Салгыы
Ырыа түһүлгэтигэр — Сунтаар кыргыттара

Ырыа түһүлгэтигэр — Сунтаар кыргыттара

Ааптар:
25.11.2023, 16:38
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Суруйар остуолбар кинигэ сытар. “Ырыа түһүлгэтигэр — Сунтаар кыргыттара “ диэн Сунтаарым ырыа куттаах кыргыттарын айар үлэлэрин, тус олохторун туһунан суруйууларбын, кинилэри кытта сэһэргэһиибин бииргэ түмэн таһаартарбыт кинигэм. Арай, бүгүн арыйан көрбүтүм, оруобуна 10 cыл анараа өттүгэр, 2013 сыллаахха күн сирин көрбүт эбит!

Кинигэ “Сайдам “кинигэ кыһатыгар, Сунтаар улууһун култуураҕа управлениетын  оччотооҕу начаалынньыга  Мария Афанасьевна Тараярова быһаччы өйөбүлүнэн күн сирин көрбүтэ. Бэчээттэнэн тахсаат даҕаны, этэргэ дылы, “буруолаабытынан» Опера уонна балет тыйаатырын фойетыгар Сунтаарбыт кыргыттара  ылбаҕай ырыаларынан дьон-сэргэ кутун туппут, эмискэ күн сириттэн куотан ытаппыт-ыллаппыт дьүөгэлэрин Ангелина Файрушина “Ырыа кыыс “ сырдык кэриэһигэр бары түмсэн кэнсиэрдии турдахтарына атыыланан бүппүтэ, кэнсиэркэ кэлбит дьон саалаҕа илдьэ киирбиттэрэ.
“Эҥсиллэр эһиэкэй, дорҕоонноох тойук, ылбаҕай ырыа дойдутуттан төрүттээх кыргыттар ырыаларыгар ураты тыын баар дии саныыбын. Кинилэр ырыаларыгар Сунтаарбыт пааркатын хатыҥын суугуна, ыһыахпыт үрүҥ түүнэ, Бүлүү эбэккэбит оргууй уста сытара, күөх ньургуһуммут нуоҕайа тыллан эрэрэ, сыа хаарбыт түһэн намылытара, Сунтаар дьонугар, Сунтаарга сылдьыбыт, ыалдьыттаабыт, сунтаардардыын алтыспыт дьоҥҥо өйдөнөр — барыта баар курдук. Ол иһин биһиги кыргыттарбыт айар киэһэлэригэр дьон-сэргэ иһирэх иэйиилэргэ куустараары сааланы толору мустар, атын улуустарга тиийдэхтэринэ биһирии, үөрэ-көтө көрсөллөр.
Сайылык саҕатынан, хатыҥ чараҥ быыһынан ырыа кэһиилээх Сунтаар кыргыттара хааман долгулдьуһан киирэн иһэллэр! Көрсүөҕүҥ кинилэри дохсун ытыс тыаһынан, дьаарбайыаҕыҥ кинилэри кытта эгэлгэ сибэккинэн симэммит кэрэ ырыа кырдалыгар биир дойдулаах ырыаһыт кыргыттарым туһунан кинигэм киирии тылын долгуйан, иэйэн олорон итинник киирии тылынан доҕуһуоллаабыт эбиппин.


Оттон бэҕэһээ, айар үлэ умсулҕаныгар ылларбыт, хас биирдиилэрэ туспа суоллаах-иистээх, куоластаах, ырыа хоһоон куттаах далбардарбыт “Cунтаар суһума “ диэн айар түмсүүлэринэн Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр улахан кэнсиэртэрин астына-дуоһуйа көрдүбүт, ахтылҕаннаах төрөөбүт дойдубутунан, кини аатын ырыанан симиир, хоһоонунан хоһуйар биир дойдулаахтарбытынан киэн туттуу иһирэх иэйиитигэр куустардыбыт. Киэһэни айар бөлөх салайааччыта, саха народнай бэйиэтэ Наталья Михалева ырыаһыт дьүөгэлэрин хас биирдиилэрин туһунан бэрт ылбаҕайдык кэпсээн-ипсээн, салайан ыытта.
Сааланы толору мустубут көрөөччүлэр сунтаардыы сылаас, истиҥ, иһирэх ырыа сылаас эйгэтигэр долгуйа куустардылар. Сунтаар Күөрэгэйин — Людмила Спиридонова ураты кэрэ куолаһын кылыһаҕа уйадыта долгутта, Фатина Иванова-Дунаайа бу сырыыга хаары буолбакка, араҕас сэбирдэхтэри ылбаҕай ырыанан көччүтэ көтүттэ, аан дойду аарыгырар аартыктарынан саха хомуһун дьиэрэһитэр, ырыатын-тойугун иһитиннэрэр кыыспыт Юлия Кривошапкина-Дьүрүйээнэ талба талаанын сөҕө-махтайа да көрдүбүт. Аҥардас сыанаҕа киирэн иһэринэн сэргэхситэр, тапталлаах ырыаһыппыт Тамара Попова-Хадаана олоҕун аргыһыныын Владимир Татариновтыын, кэрэчээн ырыаһыт ымыыбыт Санита Ай кэргэниниин Эрхаанныын киириилэрин көрөөччү дохсун ытыс тыаһынан көрүстэ.


Кэнсиэр эрдэттэн этиллибитин курдук уратылаах буолла. Кыргыттарбыт бары саха ыалын күн күбэй ийэлэрэ, эйэҕэс эбээлэрэ дьон, оҕолорун, сиэннэрин киэҥ түһүлгэҕэ сиэтэн таһаарыылара киэһэни олус истиҥ, иһирэх оҥордо. Ол курдук Наталья Михалева улахан кыыһа София Айхаана, Фатина Иванова быыкаа эрдэхтэриттэн эбээ биһигин ырыатынан улаатыннарбыт сиэн кыргыттара Вика, Настя Румянцевалар, Людмила Спиридонова кыыһа Мария Акимова ылбаҕай ырыалары бэлэхтээтилэр. Ис иһиттэн кэрэ, туспа тыыннаах куоластаах Екатерина Софронова-Кыталык Куо дьиэ кэргэнин бука барыларын илдьэ тахсыбытын наһаа да долгуйа, киэн тутта көрдүм. Ордук Екатерина төрөппүттэрин Сунтаарбыт киэн туттар, айылҕаттан талааннаах дьиэ кэргэнин Фрументий Петрович, Нина Ильинична Софроновтар оннуларыгар сананан, кинилэр сахалыы сэмэй үөрүүлэрин үөрүү гынным! Екатерина ырбаахытын тэллэҕиттэн тутуһан тахсыбыт түөрт уолчаан эһээ, эбээ дьоллоро, утумнааччылара ыллаан-туойан да турдахтарына соһуйуохпут суоҕа эбээт!
Кыһыҥҥы нуһараҥ, сылаас киэһэҕэ буолбут ырыа түһүлгэтин “Алгыстаах доҕордоһуу “үҥкүү бөлөҕө доҕуһуоллаабыта, айар бөлөх араас кэмҥэ уһуллубут элбэх клиптэрэ экраҥҥа көстө турбута силигин ситэрэ олус киэргэттэ.
Дьэ ити курдук, дойдубут сылаас салгынынан тыынныбыт, ырыа кэһиилээх “Сунтаар суһумуттан’’ кутуллар иһирэх матыыптарынан дуоһуйа угуттанныбыт. Сунтаар кыргыттарын кэнсиэрин анаан-минээн көрө кэлбит ыалдьыттар астыммыт кэпсэтиилэриттэн киэн тутта үөрдүбүт.

Галина НЕЛЬБИСОВА

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: