Салгыы
Ырыа Саарын саҥа килиибин сүрэхтээтэ

Ырыа Саарын саҥа килиибин сүрэхтээтэ

02.11.2024, 18:55
Ангелина Васильева хаартыската.
Бөлөххө киир:

Бүгүн, сэтинньи 2 күнүгэр, СӨ үтүөлээх артыыһа Александр Дьячковскай-Ырыа Саарын саҥа килиибин сүрэхтээһинэ буолла.

«Күн көрө» диэн ырыаны Былатыан Ойуунускай тылларыгар Валентина Романова-Чыскыырай суруйбут. Килииби режиссер Любовь Борисова, оператор Семен Аманатов уһуллулар.

Бастаан Саха тыйаатырын артыыската Татьяна Легантьева ‘»Күн көрө» хоһоону кыл кырыымпа доҕуһуолунан бэрт иэйиилээхтик аахта. Дмитрий Артемьев алгыс сиэрин-туомун ыытта, манна Саарын бэйэтэ хомустаата.

Бу илбистээх хоһоону Ойуунускай 1926 сыллаахха суруйбут. Оттон Чыскыырай хоһоону ааҕа олордоҕуна, матыыба кутуллан киирэн барбыт. Саарын куолаһыгар наһаа барсар, кини ситэн-хотон, маннык таһымнаах ырыаларга тиийдэ диэн кини эттэ. Ырыаны Саарын сылы быһа чочуйан оҥорбут, бэйэтэ этэринэн, хайдах эрэ туга эрэ тиийбэтин биллэрэр эбит.

Сүрүн оруолга Саарын бэйэтэ оонньоон, атын уобараһы арыйда. Сэгэтэн кэпсиир буоллахха, репрессия миэлиҥсэтигэр ойуун түбэһэрэ, үрүҥ күн күндүтэ, көҥүлгэ талаһара көстөр. Бу сайын Мэҥэҕэ Манчаары алааһыгар уһулбуттар.
Култуура миниистирэ Афанасий Ноев:

— Биһиги Күн Өркөн оҕолоро, Ойуунускай сиэннэрэ буоллахпыт. Быйыл Сардаана Ойуунускайа дьоро күннэрэ буолбуттара. Онон бу үлэ эмиэ бэлэх курдук буолла. Улуу убайбыт хоһоонугар Чыскыырай ырыа айан, талааннаах дьоммут холбоһон, эттээн-сииннээн, уобарастаан, бэртээхэй айымньыны таһаардылар.
Килиипкэ Ойуунускай тиһэх күннэрин дьүһүйүү баар диэн көрдүм. Киһи киһи араастык көрөр. Саарыҥҥа Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлиэҕиттэн, атын суол арыллан эрэр диэн көрөбүн. Килииби оҕолорго, ыччаттарга хайаан да көрдөрүөххэ наада, — диэн бэлиэтээтэ.

Норуодунай суруйааччы, Ойуунускай сиэн балта Елена Слепцова-Куорсуннаах:
— Күнэ сөп түбэстэ, алтынньы 31 күнүгэр Платон Алексеевич өлбүт күнэ, аны аҕыйах күнүнэн өрөгөйдөөх Өктөөп бырааһынньыга уонна кини төрөөбүт күнэ буолуохтара.

Хайдах эрэ олус медитативнай, турукка киллэрэр ырыа буолбут диэн сыаналаатым. Саарын аан дойдуга суох ураты куоластаах ырыаһыт. Бу ырыа кини куолаһын дэгэтин барытын арыйбыт. Ол эрээри, килиибэ ырыатын баһыйбыт дии санаатым.

СӨ норуодунай суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа:

— Саарын кэнники икки килиибэ күнү кытта ситимнээхтэр. «Күннээх дуоҕа» ырыаҕа килиип устарбытыгар, ардахтаах күн аламай күммүт арылыйан тахсыбыта, онно ырыаһыппыт айылҕалаах эбит диэбиппит.

Билиҥҥи кэмҥэ толкуйдатар, дириҥ ис хоһоонноох айымньылар тахсаллара наһаа наадалаах. Уолбат ойбон курдук классиктарбыт айымньылара манна көмөлөөхтөр. «Ойуун өлбөт» диэн өйдөбүлү бу килиип ыччаттарга тиэрдиэҕэ, өйдөтүөҕэ, — диэн эттэ.

Бу дьоро киэһэ Саарын сүгүрүйээччилэрэ, ырыаны-тойугу, ускуустубаны сэргээччилэр мустан, килииби көрөн, ирэ-хоро кэпсэтэн, ырытыһан тарҕастылар.

+1
11
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 83% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: