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай куонкуруһугар — «Прорыв в профессию» номинация кыайыылааҕа.
2022 с. «Алафейская гора» киинэ бэстибээлигэр (Тобольскай к.) – “Бастыҥ артыыс” («Дьулуур: мас-рестлинг»).
2022 с. “Чыпчаал” киинэ бириэмийэтэ — “Бастыҥ артыыс” (“Вертолет”).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: