Ырыа норуоттары сомоҕолуур күүстээх

Ырыа норуоттары сомоҕолуур күүстээх

23.07.2024, 20:05
Хаартыска уонна видео -- Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин телеграм-ханаала.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр 135 араас омук бэрэстэбиитэлэ биир дьиэ кэргэн курдук эйэ-дэмнээхтик олорор.

Араас омук дьоно бэйэ-бэйэлэрин култуураларын, сиэрдэрин-туомнарын, ырыаларын-тойуктарын үөрэтэллэр, үйэтитэргэ өйөбүл буолаллар. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр норуот ырыаларыттан ордук киһи дууһатыгар өтөн киирэр, сырдык ыралыыр, ыраастыыр, ама, туох баар буолуой?..

Ырыа эмиэ дууһалаах, дойдутун дьиҥнээх патриота, былыргы култуурунай төрүттэрин таптыыр, сыаналыыр эрэ кини кэрэтин тириэрдэр кыахтаах”, диэн санаалаахтар А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин иһинэн тэриллибит араас омук дьоно састааптаах  ырыаһыттар бөлөхтөрүн кыттыылаахтара. Сахая Нохсорова, Татьяна Соросова-Балаганчик, Елизавета Глаголева, Валерий Сергеев кыттыылаах квартет 11 араас омук ырыаларын толоруулара – тылбааһа да суох киэҥ Арассыыйабыт кэскилигэр угуйар, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: